Боронук оскуолатын учуутала Акулина Трофимовна Стручкова 1975 сыллаахтан «Бэлэм буолу» суруйтарар. 1999 сыллаахтан оскуолатыгар «Сиэккиэр» поһу тэрийэн үлэлэтэр.
«Бэлэм буол»- аҕам Саҥа дьыллааҕы бэлэҕэ
Мин бастакы кылааска 1975 сыллаахха киирбитим. Саңа дьыл иннинэ аҕам: «Бэлэм буол» диэн оҕо хаhыата баар эбит. Сотору эйиэхэ кэлиэҕэ», — диэтэ. Мин онно саамай: «Һо, оҕоҕо аналлаах»,- диэн үөрбүтүм. Хайдах эрэ оҕо хаhыата диэн улахан дьонтон туспа баара, оҕо эмиэ туспа атын эйгэлээх эбит, туспа болҕомто ууруллар эбит дии санаабытым буолуо, арааhа… Ону кэнники өйдөөбүтүм.
Дьэ, биирдэ Саңа Дьыл кэнниттэн аҕыйах хонон баран (оччолорго почта сырыыта түргэн соҕус быhыылааҕа), аҕам таhырдьаттан туман бөҕөнү бүрүнэн, биирдэ дьиэ ортотугар баар буола түстэ уонна миэхэ хаhыаты туттаран кэбистэ: «Бу – эйиэнэ», — диэн буолла. Мин, дьэ, туспа хаhыаттаммыт киhи туруом дуо, хаһыаты арыйа баттаатым. Кылгас сахалыы сонноох, түү кырыылаах бэргэhэлээх төгүрүк сирэйдээх уолчаан хараҕын симириңнэтэн күлэн турар ойуута хаhыат бастакы сирэйигэр турара өйбөр хаалбыт.
Дьэ, итинтэн саҕаламмыта, мин «Бэлэм буол”, кэнники “Кэскил” хаhыаты кытта доҕордоhуум. Хаhыатым хас нүөмэрэ кэлэрин тэhийбэккэ күүтэрим. Аан бастаан бэйэм ааҕарым, онтон эрэ дьоммор аахтара биэрэрим.
Дулҕалаах оскуолатыгар 8 кылаастаах оскуоланы бүтэрэн баран, Арыылаах диэн ыаллыы сытар нэhилиэккэ үөрэнэ барбытым. Итинтэн ыла, ол аата 1984 сылтан 1993 сылга диэри хаhыаппын кытта ситимим быста сылдьыбыта.
«Кэскили», оҕо сааһым доҕорун, иккистээн көрсүүм
Онтон Бүлүүгэ педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, библиотекаҕа олорон, арай оҕо сааhым доҕорун – хаhыаппын булан аахтым. Аата уларыйбыт, «Кэскил» диэн буолбут. Олус диэн үөрдүм. Онон библиотекаттан уларсан ааҕар буолбутум, практикабар оскуола оҕолоругар суруттарбытым.
1996 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, дойдубар үлэhит киhи буолан, аны хаhыаппын оҕобор Гошабар суруттарар буоллум. Иккиэн ааҕабыт, аҕабыт эмиэ ааҕар. Биирдэ хас да күнү быhа уот баран, чүмэчинэн олордубут. Уолбун кытта дьыбааңңа сытан «1 уол, 5 кыыс» диэн ыстатыйаны ааҕан баран, Гошам дэлби үөрдэ уонна эттэ: «Маама, оруобуна биhиги кылааспыт курдук буолан баран, төттөрү эбит. Биhиэхэ 4 уол уонна 1 кыыс баар дии!». Ити маңнайгы кылааска этэ. Ити туhунан суруйтарыахха диэн санаа киирдэ. Ити курдук, «Кэскил» хаhыакка бастакы суруйуубут тахсыбыта.
1997 сыллаахха күһүн сэтинньи ыйга Дьааңы улууһугар «Кэскил» хаһыат кэрэспэдьиэннэрэ Александр Васильев–Көрдүгэн уонна уонна Александр Назаров командировкаҕа сылдьыбыттара, оскуолабыт директора Ноговицын Василий Васильевич ыңырыытынан Боронукка эмиэ ыалдьыттаабыттара. Оҕолору кытта көрсүспүттэрэ, хаһыат үлэтин туһунан билиһиннэрбиттэрэ. оскуола олоҕун араас түгэнин хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Онон сылы быһа «Кэскил» хаһыат сирэйигэр Боронук оҕолорун туһунан кэпсиир хаартыска уонна матырыйаал тиһигин быспакка тахсыбыта.
