Мин «Орленокка» 1991 сыллаахха үһүс сезоҥҥа сылдьыбытым. Оччотооҕуга «Бэлэм буол» хаһыат ыытар политинформатордар викториналарыгар икки сыл кыттыбытым. Бастакы сылбар 2 миэстэ буоламмын грамотанан наҕараадаламмытым. Иккис сылбар бастааммын «Орленокка» барар именной путевка биэрбиттэрэ.
Бу лааҕырга сылдьыбыт кэмнэрим оҕо сааһым саамай сырдык, кэрэ өйдөбүллэрэ буолбуттара. Саха сириттэн 30 буолан барбыппыт. Мин 9 кылааска үөрэнэр этим. Үксүбүт биир тэҥ соҕус саастаахпыт. 4 уол, 7 кыыс буоламмыт бары «Звезднай» дружинаҕа 11 этэрээккэ түбэспиппит. Этэрээппитигэр 49 этибит. Баһаатайдарбыт эп-эдэрдэр: Черкасова Алена, Тимин Юра уонна Майстровский Володя.
Лааҕырга олох күөстүү оргуйар этэ. Иллэҥ кэм диэн суоҕун кэриэтэ. Сарсыарда аайы музыка тыаһынан дружина иннигэр уопсай зарядкаҕа тахсабыт. Онтон этэрээттэринэн муора кытылынан пирска диэри сүүрэн кэлэбит. Биирдэ даҕаны сүрэҕэлдьээбиппин да, сылайбыппын да олох өйдөөбөппүн. Барыта наһаа интэриэһинэй этэ, туохтан да маппатах киһи диэн хаалсыбакка буола сатыырбыт. Киэһээтин дружина иннигэр дискотекалыыбыт. Онно дьэ саҥа рэп, хип-хоп диэни үөрэтэммит үҥкүү-битии бөҕө буоларбыт. Минньигэс кукурузнай палочка диэни маҥнай онно амсайбытым. Минньигэс да этэ! Үөһэ Новомихайловка диэн дэриэбинэттэн тахсан атыылаһар этибит. Ыам ыйыгар Новомихайловка ыалларын хортуоската номнуо сибэккилээн турар этэ. «Тыый! Хортуосканы сайын устата иккитэ олордуохха сөп эбит», — дии санаабытым. Баҕа саҥатын маҥнай онно истибитим.
Космоһы, сулустары үөрэтэр обсерватория баара. Хараҥаҕа телескобунан сулустары көрөөрү онно тахсар этибит. Онно тахсарга үрдүк да үрдүк кирилиэһи дабайаҕын. Биир кирилиэскэ кыһыл кыраасканан «Я люблю тебя!» диэн суруллубут. Ол суругу ким да тэпсибэт. Ол туспа остуоруйалаах. Уопсайынан «Орленокка» элбэх үһүйээн баара. Ону бары ис сүрэхпитинэн ылынар уонна итэҕэйэр этибит.
Этэрээттэринэн култуура дыбарыаһыгар араас көрүүлэри, кэнсиэрдэри көрдөрөр этибит. Биһиги «Буратино» спектакль туруорбуппут.
Арассыыйа араас муннуктарыттан мустубут оҕолор бары биир ыал оҕотун курдук доҕордоһон 40 күн наһаа эйэлээхтик сылдьыбыппыт.
Нуучча оҕолоро биһиги сахалар харахпыт харатыттан соһуйаллар этэ, сахалыы саҥарарга үөрэттэрэллэр этэ.
Биир сарсыарда олох эрдэ зарядка быдан иннинэ, 4-5 чааска тураммыт «Графские развалины» диэн быраҕыллыбыт замокка экскурсияҕа барбыппыт. Биир башняҕа тахсан ол замок үһүйээнин кэпсээбиттэрэ. Ол башня «Целовальня» диэн ааттаах этэ. Биирдэ хайаҕа походтуу тахсан баран мунан хаалбыппыт. Хайаҕа тахсар эрэйдээх соҕус этэ, наһаа симсэ үүммүт ыккый ойуур быыһынан ааспыппыт. Эриэн үөнү көрөн куттаммыппыт. Аччыктаан аҕай, үлтү сылайан киэһэ хараҥаҕа кэлбиппит. Хата, остолобуойга аһатаары кэтэһэн олороллор этэ. Астара наһаа минньигэс этэ, мин уойан кэлбитим.
Элбэх да элбэх автобустарга тиэллэн, Краснодарга күүлэйдии бара сылдьыбыппыт. Маҕаһыын бөҕөтүн кэрийбиппит. Ол саҕана биһиэхэ дефицит кэмэ буолуо. Кинилэр маҕаһыыннара баайын сөхпүппүт. «Сымнаҕас» мороженай диэни онно сиэбиппит.
«Орленок» оскуолатын наһаа сөбүлээбитим. Звонок оннугар музыка тыаһыыр этэ. Күҥҥэ 3-4 эрэ урок буолар. Онтубут 30 мүнүүтэлээхтэр. Дьиэҕэ үлэ диэн ончу суох. Ол да буоллар билиини үчүгэйдик иҥэрэллэр этэ. Синус, косинус диэни бэккэ өйдөөн кэлбитим.
Сарсыарда аайы баһаатайдарбыт оскуолаҕа атаараллар. Бары илиибититтэн тутуһан туран «Ни двойки, ни кола, ни тройки, ни четверки, а лишь одни пятерки!» дэһэммит бары араас кылаастарга тарҕаһан үөрэнэ барар этибит.
Кэлэн иһэн Сочига хоммуппут. Ракушка бөҕө хомуйбуппут да, сууйбатах эбиппит, онтубут сытыйан сыт-сымар иэдээн этэ. Сочиттан электричканан Адлерга диэри айаннаабыппыт. Адлертан Москваҕа көппүппүт. Москваҕа биир портан атын портка автобуһунан барбыппыт. Дьокуускайга түүн кэлэммит аэропорт таһыгар гостиницаҕа хонон турбуппут. Сарсыарда бэйэбит туран Маҕан пуордугар автобуһунан бараммыт, дойдубутугар грузовой сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбиппит. Оннук уһун да айан биһигини сылаппатаҕа. Хата, ордук өйбүтүгэр хаалар түгэннэрэ эбилиннэхтэрэ.
Билигин Саха сириттэн араас сылларга «Орленокка» сылдьыбыт дьоннору түмэр бөлөх арыллан, эмиэ оҕо сааспар, «Орленокка» төннүбүт курдук өрө көтөҕүллэн сылдьабын. Ахтыылары аахтахпына, хайдах эрэ бары бииргэ сылдьыбыт курдукпут, барыларын билэр курдукпун.
Майя СПИРИДОНОВА (БОЧКАРЕВА),
Суоттутааҕы «Кустук» оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ.
Уус-Алдан, Суотту.
Источник: keskil14.ru
«Бэлэм буол» викторинатыгар кыайаммын «Орленокка» сынньаммытым