Сэтинньи 24 күнүгэр Кэбээйи орто оскуолатын 5-с кылаастара «Кэскил» оҕо түмсүүтүгэр киирэр үөрүүлээх бырааһынньыктара буолан ааста.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕолор хамсааһыннара «Дьулуур» диэн ааттаах. Ол аата инникигэ дьулуһуу, сырдыкка кэрэҕэ тардыһыы диэн ис хоһоонноох. Сүрүн сыалынан оҕолору бииргэ түмүү, араас оонньуу, күрэх көмөтүнэн оҕо өйүн, толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннарыы, Аҕа дойдуга бэриниилээх, патриот киһини иитэн таһаарыы буолар.
Бырааһынньыкпыт дьоруойдара 5 кылаас көрдөөх-нардаах оҕолоро бэйэлэрин кылаастарын, ким туохха талааннааҕын билиһиннэрдилэр уонна эҕэрдэ үҥкүүлэри бэлэхтээн, көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ыллылар.
Ол кэннэ «Кэскил» түмсүү чилиэнэ буолар бырааптаммыт оҕолор, андаҕар тылы бары бииргэ доргуччу эттилэр.
Биһиги 8 кылаастар «Кэскил» түмсүү күөх хаалтыһын эҕэрдэлээн туран, баайар чиэскэ тигистибит.
Түмүккэ 7-с кылаас кыргыттара РДШ гиимин ырыатынан флешмоб хамсаныыларын көрдөрбүттэрин, бэһистэр хабан ылан, үтүгүннүлэр.
Күндү бэһистэр, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри, көрсүө сэмэй бэрээдэктээх үтүө майгылаах дьон буола улаатаргытыгар баҕарабыт.
Сайаана ТЕРЕХОВА,
8 кылаас үөрэнээччитэ, «Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.