Ахсынньы 12 күнүгэр Российскай Федерация Конституцията ылыллыбыт күнүн бэлиэтиибит. Дойдубут биир сүрүн бырааһынньыга буолар. 1993 сыллаахха бу күн, бүтүн норуот куоластаан, РФ Конституцията ылыныллыбыта.
Дүллүкү орто оскуолатын лидердэрэ нэһилиэк баһылыгын кытта кэпсэтэ, сэһэргэһэ бара сырыттыбыт. Баһылыкпыт Николай Петрович Романов, бастатан туран, Конституция диэн судаарыстыба тутаах сокуона уонна киһи быраабын туһунан буоларын кэпсээтэ.
Ол кэнниттэн оҕолор нэһилиэкпит баһылыгар интэриэһиргиир ыйытыыларбытын биэрдибит. «Саҥа оскуолабыт тутуута хаһан саҕаланарый?», — диэн саамай тутаах ыйытыы буолла. Николай Петрович маннык эппиэттээтэ: «Оскуолабыт докумуона бэлэм уонна экспертизаны ааспыта, онон уочараппыт чугаһаан иһэр, ол эрээри оскуолата суох нэһилиэк элбэх, оҕолоро кулуупка, дьаьалта дьиэтигэр тахсан үөрэнэллэр, ол иһин уочараппыт ыраатан хаалыан эмиэ сөп. Онтон приказ кэллэҕинэ, оскуолабытын 2-3 сылынан тутан бутэриэхпит,» — диэтэ.
Нэһилиэкпит инники сайдыытыгар туох былааннар баалларын уонна туох тутуллаары турарын сырдатта. «Ийэ скверэ » оҥоһуллаары сылдьарын биллибит. Биир улахан үлэ — Арҕаа Эбэҕэ скважина хастарааһына былааннанар эбит. Оччоҕо кыһыннары-сайыннары сир анныттан кэлэр ыраас ууну иьиэхпит диэн эрэнэбит. Олохтоохтор суол оҥоһуутун туруорсубуттар, ол быһыытынан кэлэр сылга саас суол гравийынан өрөмүөннэниэхтээҕин эттэ. «Өссө сайыҥҥы кэмҥэ оҕолор мустан оонньуулларын курдук спортивнай площадка, быраҕыллыбыт дьиэлэргэ олорботуннар диэн беседка туттарыахпын баҕарабын,» — диэн оҕолор болҕомтолорун тарта уонна баҕа санааларын ыйытта. Лидердэр кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу көрсүһүүттэн биһиги нэһилиэкпитигэр туох үлэ, сайдыы бара турарын, инники былаан туһунан биллибит. Николай Петрович: «Өссө да ыйытыылаах, этиилээх буоллаххытына, дьаһалтаҕа киирэн этинээриҥ», — диэн сүбэлээтэ. Онон олус, истиҥ, кэрэхсэбиллээх кэпсэтии буолла дии санаатым.
Илона Руфова, 9 кылаас, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү оскуолата, «Эрчим» юнкорпост.