Атырдьах ыйын 26-29 күннэригэр Уфа куоракка “Молодые профессионалы” (WorldSkillsRussia)-2021” Национальнай чемпионат ыытылынна. Балаҕан ыйын 2 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан “Дьокуускай” аэропордугар Дьокуускайдааҕы медкэллиэс дириэктэрэ Дмитрий Алексеев, Үөрэх министиэристибэтин эппиэттээх үлэһиттэрэ, үөрбүт төрөппүттэр, устудьуоннар ити күрэхтэһии кыайыылаахтарын, призердарын уруйдуу көрүстүлэр.
Ол курдук, “Лечебная деятельность (фельдшер)” компетенцияҕа дойду 7 регионуттан бастыҥнар кытыннылар (Москва, Саха сирэ, Башкортостан, Дагестан, Свердловскай, Тюмень уобаластара, Пермскэй кыраай). Манна “Лечебное дело” салаа IV кууруһун устудьуона Айсен Марков I миэстэни эрэллээхтик ылла!
— Национальнай таһымнаах күрэхтэһиигэ бастакыбын кытынным, ситиһиибиттэн үөрдүм. Ф.Г. Охлопков аатынан Майа 2 №-дээх орто оскуолатын бүтэрэрбэр, чопчу медик буолуом диэбэт этим. Тоҕо диэтэххэ, оҕо эрдэхпиттэн дьарыгым, үлүһүйүүм үгүс этэ: ыллыырым, уруһуйдуурум, чертежтуурум, иистэнэрим, сыбааркаҕа эмиэ ылсарым, гитаралыырым, аска-үөлгэ эмиэ сыстаҕас этим. Ону тэҥэ, үөрэнэрбин уонна үөрэтэрбин сөбүлүүрүм. Араас олимпиадаларга сөбүлээн кыттарым. Билигин үөрэхпин сөбүлүүбүн, бэйэбин үөрэхпэр толору биэрэбин, аныыбын. Практикабын Мэҥэ Хаҥаластааҕы оройуоннааҕы балыыһаҕа, онтон Дьокуускайга ааспытым. Ордук “Суһал көмө” сулууспатыгар практикаламмыппын олус астыммытым. Инникитин ХИФУ Мединститутугар үөрэниэхпин баҕарабын. Киһи сүрэҕэ, өйө сытар идэтин, дьарыгын толору баһылыырга дьулуһуохтаах,— диир Айсен.
Бу компетенция менеджерэ, медкэллиэс преподавателэ Татьяна Софронова этэринэн, манна 6 модульга сорудахтары толорбуттар. “Лечебное дело” диэн компетенция 2019 сылтан баар. Ону бастаан биһиги кэллиэспит толкуйдаан таһаарбыта. Бүтүн Россиятааҕы “Билет в будущее” диэн бырайыак чэрчитинэн идэҕэ туһаайар хайысхаҕа V-XI кылаас үөрэнээччилэрэ хабыллан дьарыктаммыттара, фельдшер идэтин билсибиттэрэ уонна идэҕэ аналлаах куонкурустарга кыттыбыттара. 2021 сылтан ыла медкэллиэс “Лечебное дело” салаатын бүтэрээччилэр ГИА-ны “WorldSkillsRussia” халыыбынан туттарар кыахтаахтар”, — диир.
— Фельдшер идэтэ сүрдээх эппиэтинэстээх. Киһи олоҕун быыһыыр аналлааҕын быһыытынан, дьоҥҥо бастакы көмөнү оҥорору эҥкилэ суох сатыахтаах. “Лечебное дело” салаа инновационнай туһаайыылаах, идэлэрин толору баһылаабыт дьону иитэн таһаарар соруктаах. Устудьуоннары “WorldSkillsRussia” курдук күөн күрэскэ көҕүлээһин, кытыннарыы—үчүгэй көстүү, үтүө түмүткэрдээх буолуоҕар киһи саарбахтаабат”,—диир медкэллиэс дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, “WorldSkillsRussia” Национальнай түмүктүүр түһүмэх сүрүн эксперэ Анастасия Степанова.
Үөрэнээччи ситиһиитэ
Үөрүүлээҕэ баар, устудьуоннары кытары оскуола үөрэнээччитэ эмиэ кытынна, ситиһиилэннэ. Ол курдук, Бүлүү улууһун Г.Ф. Николаев аатынан Бөкчөҥөө орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Надя Иванова “Эстетическая косметология” компетенцияҕа “Юниоры” диэн бөлөххө бороунса мэтээли тутта!
— Косметолог буолуохпун баҕарабын. “Кэрэ—аан дойдуну быыһыа”, диэн бэргэн этии баар дии, кырабыттан кэрэ буолууну сэҥээрэбин. IV кылаастан маникюр, шеллак оҥоробун. Дьонтон үлэх ылан, толоробун. Косметолог буоларга анал медицинскэй үөрэхтээх буолар ордук. Манна Дьокуускайдааҕы медкэллиэскэ ити идэҕэ үөрэтэллэр. XI кылаас кэнниттэн туттарсаллар эбит. “WorldSkillsRussia” түмүктүүр түһүмэххэ алта сорудах баара: “Уход за молодой проблемной кожей”, “Европейский маникюр”, “Шугаринг голени”, “Макияж нюд с сияющей кожей”, “СПА уход за телом с массажем головы”, “СПА уход за ногами, педикюр с дизайном”. Бэйэм уруһуйдуурбун, НПК-ларга кыттарбын сөбүлүүбүн. Инстаграмҥа @makeup_nadusha диэн аккауннаахпын. Григорий Федотович Николаев аатын оскуолабыт сүгэр. Кини оскуолабыт бастакы дириэктэрэ, нэһилиэкпит сайдыытыгар үрдүк кылааты киллэрсибит киэн туттар киһибит. Үөрэхтээх киһи буолан, урут колхуос председателин кытары дойду аҕа быһылыгар И.В. Сталиҥҥа электростанция тутулларын туруорсан, суруйбуттара. Онон ол олоххо киирбитэ, — диэн кэпсээтэ Надя Иванова.
Ийэтэ Светлана Ивановна Иванова үөрүүтүн үллэһиннэ:
— Порка кыыспын көрсө киирбитим бэйэтэ туспа долгутуулаах, дьоро түгэн этэ. Медкэллиэс кэлэктиибэ мин оҕобун эмиэ, бэйэлэрин оҕолорун курдук, истиҥник көрүстүлэр. Дириэктэрдэрэ Дмитрий Афанасьевич Алексеев бэйэтинэн кэлэн эҕэрдэлээн, сибэкки дьөрбөтүн туттаран, биһиги олус үөрдүбүт, долгуйдубут.
Маны тэҥэ, “Лабораторный и медицинский анализ” салаа устудьуона Надежда Кычкина “Лабораторная диагностика”, “Технология эстетических услуг” салааттан Любовь Федотова “Эстетическая косметология” компетенцияларга ситиһиилээхтик кыттан, күөн күрэс бэлиэ медальонун туттулар. Медкэллиэс айымньылаах кэлэктиибин ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.