Мин Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээхпин-уустаахпын.
https://vkvideo.ru/video-199463452_456243732
Хос эбээм Илларионова Кыскыллаайа Афанасьевна. Кини 1931 сыллаахха төрөөбүт, барыта 6 оҕолоох. Кэргэнэ Монастырев Максим Михайлович Болтоҥо, Кындалыттан төрүттээх.
Хос эбэм аҕата Илларионов Афанасий Михайлович Охоноон-Оончук. Кини 1870 сыллаахха төрөөбүт. Кэргэниннээн Марфа Николаевналлын 40-тан тахса сыл олорбуттар. 22-тэ оҕоломмуттарыттан, 16 оҕото тыыннаах хаалбыт.Хос-хос эһэбит Охоноон-Оончук аҕата Куһаганнаах Мэхээлэ. Кинигэҕэ сурулларынан, 1848 сыллаах төрүөх. Куһаганнаах Мэхээлэ убайа Майыһыай Көөкүллэ, балта Мотуруона (Бытааһах) диэннэр. Куһаганнаах Мэхээлэ аҕата Лэкэритэр Испирдиэн. Куонаан Дарабыан 1781 сыллаах төрүөх.
Марыһый 1735 сыллаах төрүөх. Хомоло диэн алааска олорбут. Сүүс сааһыгар чугаһаан баран өлбүт. Бэрт кыанар, сүүрүк киһи эбит.
Мин төрүттэрим Бойуот аҕа ууһуттан тэнийбиттэр. Бу кэмнэргэ Хайахсыт нэһилиэгэр сэттэ аҕа ууһа баар эбит. Итинник биһиги аймах удьуора күн бүгүнүгэр диэри тэнийэн кэллибит.
Төрүччүнү үөрэтиигэ архыыпка хас да фонда баар. Ону хайдах туһанар туһунан манна билсиҥ https://keskil14.ru/strong-t-r-chch-arhyyp-uonna-bibiletieke-strong-strong-strong/
Эдуард МОНАСТЫРЕВ, IX кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
