Бу дьыл-хонук диэни аахсыбат хит ырыа хас биирдии оскуоланы бүтэрээччи сүрэҕин-быарын ортотунан ааспыта буолуо. Номнуо 27 сыл тухары араас көлүөнэ ыччат «Бүтэһик чуораан» күнүгэр үөрүү-дьол, ону кытта санньыар санаа аргыстаах ыллаан-туойан кэллэ, өссө да ыллыа турдаҕа…
Оскуоланы кытта быраһаайдаһан, оҕо саастыын арахсан, бүтэһик чуорааны чугдаардар күн хас биирдии киһиэхэ олус долгутуулаах, хаһан да хатыламмат уонна умнуллубат. Оннук иэйииттэн саҕыллан үөскээбит кэрэ ырыа матыыбын ааптара, толорооччута Николай Андросов буоларын бары бэркэ диэн билэбит. Кини билигин П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар муусука учууталынан үлэлии-хамсыы сылдьар. Николай Михайлович бүгүҥҥү чаҕылхай күҥҥэ сыллары уҥуордаан, сүрэҕинэн, санаатынан ол кэмнэргэ тиийэн, үөрэммит оскуолатын, учууталларын, доҕотторун, «Бүтэһик чуораанын» ахтан-санаан ааста:
Ырыа хайдах үөскээбитэй?
– Мин оҕо сааһым Уус Алдан улууһун Сыырдаах бөһүөлэгэр ааспыта. 1993 сыллаахха оскуоланы бүтэрэрбитигэр кылааспытыгар 17 этибит. Олус доҕордуу, иллээх сыһыаннаах буоларбыт. «Быраһаай, оскуолам!» ырыа оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар үөскээбитэ. Оччолорго бүтэһик чуорааҥҥа аналлаах саамай биллэр ырыа «Умнуллубат онус кылаас» диэн этэ. Биһиги 11 кылаастар буоллахпыт дии… Соччо барсыбат курдук санаан, бэйэбитигэр сөптөөх ырыаны айарга быһаарыммыппыт. Кылааһынньыгым Григорий Тарскай тылын суруйбута, мин матыыбын айбытым. «Бүтэһик чуораан» хит буолуо диэн санаан да көрбөтөх буоллахпыт.
“Бүтэһик чуорааммытыгар” сүрэхтэммитэ
–Аан бастаан бэйэбит бырааһынньыкпытыгар кылааһынан ыллаан сүрэхтээбиппит. Доҕотторум бары хос ырыатын ыллаан миэхэ көмөлөспүттэрэ. Ол күн наһаа былыттаах күн буолбута. Ардах түһүүһү диэн декорациябытын барытын оскуола саалатыгар киллэрээри сырыттахпытына, хара былыттар сыыйа астыйан, күммүт күлүмүрдээн көрөн кэлбитин наһаа дьэҥкэтик өйдөөн хаалбыппын.
Иэйиини романтика саҕара
– Оччотооҕу тыа сирин оҕолоро айылҕалыын ыкса алтыһан, үлэҕэ эт илиибитинэн эриллэн улааттахпыт. Ол да иһин олох очурдарыттан толлубат эр санаалаахпыт, кистэлэҥ кыахтаахпыт буолуо. Кылааспыт уолаттара бары кэриэтэ матасыыкыллаах этибит. Дэриэбинэни, алаастары биир гына көтүтүү бөҕө буоларбыт. Ити барыта романтика дэнэр буоллаҕа дии. Ол түмүгэр үйэлээх ырыалар үөскээбиттэрэ. Ол курдук «Доҕорун сүтэрбит туруйа», «Мин таптыыр, эрэнэр эрэлим», «Сыырдаах эбэм барахсан» суруллубуттара.
Оскуоланы бүтэрээччилэр, төһө да ыарахан кэмнэр сатыылааталлар, санааҕытынан күүстээх буолуҥ! Эксээмэннэргитин ситиһиилээхтик туттаран, талбыт идэҕитигэр киирэн, дойдугутугар туһалаах дьон буола үүнэргитигэр баҕарабын!
Быраһаай, оскуолам!
Бүтэһик чуорааны тыаһатан,
Оскуола дьиэбиттэн тэйдэҕим,
Өссө биир үктэли дабайан,
Олох киэҥ аартыгар үктэнним.
Хос ырыата:
Быраһаай оскуолам,
Быраһаай, быраһаай!
Кыталык буоламмын,
Көтөбүн мин алааспыттан, алааспыттан.
Өйдүүбүн суумкабын сүгэммин
Маҥнайгы кылааска киирбиппин,
Билии киэҥ аартыгар атаарбыт
Кырдьагас мин эбэм алгыһын.
Хос ырыата.
Өйдүүбүн сибэкки тутуурдаах
Маҥнайгы чуорааҥҥа кэлбиппин,
Кулгаахпар бу баардыы иһиллэр
Маҥнайгы чуорааным чугдаарар!
Хос ырыата.