Шишкиноҕа Өлүөнэ өрүс уҥа өттүгэр төгүрүччү иилии турбут дьон ойуулара баар. Ити түҥ былыргы суруктар аан дойду култууратын сэдэх пааматынньыктара, өйдөбүнньүктэрэ буолан, Хотугу Азия үрдүнэн былыргы биистэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусстволарын, култуураларын аһаҕас халлаан аннынааҕы соҕотох мусуойдарын быһыытынан биллэр.
Академик Г.Ф. Миллер: «Здесь родина бурят, у которых существует обычай почитать священные скалы», — диэн суруйбута. Күн эргииринэн төгүрүччү туран дьуохары үҥкүүлээһин бүрээттэргэ, сахаларга, эбэҥкилэргэ, долганнарга, атын да омуктарга тэнийбит былыргы үгэс. «Круг—один из первых символов архетипической азбуки. Значение: сила, целостность, порядок, общность»,—диэн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр.
«Үргэл В» — Өрт Оонньууларыгар
Өрт Оонньууларын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ—биһиги биир дойдулаахпыт, «Үргэл В» продюсердыыр хампаанньа үбүлээччитэ, Россия үтүөлээх тренерэ, «Тайна Чингисхана» киинэ, «Александр Невский в Срединном мире» испэктээк бырайыагын ааптара Владимир Иванов. Кини Оонньуулар сөргүтүллүөхтэриттэн ыла, 2005 сылтан бу ытык сиргэ сылдьар, сырыы аайы саҥаны арыйар, хотугу тиэмэни дириҥник билсэр.
—2005 с. аан бастаан Өрт хайатыгар «Тайна Чингис Хаана» киинэни устан саҕалаабыппыт. Киинэбит афишатын өйдөөн көрбүт эбит буоллаххытына, манна Чыҥыс Хаан аата уонна солото көстөр: Байкал күөл. Байкал былыргы аата Тенгис («Тайные истории монголов» 1240 с.) Өссө манна «Монгол—Моҕол—ол эбэтэр, хотугу Луо» диэн тэнгри өйдөбүлэ көстөр. Ыһыах, Өрт Оонньуулара—майгыннаһаллар. Афишабытыгар Өлүөнэ өрүс чаҕылҕан курдук көстөр. Россия—Евразия эргимтэтигэр сытарын быһыытынан, ити тиэмэ биһиги киинэлэрбитигэр эмиэ көстүөхтээх дии саныыбын. Ол санааттан «Александр Невский в Срединном мире» диэн Россия, аан дойду таһымнаах киинэ бырайыагын көҕүлүүбүн. «Кэскил» хаһыаты кытта «Великие победы Александра Невского» диэн брейн-ринг, Төгүрүк остуол курдук тэрээһиннэри көҕүлээбиппит. «Ердынские игры—содружество в пространстве Евразии» научнай-практическай кэмпириэнсийэ резолюциятыгар ахсынньыга буолуохтаах Уһук Илин экономическай форумугар Невскэй туһунан киинэ бырайыагар аналлаах Төгүрүк остуолу көҕүлүөххэ диэн киирдэ. Эһиил Монголияҕа ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» Оонньуулары көрсө «Игры детей Неба и Земли» диэн кинигэни Саха сирин уонна Иркутскай ааптардарын кытта бэлэмнээн эрэбит. Ону Иркутскай уобалас Сокуону таһаарар Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кузьма Алдаров сэҥээрбитэ, өйүүрүн биллэрбитэ,—диир.
Морин хуур
Өрт тула дьоллоох дьуохар кэнниттэн хааман иһэн, истиэххэ олус кэрэ матыыптары батыһан, биир ураһа таһыгар кэллим. Ол тула дьон мустубут, аа-дьуо кэпсэтэр. Билсибитим, Еланцы диэн муниципальнай тэриллии (баһылык Сергей Беляев) ураһата эбит. Кыргыттар төрүт үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуу үөрэнэллэр. Бу морин хуур эбит. Оргууй сыыйыллар матыыптар нэлэһийэр истиэби, ыраахтан маҥхайар хайалар төбөлөрүн, оттон ол матыып эрчимнээхтик тэтимирдэҕинэ, ат сүүрэн бөтөрөҥнөтөрүн, үрүйэ, уу кылыгырыы устарын, өрүс, муора халыгырыы, бааллыра долгуннурарын, көҥүл тыал дохсун тыынын өйдөтөллөр.
