Булт — өбүгэлэрбит былыргыттан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрэ. Эр киһи тулуура, сымсата, кыаҕа булка биллэрэ. Кинилэр булка сылдьан сиэри-туому тутуһар, айылҕалыын алтыһар туспа эйгэлээхтэр.
Хаһан эрэ эмиэ оҕо буолан сүүрэ сылдьыбыт, байанайдаах булчут, Абый улууһун Сыаҥааннаах сэлиэнньэтиттэн төрүттээх 62 саастаах Сорокоумов Василий Константинович номнуо сиэнэ, Белай Гора гимназиятын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Айаал Сорокоумов уһуйуллан, булчут бэрдэ буолан эрэр. Сылын аайы эбэлээх эһэтигэр сааскы уонна сайыҥҥы сынньалаҥнарга кэлэн барар. Эһэтэ куруутун үөрэтэр:
Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри — туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах, сыыһа — халты туттуулары оҥорон булдун кэҕиннэриэн сөп.
Илими ситим быаҕа тардаллар. Тардыллыбыт илими соҕотох киһи көрөр. Биэрэккэ туран араараллар. Тыы наадата суох.
Эһэтин үөрэҕиттэн Айаал кэпсиир:
Бултуу сылдьан өрүсүһэр, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сыыһа, бултаан киирэн баран чугас дьоҥҥор хайаан да бэрсиэхтээххин, бэринньэҥ булчукка Баай Байанай булду тэбэр. Атын булчут сэбигэр — сэбиргэлигэр ( туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын, улахан булка ( эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду ( куобаҕы, мас көтөрүн) көрдөҕүнэ бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ өлөрөр.
Тыаҕа бултуу тахсар күн — дьыл хайдаҕыттан, ол эбэтэр уларыйыытыттан тутулуктаах. Бултуу сылдьан булт үргэн хаалыа диэн айдаарбаттар, оту — маһы алдьаппаттар, мутугу тосту үктээбэттэр. Бултаан бүтэн баран уоттарын үчүгэйдик умуруоран, аһаабыт сирдэрин хомуйан, бэйэлэрин кэннилэриттэн туох да бөҕү — сыыһы хаалларбакка дьиэлэригэр төннөллөр.
Байанай — ойуур иччитэ. Байанай киһилии майгылаах, үөрүнньэҥ, бэринньэҥ, оҕо курдук оонньуулаах- омуннаах, ону тэҥэ хомойумтуо, өһүргэс. Кини ойуур кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр. Ойуурга куһаҕан санаалаах, кыыллары барытын харыстаабакка өлөрө сылдьар булчут кэллэҕинэ кыыллары, көтөрдөрү ыраах куоттаран, күрэтэн кэбиһэр эбит. Ол иһин ойуур кыылларын-көтөрдөрүн «Байанай оҕолоро” диэн ааттыыбыт.
Булчут диэн булугас — талыгас, мындыр өйдөөх, кыанар үлэһит, аһыныгас, көмүскэс, сиэрдээх үтүө майгылаах киһи. Булт арааһа сылы быһа бултанар. Кундү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэллэр, айах туталлар. Оту – маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр – аһатар, таҥыннарар. Булт үөрэҕэ, дьарыга уол оҕоҕо тугунан да солбуллубат үөрэх буолар.
Эльдар Садовников