«Сиккиэр» эдкорпост тэриллиитэ
Дьэ, итинтэн сиэттэрэн, кэрэхсээн, «Кэскил» хаһыакка тѳрөппүттэр, учууталлар уонна оҕолор суруйтаран барбыттара. Онтон саха тылын учуутала Стручкова Акулина Трофимовна салайыытынан «Сиккиэр» диэн эдэр кэрэспэдьиэннэр куруһуоктара үлэтин саҕалаабыта. Бастакы эдкордар, 10 оҕо, номнуо оскуоланы бүтэрэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу оҕолор икки нэдиэлэҕэ биирдэ мустан илиинэн тахсар эркин хаһыатын таһаараллара. Мустан олорон, «Кэскил» хаһыат ыстатыйаларын ырыталлара. оскуола олоҕун сырдаталлара. Хаһыат тэрийэр куонкурустарыгар көхтөөхтүк кытталлара. 1999 сыллаахха Гоша Стручков «Кэскил» хаһыат тэрийбит «Эн эйгэн» куонкуруска кыайбыта. 2001 сыллаахха Неустроева Герта «Кэскил» хаһыат 65 сылын туолуутугар аналлаах «Эдкордар – бөрүө рыцардара» Форумна кыттан, грамотанан наҕараадаламмыта. 2006 с. «Кэскил» хаһыакка Ю.И.Дьаргыстай тэрийбит «Төрөөбүт тыл» викторинатыгар Горохова Мария иккис, Стручков Егор үһүс миэстэни ылбыттара. 2006 с. Амма Аччыгыйа төрөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Сааскы кэм» романынан киинэ устуутугар кыттан, бастаабыппыт. Бириис –үөрэнээччи библиотеката уонна «Океан» лааҕырга путевка. Салайааччы Стручкова А.Т. уонна эдкор Филиппова Люба «Кэскил» хаһыат 70 сааһыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбыттара.
Урукку эдкор-оҕолор билигин кимнээҕий?
Бастакы эдкордар, 10 оҕо, номнуо оскуоланы бүтэрэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бастакы эдкордар: Ноговицына Екатерина Васильевна – Дьааҥы улууһун оройуоннааҕы депутаттар сэбиэттэрин председателэ, Лаврентьева Эльвира Вадимовна, Слепцова Мария Яковлевна, Слепцова Рози Семеновна — Боронук орто оскуолатын учууталлара, Васильева Наталья Спиридоновна – логопед, Филиппова Любовь Васильевна – «Вести Верхоянья” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, Захарова Мария Михайловна – «Томпо сонуна” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, Горохова Светлана — инженер, Стручков Егор – тутааччы идэлээх.
“Кэскил” хаһыат 85 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар
Быйыл, “Кэскил” хаһыат 85 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар, «Сиккиэр” эдэр кэрэспэдьиэн куруһуога тэриллибитэ 24 сыла буолар эбит. Утумнаах, кэскиллээх үлэбит сүрүн тирэҕэ буолар тапталлаах хаһыаппыт үлэһиттэрин кытта быстыспат ситиммит. 2006 сыллаахха хаһыат 70 сылыгар аналлаах бэртээхэй тэрээһиңңэ ыңырыллан ыалдьыттаабыппыт. Онно көрбүтүм, бу оҕо хаһыатын үлэһиттэрэ бары оҕолуу сырдык куттаах, ураты иэйиилээх дьон эбит диэн. «Кэскил» хаһыат кэллэктиибэ биһигини ытыс үрдүгэр түһэрэн, чиэстээбиттэрэ-бочуоттаабыттар.
«Кэскил» хаһыаттан «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» анал бэлиэни ылбыппын киэн тутта саныыбын, кэпсиибин. Ыраах хоту сытар тыа оскуолатын учууталын сэмэй үлэтин бэлиэтээн, наҕараадаҕа ыңырбыттара учуутал киһини уопсастыба өрө тутарын, билинэрин чаҕылхай мэктиэтэ буоларын арыйар туспа сыһыан эбит. Нина Иннокентьевна Протопопова итинник мындыр сыһыаннаах, инникини өтө көрөр, биир санаалаах дьону түмэр дьоҕурдаах салайааччы буоларын ити кыра түгэн туоһулуур.
