Быйыл биһиги Күүкэйбитигэр оскуола аһыллыбыта 100 сылын туолар. Бу үөрүүлээх тэрээһини көрсө, элбэх үлэ ыытылынна.
Биһиги выпускниктарбыт өрөспүүбүлүкэ араас муннугар үлэлээбиттэрэ, үлэлииллэр. Ол иһин Күүкэй оскуолатын бэтэрээн учуутала Николаева Мария Васильевна, тоҕус томтордоох Чурапчы сэлиэнньэтигэр тиийэн, оскуолабыт аҕа көлүөнэ выпускнига Филиппов Гурий Васильевиһи кытта көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин тэрийдэ.
Бу көрсүһүүгэ Чурапчыга олорор, үөрэнэр араас кэмнээҕи выпускниктарбыт кыттыыны ыллылар: Чурапчы улууһун Г.Д Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын учуутала, үөрэҕирии туйгуна Оконешникова Прасковья Павловна, Чурапчытааҕы баһаарынай сулууспа надзора Каратаев Сергей Дмитриевич уонна физкультурнай институт II курсун устудьуона Алексеев Герман.
Гурий Васильевич эдэр көлүөнэ выпускниктарыгар Күүкэйгэ оҕо сааһын, начаалынай оскуолаҕа хайдах үөрэммитин, тулаайах хаалбытыгар Евсеевтэргэ олоро сылдьыбытын, сайынын эһэтэ Хоноох оҕонньор оҕуруотугар хайдах үлэлээбитин кэпсээтэ. “Үөрэммит оскуолабын олус үчүгэйдик саныыбын, тулаайах хаалбыппар, пансиоҥҥа олордон оскуолабын бүтэттэрбиттэрэ. Сэрии сылларыгар кимиэхэ барытыгар ыарахан этэ. Оҕо сааһым доҕоро Федоров Михаил Александровиһы кытта суругунан сибээстэһэр этим”, — диэн, доҕорун суругун көрдөрдө. “Билигин эдэрдэр үчүгэйдик, доруобайдык сылдьан үөрэниҥ, үлэлээҥ”, — диэн үчүгэйи баҕаран хаалла. Уолаттары Германы, Сергейи “кэлэ сылдьар, күөрчэхтэ кэлэн сиир буолаарыҥ” диэн ыҥырда.
Мария Васильевна “кырдьаҕас үөрэнээччи” Гурий Васильевичка араас бэлэҕи туттарда, дойдутун туһунан истиҥ тыллары истэн долгуйда, ытамньыйда.
Ытык кырдьаҕас доруобуйата үчүгэй буоллаҕына, оскуолатын үбүлүөйүгэр бара сылдьыаҕын баҕарарын биллэрдэ.
Сулустаана Федорова,
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар
- Каратаев Сергей Дмитриевич (Күүкэй аҕыс кылаастаах оскуолатын 1994 с. бүтэрбит ).
2. Николаева Мария Васильевна (начаалынай оскуоланы 1965 с. бүтэрбит).
- Филиппов Гурий Васильевич (начаалынай оскуоланы 1944 с. бүтэрбит) .
- Оконешникова Прасковья Павловна (начаалынай оскуоланы 1977 с. бүтэрбит).
- Алексеев Герман (орто оскуоланы 2017 с. бүтэрбит ).