Дьокуускай 1 №-дээх орто оскуолатын III «Б» кылааһын үөрэнээччилэрэ учууталларын Мария Егоровна Николаеваны эҕэрдэлииллэр, үтүө тылларын аныыллар.
Көхтөөх буоларга уһуйар
Мария Егоровна уруогуттан күн аайы бииртэн-биир саҥаны билэбит. Кылааһынан мусуойдарга, бибилэтиэкэлэргэ, айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Кини биһигини, туохтан да толлон турбакка, олоххо көхтөөх буоларга үөрэтэр. Ол курдук, биһиги оскуолаҕа, куоракка буолар тэрээһиннэргэ үгүстүк кыттабыт. Кылааспыт иһинэн ырыа ансаамбыла тэриллибитэ. Саас Мэҥэ Хаҥаласка учууталбытын кытта күрэхтэһиигэ баран кыттыбыппыт. Оннооҕор Саха тыйаатырыгар ыллаабыппыт.
Айсен Старостин.
Дьолунан ааҕабын
Хас биирдии оҕоҕо учууталтан ылбыт билиитэ, иитиитэ олоҕор улахан суолталаах. Ол иһин учуутал үлэтэ наһаа эппиэтинэстээх, сылаалаах уонна ыарахан. Сарсыарда эрдэ туран, 8 чаастан үөрэтэн саҕалыыр уонна киэhэ хойут, тэтэрээттэрбитин барытын бэрэбиэркэлээн баран, биирдэ оскуолаттан тахсан барар.
Мин бу оскуолаҕа быйыл көспүтүм. Мария Егоровна үтүө сабыдыалынан кэлэктиипкэ түргэнник киирбитим. Кини уруоктара олус сэргэхтэр, сүрэҕэлдьиир оҕо диэн суох. Урут үөрэммит оскуолабын эмиэ ахтабын, саныыбын. Онно миигин ааҕарга, суруйарга Елена Егоровна уонна Наталья Анатольевна үөрэппиттэрэ.
Мин учууталларбар олус махтанабын, кинилэринэн киэн туттабын. Күн аайы оскуолаҕа барарбын улахан дьолунан ааҕабын.
Кырдьыга да, аан дойдуга саамай наадалаах идэ – учуутал. Бары учууталга уһуйуллан, быраас, инженер, лүөччүк, космонавт, архитектор буолаллар.
Алина Сотникова.
Кылааһынан – «Кэскили»
Биһиги 1 №-дээх оскуолабыт куорат килбэйэр киинигэр турар. Дириэктэрбит Таисия Николаевна Горохова диэн.
Оскуолабыт төһө да кыараҕас буоллар, сып-сырдык, ып-ыраас. Манна хас биирдии үөрэнээччи бэрээдэктээхтик, чэнчистик, култууралаахтык тутта-хапта сылдьар. Ол ону туораттан киирбит дьон тута бэлиэтии көрөллөр, хайгыыллар.
Мария Егоровна хас биирдиибитигэр кыһаллар. Бу үөрэх дьылыгар, учууталбыт сүбэтинэн, кылааһынан бары «Кэскил» хаһыакка суруйтардыбыт. Сонуммутун суруйан ыытыахпыт, саҥаны хаһыаттан билиэхпит.
Вика Попова.
Сайыннарар
Мин учууталым Мария Егоровна наһаа кыраhыабай, өйдөөх уонна үтүө санаалаах. Кылаас оҕотугар барытыгар олус болҕомтолоох, кыhамньылаах.
Мария Егоровна биhигини үөрэх таhынан онно-манна илдьэ сылдьан сайыннарар. Холобура, былырыын саас төрөппүттэрбитин кытта «Ньургуhуннуун алтыhыы» диэн тэрээһини айылҕаҕа ыыппыппыт. Онно биhиги ньургуhун туhунан хоhоону аахпыппыт, таабырын таайбыппыт, хаартыскаҕа түспүппүт, оонньообуппут.
Арина Попова.
Ирдэбиллээх
Мария Егоровна үөрэнээччилэригэр уонна бэйэтигэр ирдэбиллээх. Ол иһин кини уруоктара дириҥ ис хоһоонноохтор, элбэҕи толкуйдатар соруктаахтар. Кылаас чаастара эмиэ интэриэһинэйдэр. Кинини кытта бибилэтиэкэҕэ сылдьан, билиибитин хаҥатабыт. Тапталлаах учууталбытын кылаас аатыттан эҕэрдэлиибит! Эйигин көрсүө-сэмэй бэрээдэкпитинэн, ситиһиибитинэн үөрдэ туруохпут!
Юля Федорова.