2009 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр биһиги «Сиккиэр» пост диэн 6 нүөмэринэн «Бэргэн» оҕо прессатын агентствотыгар регистрацияламмыппыт. Эдкор куруһуогар иккис бөлөх оҕолор киирбиттэрэ: Ноговицына Лана, Попов Гриша, Неустроева Таня, Горохова Ньургустана, Слепцова Вика, Горохов Алеша, Потапова Марита. Кинилэр 4 кылаастан 11 кылааска диэри эдкорпост көхтөөх чилиэннэрэ этэ. Оскуола, нэһилиэк үлэтин сырдатан, «Кэскил», «Дьааңы аартыга» хаһыаты кытта ыкса үлэлээбиттэрэ. 2008 сыллаахха Ноговицына Лана, Попов Гриша «Эдкордар – бөрүө рыцардара» диэн республикатааҕы эдкордар форумнарыгар кыттыбыттара. Бу сыл балаҕан ыйыгар оскуола иһинэн тахсар «Далаан» диэн хаһыат бастакы нүөмэрин таһаарбыттара.
«Бэргэн» оҕо прессатын агентствота
«Бэргэн» оҕо прессатын агентствотын Таисия Ивановна Алексеева салайар. Кинини мин «хаһыат көстүбэт фронун үлэһитэ» диэм этэ. Оннук сэмэй, биллэ-көстө сатаабат, ол гынан баран ирдэбиллээх үлэһит киһи. Таисия Ивановна эдкорпостары бэркэ салайан үлэлэтэр. Бииртэн биир сонун сорудахтары тэрийэн, кыттыбыт оҕолору барыларын бэлиэтээн, сорох түгэннэргэ уостан да хаалаары гыннахпытына, телефоннаан да булан ылан, хаһыат үлэтигэр кытыннаран тэйэр. Ол курдук, 2011 сыллаахха «Бэргэңңэ» «Тыа сирин кыһалҕата» диэн сорудах тахсыбыта. Оҕолор бу сорудаҕы олус кэрэхсээн нэһилиэкпит кыһалҕалаах боппуруостарын хасыһан, үөрэтэн хаһыакка таһаарбыттара. Онно хочуолунайбыт, аһыы от, интэринээт, о.д.а сытыы кыһалҕалар арыллан кэлбиттэрэ. Бу туһунан оҕолорбут «Кэскилгэ» да, улуус да хаһыатыгар суруйбуттара. Ити курдук, хаһыат үлэтэ оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт дойдубут олоҕор-дьаһаҕар болҕомто ууран иитиллэн улааталларыгар улахан төһүү буолар эбит.
Таисия Ивановна уонна хаһыат редакторын урукку солбуйааччы Анисия Иевлева постар салайааччыларын бэйэ-бэйэбитин кытта билиһиннэрэн, уопут атастаһыыга сүрдээх үчүгэй тэрээһиннэри ыыталлара.
«Кэскил» хаһыат тэрийэр куонкурустара
Үлэбит өссө биир хайысхата – «Кэскил» хаһыат тэрийэр кэтэхтэн айаннарын көҕүлээһин:
— 1 айан. 2008 сыл – «Азия оҕолоро» IV Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга аналлаах «Дьокуускайтан – Пекиңңэ» бэлисипиэтинэн кэтэхтэн айан. Бу айан түмүгүнэн биһиги эдэр кэрэспэдьиэммит Виссарион Тимофеев «Азия оҕолоро» IV Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга ыңырыллан, бэлэсипиэтинэн наҕараадаламмыта.
— 2 айан. 2010 сыл – «Дьокуускайтан – Ржевкэ» диэн Улуу Кыайыы 65 сылыгар аналлаах кэтэхтэн хайыhарынан айан. Саамай бастың хайыһардьыппыт Горохов Саша республикатааҕы оҕо тэрилтэтин ыңырыытынан ыам ыйыгар Москваҕа, Ржевкэ күүлэйдиир ыңырыы туппута.
— 3 айан. 2012 сыл — Республикатааҕы «Дьокуускайта-Сочига» кэтэхтэн хайыhарынан, сγγрγγнэн-хаамыынан айан.
«Сиккиэр» эдкордара – көлүөнэ солбуллан иһэр
2009 сылтан ыла улуустааҕы Оҕо киинин (сал. Максимова Г.А.) сүрүннүүр методиһа Слепцова Марфа Ивановна эдэр суруналыыстар Ассоциацияларын тэрийэн, «Дьааңы сонуна» хаһыат уопуттаах үлэһиттэрин ред. Елена Потоцкаяны, Майя Горохованы, о.д.а., ыңыран, кинилэр оскуола хаһыатын таһаарыыга сүбэ-ама биэрэн, далааһыннаах үлэни тэрийбиттэрэ.
