Эбээ — олус да истиҥник иһиллэр. Хайа баҕар оҕоҕо — эбээ олус күндү. Күн ахсын сиэннэргэ кыһаллар, күннээҕи олоҕун биһиэхэ аныыр күндү дьоннорбут. Эбээлээх буоламмыт биһиги олус да дьоллоохпут бүөбэйгэ, далбарга улаатан олуһун махтаныах тустаахпыт.
Ити курдук, биһиги, Хатыы орто оскуолатын «Дьоҕур» волонтер киинин оҕолоро олунньу ый 2 күнүгэр «Утум» аҕа саастаах эбээлэр түмсүүлэрин кытта көрүстүбүт. Эбээлэрбит, хаһан эрэ урут, эмиэ биһиги курдук, мэник-тэник кыра оҕо буола сылдьыбыттарын санаан спортивнай араас түһүмэхтээх эстафеталары, олоппос былдьааһыытын оонньоттубут. Олус көхтөөхтүк, бэһиэлэйдик бэлэмнээбит оонньуубутугар кыттаннар, биһиги оҕолор көрсүһүүттэн олус астынан, дуоһуйан киирдибит.
Күүстээх сүүрүү кэннэ, сынньалаҥ оонньуу — урукку уостан туспэт ырыалары таайыы буолла, эбээлэрбит ырыһыттарын, ырыаны таба таайалларын сөхтүбүт.
Кылгас, ол эрэн олус истиҥ көрсүһүүбут олус түргэнник ааспыта. Ол эрэн эбээлэрбит сэргэхсийбит сирэйдэрэ, махталлара туохха да тэҥнэммэт истиҥ иэйии, дьол буолар. Маннык истиҥ көрсүһүү оҕоҕо да, аҕам да саастаах дьоҥҥо наадалаах диэн түмүккэ кэллибит.
Инникитин да биһиги, волонтер оҕолор, аҕам саастаах дьону кытта ыкса үлэлэһиэхпит, араас элбэх тэрээһиннэри ыытыахпыт.
Анжелика Попова, Хатыы орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэннээччитэ, «Чуораанчык» пресс-киинин эдкора.