Манна морин хуур оҥорооччу, норуот ырыаларын толорооччу, регионнааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар, фестиваллар кыайыылаахтара Баир Цыденов илэ бэйэтинэн баар. Баир кыра эрдэҕиттэн мас аптамааттары, клюшкалары, салааскалары оҥорбут. Онто кэлин морин хуур оҥоруу курдук уустук дьарыкка кубулуйбут.
—Биһиэхэ бэрт дьикти үһүйээн баар: биир араат (сүөһү иитэр киһи) миинэр миҥэлээх эбит. Онтуката истиэп устун сүүрэн көтүттэҕинэ, тыалга сиэлэ силэллэ биэрэн, истиэхтэн кэрэ дорҕооннор кутулла түһэллэр эбит. Арай биирдэ ымсыы, куһаҕан санаалаах киһи ол аты өлөрөн кэбиспит. Онуоха араат олус хомойон, санаарҕаан, ат уҥуоҕуттан уонна сиэлиттэн дьикти тыастаах морин хууру оҥорбут. Онтон ыла маннык үнүстүрүмүөн биһиэхэ баар, — диэтэ Баир.
Былыргы сиэр быһыытынан, морин хуур дьиэни ыраастыыр, үтүө тыыны иҥэрэр аналлаах. Хас биирдии ыалдьыт морин хууру тыытан, таарыйан, оонньоон ылыахтаах. Онон ыалдьыт киһи сиэринэн, морин хуурга оонньоон көрдүм. Табылынна!
Сахалыыга майгынныыр тыллар
Сылдьарым тухары, бүрээттэр бэлиэтээн эттилэр: «Учуонайдаргыт «Сахалыы—монголлуу тылдьыты» оҥоро сылдьаллар эбит . Оттон сахалыы-бүрээттии тылдьыты эмиэ оҥоруохха сөбө буолуо. Эһиги төрүттэргит түҥ былыр Байкал эҥээригэр олорбуттара. Онон төрүт дойдугут курдук санааҥ. Сүүһүнэн сыллар тухары туора-туспа омук курдук сананан, саарбах, сиикэй өйдөбүллээх олорон кэлбиппит»,—диэн. Айан былаһын тухары биһиэнигэр майгынныыр хас да тылы иһиттим. Холобур: саламаат, урмэ, зоохэй (сүөгэй), бэлэг (бэлэх), дархан, сэргэ, орон (олох сир), тэнгри (таҥара), улуус…
Абарҕа моҕой?
Дойдубар кэлэн баран, түүл түһээтим: онно хара тириилээх дьон кэллилэр уонна: «Барҕа махтал, кэлэн барбыккытыгар. Барҕа махтал, биһигинниин буолбуккутугар… Этэҥҥэ буолуҥ, хаан-уруу дьоммут»…
Оттон миигин Абарҕа моҕой кистэлэҥэ син биир сэҥээрдэр, тардар. Мээнэҕэ Луону персонаж гынан, Оонньуулар аһыллыыларыгар көрдөрбөтөх буоллахтара. Сорохтор этэллэринэн, Абарҕа моҕой Байкалга, далайын түгэҕэр сөҥөн олорор. Үөһэттэн, үрдүк куйаартан Байкал улахан да улахан Луону санатар… Аны тувин тылыгар тустуук диэн «могэ» диэн эбит. Онон моҕол, моҕой, монгол ис хоһооннорун ситэ көрөр, өйдүүр ордук.
Ааптар: Жанна Леонтьева 4sakral@mail.ru