Поспут улэтин биир сүрүн хайысхата «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга сурутууну тэрийии. «Сурутууну – маркетинг ньыматынан» диэн куонкуруска көхтөөхтүк кыттан салайааччы Стручкова А.Т. уонна эдкор Аммосова Роза биһирэбил бириис уонна редакция грамотатын ылбыттара.
2009 сыллаахха улууспут хаһыатын саңалыы ааттыырга күрэх биллэриллибитэ. Эдкор Потапова Марита «Дьааңы аартыга» диэн аата кыайан, 2009 сылтан улууспут хаһыата «Дьааңы аартыга» диэн сүрэхтэммитэ. Улуустааҕы хаһыакка «Ньургуһуннар кырдаллара» диэн оҕо айар үлэтин балаһата баар буолбута.
Куруһуокпут үһүс көлүөнэ оҕолоро – Слепцов Руслан, Другин Михаил, Заборовскай Саша, Аммосова Роза, Тимофеев Виссарион, Васильева Аайта, Горохова Настена, Бережнова Анжелика, Неустроева Лера, Вика, Другин Сергей. Кинилэр «Далаан» хаһыат эйгэтин кэңэтэн, араас балаһаны толкуйдаан хаһыаппытын үрдүк таһымңа таһаарбыттара: «Туһа киһитэ», «Кэрэ эйгэтигэр», «Спорт», «Арай биирдэ», «Нэдиэлэ эридьиэстэрэ» диэн. Бу оҕолор үксүн тыа олоҕун араас кыһалҕатын, үлэ-хамнас эридьиэстэрин, айылҕа, көтөр-сүүрэр олоҕун анааран суруйаллар этэ.
2011 сыллаахха биһиги эдкорпост «Бэргэн» агентство эдэр кэрэспэдьиэннэрэгэ анаан ыыппыт республикатааҕы куонкуруһугар «Сыл бастыҥ эдкорпоһа» ааты ылан анал кубогынан, бочуоттаах грамотанан, нетбугунан наҕараадаламмыппыт. Улуустааҕы оҕо киинигэр Слепцова Марфа Ивановна Үөһээ Дьааңы, Эбээн-Бытантай улуустар эдкорпостарын холбуу тутан «Кэскил» хаһыат 75 сыллааҕы үбүлүөйүгэр сүлүөт тэрийбитэ. Онно «Кэскил» хаһыаттан Анисия Иевлева, Юлия Попова кэлэн сүлүөтү тэрийсэн, биһиги поспутугар «Сыл бастын эдкорпоһа» анал кубогын, бирииһин туттаран оҕолорго умнуллубат чаҕылхай түгэни бэлэхтээбиттэрэ.
2012 сылтан 2018 сылга диэри «Сиккиэр» куруһуогар 7 уол дьарыктанар – Другин Сергей, Заборовскай Кирилл, Горохов Слава, Толстоухов Мичил, Потапов Афоня, Юмшанов Егор, Слепцов Семен, кинилэр кэннилэриттэн тилэх баттаһа киирэллэр Антон Ефимов, Святослав Васильев.
Эдкордар улуустааҕы эдэр суруналыыс Ассоциациятыгар киирэллэр. Улуус араас таһымнаах тэрээһиннэригэр түргэнник үлэлиир (мобильнай) пресс кииннэри тэрийэн, хаһыат таһаарабыт. «Бэргэн» оҕо прессата ыытар бары сорудахтарын толоробут, холобур, «Тыа сирин кыһалҕата», «Тыа сирин эдкора», «Арктика бастың эдкора».
2016 сыллаахха хаһыаппыт 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиңңэ ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Кирилл Заборовскай «Бэлэм буолтан – Кэскилгэ» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ Гран-при хаһаайына буолбута. Сергей Другин «Кэскил» спортивнай күрэххэ үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн үөрүүбүт муңура суох кэлбиппит. Афоня Потапов ийэтинээн оңорбут «Бэргэн» куукулата «Бэртээхэй бэлэх» куонкуруска бастаабыта.
2018 сылга кэккэбит хаңыыр – саңа көлүөнэ кэлэр: Максим Другин, Лена Заборовская, Ливия Другина, Оксана Аммосова, Наташа Степанова, Алеша Ефимов, Слава Другин.
