Булуҥ улууһун Бороҕон орто агро-оскуолаҕа ураты хайысхалаах көс лааҕыр үлэлиир.
“Биһиги оскуолабыт агро хайысхаламмыта 6 сыл буолла. Бастаан утаа, 730 табалаах этибит, онтон 1300 төбөлөммүппүт. Оскуола үлэһитэ Мирена Яковлевна Дьячковская оҕолордуун бииргэ сылдьан үгүс үтүөҕэ угуйар. Кинилэр ыстаада маршрутунан 4-5 хоно-хоно салгыы айаннаан, таба ааҕыытыгар, мас мастааһыҥҥа, хараал абырахтааһыҥҥа, бэтэринээрдэргэ көмөлөһөллөр. Оҕолор айылҕаҕа уонна табаларга сыстаҕас буолаллар, өйдөрө-санаалара бөҕөргүүр, норуот үгэстэрин ытыктыы улааталлар”, – диэн кэпсиир оскуола дириэктэрэ Жанна Прокопьевна Осипова.
Мирена Яковлевна Дьячковская, лааҕыр салайааччыта:
– Биһиги лааҕырбыт үлэлээбитэ алтыс сыла. Оҕолорбут сайынын ыстаадаҕа үлэлээн, хамнастаналлар. Бөһүөлэктэн оскуолабыт 750 табаны ааҕан ылан, уруккуттан үлэлиир эдэр дьонтон биригээдэ тэриллибитэ. Сайын ыстаадаҕа 5-6 улахан оҕо тахсан, табаһыт идэтин кытта билсэр, төһүү күүс буолар. Кыргыттар ас астыыллар, дьиэ ис-тас үлэтигэр, табаны көрүүгэ-харайыыга үлэлииллэр. Оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьаллар. Ол быыһыгар оҕо-оҕо курдук оонньууллар, айылҕалыын алтыһаллар: балыктыыллар, бултууллар, сир астыыллар, кыыл-сүөл олоҕун, үүнээйини кэтээн көрөллөр, гербарий хомуйаллар, эмтээх оттору интэриэһиргииллэр. Биһиги лааҕырбытыгар ылбычча оҕо сылдьыбат. Усулуобуйабыт бөһүөлэк лааҕырын курдук буолбатах. Атынтан атын сиргэ көһө сылдьабыт. Табаларбытын түүннэри-күнүстэри маныыбыт. Халлааммыт да омуннаахтык уларыйар. Хаар, самыыр быыһынан табаны син биир көрүөххэ наада. Онно оҕолорбут – бастыҥ көмөлөһөөччүлэрбит.
Алеся Кривошеева, VIII кылаас:
–Мин быйыл үһүс сайылааһыным. Биһиги манна дьиэ балаахыларга олоробут. Күммүт сарсыарда 7 ч. 30 м. саҕаланар. Чуум үлэһитин кытта тэҥҥэ туран, симиэнэнэн ас астааһыныгар көмөлөһөбүт. Манна сылдьан элбэҕи биллим-көрдүм: уучах, ат миинэргэ, сыарҕа табатын көлүйэргэ, ас астыырга, иистэнэргэ, бэйэни дьаһынан сылдьарга.
Сааскылаана Слепцова, IX кылаас:
–Мин лааҕыр арыллыаҕыттан сылдьабын. Аан бастаан тахсарбар III кылааһы бүтэрбит этим. Миигин кытта Вася Стручков, Иванна Чиряева, Кеша Стручков бааллара. Кинилэр билигин устудьуоннар. Биһиги лааҕырбыт табаны көрүүгэ-харайыыга үөрэтэр. Ону таһынан, тулуурдаах буолабыт, айылҕаҕа сылдьарга, ас астыырга, иистэнэргэ, мас мастыырга үөрэнэбит.
Айна Тимофеева, VII кылаас:
– Мин бу сайын үһүс сайылааһыным буолар. Эрдэ тахсыахпын баҕарар этим да, эһэм ыыппат этэ. Айылҕаҕа сылдьар олус үчүгэй. Лааҕырбыт салайааччыта Мирена Яковлевна – ийэбит, ыстаада биригэдьиирэ Иван Михайлович – аҕабыт. 900 тахса табаны көрөбүт. Биһиги – көс ыалбыт. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Мин саамай улаханнарабын. Бырааттарым, балтыларым – көмө дьоно. Кыраларыттан барыны бары билэллэр, сатыыллар. Манна күммүт биллибэккэ ааһар. Көһөрбүтүгэр оҕолор бары уучаҕынан, оттон улахан дьон уучахха сыарҕа сиэтэллэр. Оннук сээкэйбитин барытын сэтиигэ таттарабыт. Биһиги күнүскү кэмҥэ күнүнэн барар батарыайалаахпыт, спутник интэриниэтинэн Watsapp ситимигэр тахсан, доҕотторбутун, дьоммутун кытта кэпсэтэбит. Киэһэ мотуор холбонобут.
Баир диэн уол быйыл бастакы тахсааһына. Онон, чаанньыксыт, ол аата отууга чаанньык оргутар. Эһиилгиттэн табаһыт буолар ини (күлэр). Лааҕырбытыгар ким баҕалаах эрэ буолбакка, 5 ый тухары сылааһы, тымныыны, кумаары, айылҕа араас өрүттэрин тулуйар оҕо кыттыһар.
Төрөппүт, 3 оҕолоох ийэ:
–Оҕолорум үһүөн оскуолаҕа үөрэнэллэр. Улахан кыыһым Алеся VIII кылаас буолла. Лааҕырга кыра эрдэҕиттэн сылдьар, бэйэтин баҕатынан барар. Сыл аайы улаатан, дуоспуруннанан кэлэр. Оҕолорбун иллэн кэмнэригэр дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһүннэрэбин, үлэҕэ үөрэтэбин. Аныгы үйэ оҕолоро син биир төлөпүөннүүллэр. Ону сороҕор кыаллыбат да буоллар, бопсо сатыыбын. Оҕом көс лааҕырга сылдьан, үлэҕэ үөрэннэ, ыарахантан толлубат буолла. Кэпсээн бөҕөлөөх кэлэр, таба туһунан астына-дуоһуйа кэпсиир. Айылҕатын, кыылын, сүөһүтүн харыстыы үөрэнэр.
Онон, оҕом лааҕырга барабын диирин тухары ыытабын.
Лааҕыр үлэһиттэригэр оҕобун көрөн, аһатан-сиэтэн илдьэ сылдьалларыгар махталбын тиэрдэбин.
Валерия Тарабукина, ХИФУ устудьуонката.