Алдьархай субу тыҥаан кэллэҕинэ, оҕолуун-уруулуун бары бииргэ түмсүүлээхтик кыһалҕаны кыһарыйарга күһэллэбит. Баһаар уотун умулларааһыныгар сылдьыбыт оҕолорбут биһиэхэ суруйа тураллар. Ол курдук, бүгүн биһиги Өймөкөөн нэһилиэгиттэн маннык ис хоһоонноох сурук туттубут:
«От ыйын 19 күнүгэр Өймөкөөн нэһилиэгэр баһаар чугаһаабытын истэн, биһиги дьиэ кэргэнинэн, чугастааҕы ыалларбыт бары түмсэн баһаары умуллара баран кэллибит. Дэриэбинэбититтэн уот 2 км курдук кыра хаалбыт диэн көрдүбүт. Бары бииргэ баһаар утары охсустубут: уу куттубут, эр дьон сири хоруттулар. Биллэрин курдук, буруонан тыынар доруобуйаҕа кутталлаах, куһаҕан дьайыылаах. Ол кутталы умнан туран, умайа турар тыаттан чаҕыйбакка, сорох дьон утуйар ууларын умнан туран, бука бары баһаар умулларыытыгар түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьаллар. Билигин да барыта буруо, тыынарга олус ыарахан. Хас биирдии олохтоох баһаар умулларыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрэ, биир да киһи туора туран хаалбакка, төрөөбүт Ийэ сирбитин биир сомоҕо буолан тэҥҥэ, санаабытын түмэн туран уоттан көмүскүүрбүт үөрдэр.
Маша Репина, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат 11 кыл. үөрэнээччитэ,
Алеша Репин, Чурапчытааҕы спортивнай оскуола 10 кыл. үөрэнээччитэ».
Онон оҕолорбут барахсаттар суруйалларын курдук, бары түмүстэхпитинэ, биир санаанан салайтардахпытына эрэ барытын кыайыахпыт-хотуохпут, бу ыарахан күннэри туоруохпут.