«Кэскил» хаһыат суруналыыһа Жанна Леонтьева аатырбыт Байкал күөл кытыытыгар ыытыллар Өрт Оонньууларыттан бэлиэтээһиннэрин салгыы таһаарабыт.
«Оҕо хаһыатын таһаараргыт үчүгэй»
Галина Протасовна Хамарханова—дакылаатыгар былыргы ойуулар-бичиктэр тустарынан кэпсээтэ, Саха сирин гербэтигэр Шишкино баар ойуу киирбитин санатта. Инникитин «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары кытары ситимнээхтик үлэлиир санаалаах. Хардарыта матырыйаал ыытыһыах, тылбаас оҥоруох буоллубут.
—Эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр тылга-өскө улахан болҕомто ууруллара бэлиэ. Оҕолорго аналлаах хаһыаттааххыт олус үчүгэй, ымсыырдыбыт. Саатар нэһилиэкпитигэр оҕо хаһыатын оҥорбут киһи,—диэн бүччүм санаатын биллэрдэ.
«Олоҥхоҕутун үйэтиттигит»
Улан-Удэттан историческай наука доктора Сэсэгма Жамбалова бүрээт норуотун култууратын глобализация кэмигэр хайдах харыстыахха сөбүн туһунан дакылаатыгар эмиэ Саха сирин холобурдаата:
—Мин Саха сиригэр хаста да сылдьыбытым. Ыһыах диэн төрүт бырааһынньыктарын үчүгэйдик да тэрийэллэр. Олоҥхо ыһыахтарын улуустарынан ыыталлар. Олоҥхолорун ЮНЕСКО сиэдэрэй айымньыларын кэккэтигэр киллэрдилэр. Бу—улахан ситиһии.
Бүрээт литературата Огдо айымньытынан байда
Быйыл биһиги хаһыаппыт кылаабынай редактора, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Евдокия Иринцеева-Огдо «Санатыма дуу, ааспыты» сэһэнэ бүрээт тылынан тылбаастаммыта. Ити түгэни Иркутскайга олус үчүгэйдик ылыммыттара. Баяндай оройуонун салалтатын бэрэстэбиитэлин Өрт Оонньууларыгар түбэһэ көрсүбүтүм. Кини: «Биһиги саха суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдону көрсөөрү бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бүрээт литературата сахалыы айымньынан байда»,—диэбитэ. Онон сылдьарым тухары ити үтүө сонуну кэпсээбиппин бары сэргээтилэр: «Кэскил» үлэһиттэрэ Байкал эҥээр сылдьар, биһигинниин ситимнээх эбиккит», диэтилэр.
Дархан диэн уус
Өрт Оонньууларын кэмигэр уран тарбахтаахтар, төрүт олохтоохтор дьарыктарын дьэрэкээн быыстапката тардылынна. Ол курдук, ньиэрпэ тириитин талкыга имитэн, ньиэрпэ этин тууһаан аҕалбыттарын амсаттылар. Бараан түүтүн сап гына хайдах өрөн таһааралларын көрдөрдүлэр. Тимир, мас, сиэл оҥоһук эгэлгэтэ көрдөрүүгэ турда.
Дархан… Дархан диэн бүрээт тылыгар «уус» диэн. Уустар баһылыыр-көһүлүүр оруоллара улахан. Былыр-былыргыттан уус буолууну элитнэй, киһиэхэ барытыгар бэриллибэт, таҥараттан кэлбит ытык дьарык курдук ылыныллар. Уонна эмиэ сахаларга баар өйдөбүл курдук, ойуун төрүттээҕэр уус төрүт күүстээх диэн санаа баар. Ойуун, удаҕан таҥаһын-сабын, туттар малын, тэрилин—биллэн турар, уустар оҥороллор.
—Уус таҥаралара хара уонна үрүҥ диэн өйдөбүллэргэ арахсаллара. Хара уустар («хара дархан» диэннэр) тимири уһаараллар, үрүҥнэр өҥнөөх, күндү тимирдэринэн, итиэннэ үрүҥ көмүһүнэн үлэлииллэрэ. Кинилэри былыр «Мунгэн дархан» дииллэрэ, — диир искусствовед Виктория Банаева.
Өрт Оонньууларын сүмэтэ—төгүрүччү туран ехорь үҥкүүлээһин. Биһиэхэ эмиэ итиниэхэ майгынныыр тыл баар—дьуохар. Бүлүү бөлөх, итиэннэ соҕуруу улуустарга, холобур, Өлүөхүмэҕэ дьуохардыыллар. Бүрээттэр ехорьдара—«өлүөхүмэлии» хаамыы диэн саха үҥкүүтүгэр баар ньыманы санатар. Байкал кытылыгар сылдьарым тухары, ехорь туһунан ырыаны, үҥкүүнү эмиэ элбэҕи көрдүм. Бүрээт култууратыгар чахчы бэлиэ сири ылар эбит.
Оонньуулары түмүктүүр күҥҥэ онно мустубут дьон бары ытык Ерд хайатын тула хас эмэ хос төгүрүччү туран дьуохардыыллар, ол иһэн бары баҕа санааларын истэригэр саныыллар, үрдүкү күүстэн сылы этэҥҥэ туоруулларыгар көрдөһөллөр. Бу сырыыга дьуохар кэмигэр кыратык ардахтаан ылла. «Бу үчүгэй бэлиэ»,— диэн сылыктаатылар ойууннар.
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ)
Ааптар: Жанна Леонтьева.
2 2
Наьаа учугэй информация, бэйэбэр сананы арыйдым, ейдеетум..) авторга махтал!
Болҕомтолоох ааҕааччыга махтал)))