Бэлисипиэти тэбэр олус үчүгэй. Атын дойдуларга онон эрэ айанныы сатыыллар. Салгыны да киттиппэккин, “пробкаҕа” да турбаккын. Массыынаннан айанныыр курдук буолуо дуо? Билигин атыыласпакка даҕаны, биир эмит күн баран, болуоссаттарга турар бэлисипиэттэри уларсан хатааһылыахха сөп.
Быйыл, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, бэлисипиэт спордун күнэ буолар. Бу күнү Егор Борисов 2010 сыллаахха олохтообута. Онтон ыла хас сыл аайы балаҕан ыйын иккис субуотатыгар бэлиэтэнэр.
Бу ый 15 чыыһылатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлисипиэккэ айан күрэҕэ ыытыллар. Күрэҕи тэрийээччи, “Якутскэнерго” маастара, Анатолий Громов:
— Мин оҕо эрдэхпиттэн бэлисипиэти тэбэрбин сөбүлүүбүн. Онтон бу велоспортка киирбитим 4-с сылым буолла.
Интэриниэт нөҥүө биир интэриэстээх дьоммун булбутум, кинилэр миэхэ тимир көлөнү таларбар көмөлөспүттэрэ. Бу түөрт сыл иһигэр элбэх араас бэлисипиэти уларыттым. Билигин икки көлөлөөхпүн. Биир “Merida scultura 904”, оттон иккиспин бэйэм хомуйбутум. Иккиэн карбоновай араамалаахтар.
Суол быраабылатын тутуһабын, шлема суох тахсыбаппын. Бэлисипиэт транспортка киирсэр буолан, тротуарынан буолбакка, массыына суолунан сүүрдэбин. “Зебраҕа” хайаан даҕаны көлөбүттэн түһэн, сатыы туоруубун.
Күрэххэ кыттарга, бэлисипиэти тэбээччи, аналлаах таҥаһы кэтэр: шортик, футболка, кроссовка, бэрчээккэ, ачыкы, шлем уо.д.а. — диэн кэпсиир.
Кини 2015 сылтан саҕалаан Сахабыт сиригэр буолар күрэхтэргэ көтүппэккэ кыттар. Сыл аайы “Республиканская шоссейная гонка” диэн күрэх буолааччы. Биир сыл оҥорботохтор. Ол иһин бэйэтэ ыытар буолбут.
— Сылга биирдэ ыытар былааннаахпын. Бастакы күрэххэ 10-тан тахса киһи кыттан, этэҥҥэ ааспыта. Велоспортка “Юниор” диэн бөлөххө 14-18 саастаахтар кытталлар. Ол эрээри арыалдьыттаах буолуохтаахтар. Саамай ыраах, “Тур де Хаҥалас” диэн күрэххэ, Тиит Арыыга диэри бэлисипиэппинэн айаннаабытым. 7 чаас 20 мүнүүтэнэн тиийбитим.
Эдэр, саҥа хатааһылаан эрэр оҕолорго этиэм этэ: бэлисипиэккитин көрүнэ сылдьыҥ, харыстааҥ, онон эһиги ханна баҕарар тиийиэххитин сөп, — диир Анатолий Анатольевич.
Суол быраабылатын тутуһуҥ
Улахан дьон массыыналардыын биир суолунан айанныыр буоллахтарына – оҕолор тротуарынан, киһи сатыы хаамар сиринэн айанныахтааххыт.
Бэлисипиэккититтэн түһэн бараҥҥыт суолу туорааҥ. Хайаан да шлемна кэтиҥ. Таҥаскытыгар, тимир көлөҕүтүгэр уоту хараҥаҕа сырдатан көрдөрөр бэлиэлээх сылдьыҥ.
Никита Петухов 3 №-дээх оскуола, III “В” кылааһын үөрэнээччитэ. Бэлисипиэккэ 3 сааһыттан хатааһылаан саҕалаабыт:
— Аан бастаан, 4 көлүөһэлээҕи тэбэрим. Онтон 4 сааспын туолаат, 2-лээххэ үөрэммитим. Билигин онно-манна хатааһылаан тиийиэхпин сөп. Аҕабын кытта дьиэбиттэн пааркаҕа диэри ыксаабакка айаннаан тиийээччибин. Хайаан даҕаны суол туоруурбар бэлисипиэттэн түһэбин. Массыына суолугар тахсыбаппын. Сөбүлүүрүм диэн – түргэн айан.
Дархан Третьяков быйыл 5 сааһын туолбутугар, эбэлээх эһэтэ сабыс-саҥа бэлэсипиэт бэлэхтээбиттэр. Хаһан да бэлисипиэт диэҥҥэ олорботох оҕо, сайыны быһа астына хатааһылаата. Бүлүү тыраактатын 6 км саҕалаан, Ленин болуоссатыгар диэри сынньаммакка тэбэн тиийэр.
— Мин “Умка” биэбэйик иитиллээччитэбин. Саас, төрөөбүт күммэр, бэлисипиэттэнним. Хатааһылыырбын олус сөбүлээтим. Улааттахпына “гонкаларга” кыттыам. Билигин да атын оҕолору тимир көлөбүнэн ситэбин.
Веллердар туһунан матырыйаалы «Кэскил» хаһыат сарсыҥҥы нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Ааптар: Айаана Слепцова