Биллиилээх государственнай уонна политическай деятель Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 120 сылынан кини аатын сүгэр Үөһээ Бүлүү 1-кы №-дээх орто оскуолата үһүс төгүлүн «Бараахаптыы ааҕыылар» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэни үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта.
Манна барыта 117 оҕо кыттыыны ылла. Ыраах Чурапчы, Сунтаар, Ньурба улууһуттан тиийэ кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Сүрүн экспертэринэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ финансовай-экономическай институтуттан О.С. Яковлева, Л.Ф. Варламова, Тыа хаһаайыстыбатын академиятыттан Т.А. Никонова, А.Т. Ван-Чу-Лин үлэлээтилэр. Кинилэр кэмпириэнсийэ иннинээҕи күн эрдэ кэлэн, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин кытта идэни талыы тиэмэтигэр кэпсэттилэр.
Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн «Кыраайы үөрэтии» секцияҕа Үөһээ Бүлүү М.А. Алексеев аатынан лицей-интэринээтин үөрэнээччитэ Стас Андреев I миэстэни ылла. II м. — Лиана Уарова (Сунтаар гимназията). III м. — Саша Евдокимова ( Үөһээ Бүлүү 1-кы №-дээх оскуолата).
«Экономика» салаатыгар. Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Диана Архипова бастаата, Арсен Андреев иккистээтэ. Үөһээ Бүлүү улууһун Хоротуттан Чэмэлиинэ Егорова үһүстээтэ.
«Социальнай наукаларга»: бастакыны Юлия Адамова уонна үсүһү Динара Абрахова ыллылар (иккиэн бэйэбит оскуолабыт үөрэнээччилэрэ), оттон иккис Таня Попова (Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интэринээт) буолла.
«Филология»: I м — Саша Николашкин (Бараахап аатынан оскуола), II м — Нарыйаана Иванова (Ороһу, Үөһээ Бүлүү), III м. — Ньургуйаана Гуринова (Сунтаар гимназията).
«Тыа хаһаайыстыбатыгар предпринимательство» диэн секцияҕа Хоро оскуолатын үөрэнээччитэ Анна Явловская бастаата. Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх оскуолаттан Айаан Васильев иккистээтэ, И. Бараахап аатынан орто оскуолаттан Миша Арбыкин үһүстээтэ.
Кыайыылаахтар бары ноутбугунан наҕараадаланнылар. II миэстэлээхтэр 5 тыһыынчанан, үһүстээбиттэр 3 тыһыынчанан.
—Сунтаардааҕы гимназияттан 4 оҕону аҕаллым. Нуучча тылын уонна литературатын учуутала Аринкина Арина Николаевна диэн буолабын. Бу “Бараахаптыы ааҕыылар” НПК-ҕа саҥа бастакы холонуубут. Наһаа элбэх кыттааччы баар. Кэлэр сырыыга кыралары уонна үрдүкү кылаастары араарыахтарын наада дии саныыбын.
— Ньурбаттан барыта 10 буолан кэллибит. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Программата бэркэ оҥоһуллубут. Оҕолор оскуола, нэһилиэк музейдарын көрдүлэр. Этэргэ дылы, өрөспүүбүлүкэбит историятын биир бэлиэ страницатын арыйан бардылар. Саха АССР тэриллиитигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит Исиидэр Бараахап аата өрүү ааттана турдун, кэнчээри ыччаппыт өрө тута сылдьарыгар баҕарабыт, — диэн санааларын үллэһиннилэр Н.Чусовской аатынан Антоновка оскуолатын учууталлара Р.С. Васильева уонна Н.В. Егорова.
Үөһээ Бүлүүт Исиидэр Бараахап аатынан1 -кы №-дээх орто оскуолатын
«Бараховец» пресс-киинэ.