Биһиги тыйыс айылҕалаах дойдубутугар эт, үүт аһылык тыыннаах буолар төрүт астарбыт. Үрүҥ ас иһи-үөһү ыраастыыр. Онон бу ас саха киһитин аһылыгар арахсыспат аргыс. Биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит бу астар эттэригэр-хааннарыгар хайдах дьайарын үөрэтэн көрөн, айылгыларын этиитинэн бүтэйдии сэрэйэннэр эти кытта үрүҥ ас арааһын хото астанан аһыыллара. Ол иһин саха уһун үйэлээҕинэн биллибит омук.
Мин төрөппүттэрим ынах, сылгы көрөн олороллор. Түөрт ынахпыт төрөөн турар, оҕолоро тыһылар. Ааттара Мия, Ева, Хлая диэн ааттаахтар. Бүгүн төрөөбүт ньирэйбит оҕус, ол иһин Оскар диэтибит.
Биһиги сайын ньирэйдэрбитин көрүөхпүт, аһатыахпыт, күһүн хотоҥҥо киирэллэригэр эмис борооскулар буолалларын курдук.
Бэйэҥ үүттээх, арыылаах, сүөгэйдээх, эт арааһыттан араас ас астанан олороруҥ туохтааҕар да үчүгэй.
Ванесса Васильева, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.