Үс эдкор суруналыыс идэтин баһылаата
1999 сыллаахтан күн бүгүнүгэр диэри куруһуокка 40-ча оҕо дьарыктанар. «Сиккиэр» поска дьарыктаммыт оҕолортон ыйытыы оңорбуппут түмүгүнэн: бары «Кэскил» хаһыаттарын олус үчүгэйдик саныыллар, «Кэскиллэрин» суруйтараллар уонна бэйэбит оҕолорбутугар аахтарабыт дииллэр. Үс эдкор суруналыыс идэтин баһылаатылар: Филиппова Любовь билигин «Вести Верхоянья», Мария Горохова (Захарова) «Томпо илдьитэ», Татьяна Горохова «Дьааңы сонуна» хаһыаттарга кэрэспэдьиэннииллэр.
«Кэскил» хаһыакка сыллата 100% суруйтарарга үлэлиибит
24 сыллаах үлэбит устатыгар «Кэскил» хаһыакка сыллата 100% суруйтарарга үлэлиибит. Суруйтарыы аахсыйатыгар Нина Афанасьевна Потапова дириэктэрдээх Боронук орто оскуолатын учууталлара улахан көмө буолаллар. Онон оҕо ааҕыытын көҕүлүүр, өйүүр учууталларбытын ааттаталыым. Потапова Нина Афанасьевна, Горохова Сардана Михайловна, Ноговицын Василий Васильевич, Горохова Августина Михайловна, Горохова Светлана Николаевна, Горохова Любовь Михайловна, Никитина Тамара Алексеевна, Местникова Наталья Афанасьевна, Местникова Мария Константиновна, эдэр учууталлар – Горохова Александра Яковлевна, Горохова Мирослава Константиновна, Ноговицына Светлана Васильевна, Заборовская Луара Юрьевна, Горохов Михаил Дмитриевич.
Сурутууга сыллата кыттар төрөппүттэрбит: Слепцова Екатерина Афанасьевна, Слепцова Мария Яковлевна, Лаврентьева Эльвира Вадимовна, Будищева Мария Васильевна, Другина Галина Вячеславовна, Мордовская Василина Васильевна, Стручкова Евдокия Кимовна, Бережнова Евдокия Семеновна, Слепцова Виктория Кирилловна, Горохова Катерина Романовна.
Оскуолабыт учууталлара, төрөппүттэрбит инникитин да «Кэскилбитин» өйүөхтэрэ, үгэс буолбут сурутууга спонсордыахтара диэн эрэнэбин.
«Кэскил» — оскуолабыт үлэтин-хамнаһын быстыспат сорҕото
Ахтыым саҕаланыытыгар төннүүм. 1975 сыллаахха аҕам Трофим Васильевич Горохов, билигин 79 саастаах педагогическай үлэ бэтэрээнэ, аан туманы бүрүнэн, «Бэлэм буолу» туттарбыт буоллаҕына, күн бүгүн сырдык, ыраас оскуолабыт аана арыллан, почта түңэтээччи көтөх муңунан «Кэскил» хаһыаты оҕолорго аҕалан биэрэрэ – бу биһиги оскуолабыт үлэтин-хамнаһын быстыспат сорҕото буолар.
«Кэскил» хаһыаттыын ыкса ситимнээхтик үлэлээн, оҕолор айар дьоҕурдара сайдар. Ити курдук «Сиккиэр» пост эдкордара сылтан сыл үлэбит хайысхатын элбэтэн, «Кэскиллиин» кэскиллээхтик, «Дьааңы аартыгынан» айымньылаахтык билиигэ-көрүүгэ, үтүө сиэргэ-майгыга, чэгиэн-чэбдик буоларга дьулуһабыт.
Саңа сайдыылаах үйэҕэ олоххо бэлэмнээх дьону иитэн таһаарарга олук уурар тапталлаах хаһыаппытыгар уонна «Бэлэм буол» — «Кэскил» бары үлэһиттэргэр барҕа махталбытын тиэрдэбит! Өссө да үүнэ-сайда, тур, саңаттан саңаны, сонунтан сонуну тобулан, ааҕааччың кэккэтин элбэтэ тур! Хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр күүтүүлээх доҕор, эрэллээх аргыс, сүбэһит буолан өрүү бэлэм буол!
Ааптар: Акулина Трофимовна СТРУЧКОВА, Үөһээ Дьааңы улууһун Боронук орто оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, саха тылын учуутала, «Сиккиэр» пост салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ.