Туох баар предметтэргэ наар “түөркэ”, “биэскэ” эрэ үөрэнэр Сайыына Заровняева – Уус Алдан улууһун Чараҥ орто оскуолатын V кылааһын биир киэн туттар оҕото. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарын таһынан, иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарар. Уруһуйдуурун сөбүлүүр, ол быыһыгар балтын көрөр-истэр. Үөрэҕин кэнниттэн сүүрүүнэн дьарыктанар, “Төрөөбүт дойду” литература куруһуогар айар үлэҕэ бастакы хардыыларын эрэллээхтик оҥорор.
Бүгүн Сайыына Заровняева биир кэпсээнин билис.
Маша ийэтэ оскуолаҕа үлэлиир. Кыыс аҕатын биирдэ даҕаны көрө илик. Саатар, ийэтэ аҕатын туһунан тугу да кэпсээбэт.
Маша биирдэ дьиэтин сууйа сылдьан, муоста быыһыгар туох эрэ күлүмүрдүүрүн көрдө. Ону интэриэһиргээн, тугунан эрэ хостоон таһаарыан баҕарда. Таһырдьа сүүрэн тахсан, олбуор баҕанатыгар иилиллэн турар боробулуоха быстаҕаһын эһэ охсон ылла. Боробулуоха төбөтүн күрүчүөктүү токурутан баран, муоста быыһынан уган, бэркэ сэрэнэн, кыһыл көмүс биһилэҕи хостоон таһаарда.
Ити кэмҥэ ийэтэ оҕолор дьиэтээҕи үлэлэрин тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлии олорбута. Маша киниэхэ сүүрэн кэлэн:
– Ийээ, бу ким биһилэҕэй? – диэн ыйытта.
Ийэтэ ылан, ургум-эргим көрөн баран, олус соһуйда, хараҕын уута таҕыста.
– Ийээ, туох буоллуҥ? Бу ким биһилэҕэй?
Ийэтэ кэпсиэх буолан эрдэҕинэ, төлөпүөн тыаһа тырылаата. Хараҕын уутун соттон баран, туруупканы ылан, син өр кэпсэттэ.
– Чэ, һыччыый, миигин оскуолаҕа ыҥырдылар. Кэлин кэпсиэм, сөп? – диэн кэбистэ.
Дьиэлэригэр эргэ баҕайы ыскааптаахтар. Маша соҕотохсуйан, ыскаап иһин хомуйда. Онно ийэтин киэргэллээх холбукатын булан аста. Арай били муоста анныттан булбут биһилэҕэр маарынныыр курдук баар эбит. Кыыс дьиибэргээн: “Бу кимнээх биһилэхтэрэ эбитэ буолла…” – диэн муодарҕаата, ийэтэ оскуолаттан кэлэрин кэтэстэ.
Сотору ийэтэ кэлбитигэр, сойуппакка, тута ыйыталаста.
– Эн аҕалаах этиҥ. Кини, эн төрүү иликкинэ, дьиэ учаастагын ылбыппытын төлүү куоракка барбыта. Тиийээтин кытта, киниттэн харчытын былдьаары кырбаабыт этилэр. Миэхэ кэлин эрийбиттэрэ. Аҕаҥ билигин суох.
Ийэтэ кыыһыныын куустуһан олорон өр ытастылар.
Маша түүн сытан толкуйдуур: “Аҕалаах буоллахпына, эбээлээх уонна эһээлээх буолуохтаахпын”, – диэн.
Кыыс нөҥүө күнүгэр туран, суунан-тараанан, оронун хомуйан баран, аһыы олорон, бэҕэһээҥҥитин өйдөөн кэлэн, кырдьаҕастар тустарынан ыйытаары гыммытыгар, ийэтэ: “Улааттаххына этиэм”, – эрэ диэн кэбистэ уонна үлэтигэр барда.
Маша: “Бэйи эрэ, ийэм бу ыйытыыбар тоҕо эппиэттээбэт баҕайыный?” – диэн дэлби муодарҕаата.
Хайыай, түргэн үлүгэрдик тэринэн, оскуолатыгар үөрэнэ барда. Күнү быһа “Тоҕо ийэм кистиир баҕайыта-ай?” диэн толкуйга сырытта.
Дьиэтигэр кэлэн, элбэх хаартыскалаах альбом ыскаап алларааҥҥы холбукатыгар баарын хостоон таһааран, болҕомтолоохтук көрө олордо. Бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскаларын көрөн, ардыгар күлэн ылар. Онтон ийэтэ үөрэн аҕай олорор хаартыскатыгар кинини кытта сэргэстэһэ эдэрчи көрүҥнээх киһи баарын булла. Хаартысканы туппутунан, ийэтигэр кэлэн ыйыппытыгар:
– Эн аҕаҥ, – диэтэ.
– Оттон аҕам аймахтара ханна баалларый?
– Кинилэр биһиги баарбытын туһунан билиэхтэрин да баҕарбаттар.
Ол биричиинэтин ийэтэ эппэтэ. Кыыс аҕата баар хаартыскатын хоһугар киллэрэн, туспа араамаҕа уган, оронун үрдүгэр ыйаан кэбистэ.
Таһынааҕы ыаллара, кырдьаҕас Маарыйа Анатольевна, кинилэргэ ыалдьыттыы киирээччи. Биирдэ Маша кинигэ ааҕа олордоҕуна, хоһугар киирэн кэллэ уонна эркиннээҕи хаартысканы одуулаан турда. Маша ону көрөн ыйытта:
– Аҕабын билэҕин дуо?
– Билэбин.
– Оччоҕо кини ийэтэ, мин эбэм, ханна баарый?
– Мантан чугас дэриэбинэҕэ олорор.
– Оттон… ол дэриэбинэҕэ олорор аадырыһын эмиэ билэҕин?
– Уулуссатын аата “Ойуунускай” диэн быһыылааҕа. Дьиэлэрин аадырыһын бу диэн билбэппин. Кинилэргэ барыаххын баҕарар буоллаххына, ол уулуссаны кыйа турар дьиэлэргэ киирэн, туоһуластаххына хайдаҕый? Эбэҥ аата Марыына Афанасьевна диэн.
– Онно сатыы тиийиэхпин сөп?
– Тиийэн бөҕө буоллаҕа дии.
– Оччоҕо мин онно барыыһыкпын, – диэтэ Маша.
Өрөбүл күн биирдэ да көрө илик эбэтин көрдүү барда. Ойуунускай уулуссатыгар олорор дьонтон ыйдаран, эбэтин дьиэтин чопчу булла. Дьиэҕэ киирбитэ оһох иннигэр кырдьаҕас эмээхсин көхсүнэн олорор эбит. Ким киирбитин эргиллибэккэ эрэ ыйытта:
– Ким кэллиҥ? Хантан сылдьаҕын?
– Маша диэммин. Мантан чугас дэриэбинэҕэ олоробун. Эһигини көрдөөн бөҕө буоллум дии.
– Бай! Ол тоҕо биһигини көрдөөтүҥ?
– Эн мин аҕам ийэтэҕин дуо?
– Ол эн аҕаҥ кимий?
– Оо, дьэ, аҕам аатын билбэппин ээ. Миэхэ эһиги дьиэҕит ханан турарын Маарыйа Анатольевна ыйбыта.
– Оччоҕуна эн ийэҥ аата ким диэн буоларый?
– Ийэм Анисия Ивановна диэн.
– Ээ, оччоҕо эн Анисия оҕотоҕун эбит дии. Тугу эмиэ көрдүү кэллиҥ? – диэн эмээхсин кыыһырбыт куолаһа иһилиннэ.
– Ээ, суох, аймахтарбын көрдүүбүн ээ…
– Ол туохха?
– Эһигини эйэлэһиннэрээри.
– Тоҕо биһигини эйэлэһиннэрэргэ сананныҥ?
– Тоҕо диэтэххэ, мин эйэни баҕарабын. Эйэ суох буоллаҕына, ийэ суох, ийэ суох буоллаҕына – оҕо суох. Оттон оҕо суох буоллаҕына, эйэ эмиэ суох буолар уонна куһаҕан дьон элбиир.
мээхсин сиэнин тылыттан соһуйда, иһигэр үөрэ санаата уонна кыысчаан төбөтүттэн сыллаан ылла.
– Эн ийэҕэр барыахха, эйэлэһиэххэ уонна бары бииргэ олоруохха.
Онтон ыла икки ыал тыл-тылга киирсэн, биир тылы булсан, эйэлээхтик олорбуттар. Бары Машаҕа махтаналлар. Оттон ыскаапка баар холбука иһигэр икки биһилэх сэргэстэһэ харалла ууруллубуттар.