Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн 2021 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун көҕүлээһининэн оскуола саастаах оҕолорго аналлаах «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэлиир. Быйыл сайын сайыҥҥы оскуола бэс ыйын 19-30 күннэригэр үлэтин ыытта. Уопсайа сүүстэн тахса оҕо эн мин дэһэн, үөрэ-көтө, астына сайыҥҥы оскуолабытыгар дьарыктанна.
Сайыҥҥы оскуола сүрүн тутаах дьонунан үгэс буолбутунан баһаатайдар — «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара буолаллар. Быйыл баһаатайдарынан: Хаарчаана Заворотная, Афоня Канаев, Ая Таппырова, Уля Маркова, Алик Григорьев, Маша Толстякова, Саша Аввакумов, Сахая Ефремова, Сайаана Ефимова, Володя Егоров, Тимур Калашников, Виолетта Старостина үлэлээтилэр.
Баһаатай диэн үлэҕэ бэриниилээх, эппиэтинэстээх, сымнаҕас, сайаҕас майгылаах, мындыр өйдөөх, холобур буолар киһи ананар. Баһаатайдарбыт оҕолорго элбэҕи үөрэтэн, үөрдэн-көтүтэн, араас бэһиэлэй уонна толкуйу сайыннарар, илии-атах сайдыытыгар сөптөөх оонньуулары оонньотон, күн ахсын флешмоб үҥкүү үҥкүүлэтэн, өйөөн, көмөлөһөн, саамай чугас дьонноро буолан оҕолор сүрэхтэрин сүүйэн, ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлээн төрөппүттэртэн, педагогтартан хайҕабыл маанытын ыллылар.
Сайыҥҥы оскуола үлэтин түмүгүнэн баһаатайдар Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин аатыттан бары бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаланнылар уонна үс бастыҥ баһаатай аатын сүкпут оҕолор: Афоня Канаев, Сайаана Ефимова, Алик Григорьев Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун салайааччыта Геннадий Иванович Охлопковтан сыаналаах бэлэхтэри туттулар. Геннадий Иванович оҕолор чөл олоххо сыстаҕас буолалларыгар, спорт өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар анаан «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иитиллээччилэригэр мээчиктэри, скакалкалары, бадминтоннары бэлэх уунна. Геннадий Ивановичка кэскилбит, кэнчээри ыччаппыт – оҕолорбут сайдалларыгар күүс-көмө буоларгар, кыһамньыҥ иһин улахан махтал!
«Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуолаҕа үлэлэрин туһунан баһаатайдарбыт санаалара
Виолетта Старостина:
— Миэхэ сайыҥҥы оскуола олус интэриһиэнэй буолла, хас биирдии күн ураты, сонун күн буолла. Пааркаҕа, Хадаайыга, музейдарга сырыттыбыт, туох да ыараханы көрсүбэтим, оҕолору кытта биир тыл буларга, үчүгэйдик, кыбыстыбакка кэпсэтэргэ, элбэх оонньуу толкуйдуурга үөрэнним. Мин Матрена Дмитриевнаҕа миигин баһаатайынан анаабытыгар махтанабын. Баһаатай буолар олус үчүгэй эбит, сөбүлээтим. Баһаатай буоларга саамай сүрүнэ оҕолору кытта биир тыл булуохха наада уонна оҕолору мөхпөккө эрэ, атыннык кэпсэтиэххэ наада, оччоҕо эн тылгын истэр буолаллар эбит. Мин баһаатайдыырбын олус астынным, сөбүлээтим.
Ая Таппырова:
— Бу сайыҥҥы оскуолаҕа баһаатайынан бастакыбын үлэлээтим, оҕолору кытта үлэлиир олус уустук, ол эрэн интэриэһинэй эбит. Хас күн аайы саҥаттан саҥа, оҕолор билбэт оонньуулара наадалар, оннук оонньуулары көрдүү сылдьан хас биирдии оҕобун барыларын саныыбын: «Кини бу оонньууну сатаан оонньуоҕа да?» диэн. Оҕолор болҕомтолорун тардар уустук эбит. Саамай интэриэһинэй, бэһиэлэй тэрээһин «Водяной бой» этэ. Биир куйаас күҥҥэ оҕолорго «Водяной бой» оҥорбуппут, оҕолор астына оонньообуттара, сөрүүкээбиттэрэ. Мин баһаатайдаан элбэххэ үөрэнним, холобур, кыра оҕолору түмэргэ, болҕомтолорун хаба тардан ону-маны кэпсииргэ, быһаарарга, тулуурдаах буоларга. Матрёна Дмитриевнаҕа, олохпор оҕолору кытта үлэлээн көрөргө, уопут ылбыппар улаханнык махтанабын! Уонна «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр куруук аттыбытыгар сылдьан көмөлөһө, өйүү сылдьыбыттарыгар, партнердарбытыгар, көмөлөһөөччүбэр Калашников Тимурга улахан махтал! Баһаатай эппиэтинэстээх, болҕомтолоох, бэһиэлэй, тутатына толкуйдуур, хаама сылдьар оонньуулардаах кинигэ курдук буолуохтаах дии санаатым.
Уля Маркова:
— “Түөлбэ баһаатайа” сайыҥҥы оскуола бэс ыйын 19 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Олус кыраһыабай «Хадаайы» музейын территориятыгар ааста. Хадаайы сирин олуһун да таптаатым. Кини олус баай айылҕалаах, историческай экспонаттардаах, ото-маһа, сибэккилэрэ олус да кэрэ. Салгына ып-ыраас, киһи эрэ сылдьыа эбит! Сайыҥҥы оскуолаҕа олус интэриэһинэй экскурсиялар ааспыттара, тэрилтэлэр кэлэн оҕолорго үлэлэрин туһунан сырдаппыттара. Сайыҥҥы оскуола аһыллыытыгар уонна үлэтин түмүктүүр күнүгэр батуттар бааллара олус киэргэппитэ, оҕолору сэргэхсиппитэ. Сайыҥҥы оскуола арыллыытыгар уонна түмүктүүр күнүгэр партнердар кэлэн барыбытыгар мороженай түҥэтэн сиэппиттэрэ эмиэ олус үчүгэй этэ. Оҕолору кытары биир тыл булан, үлэлэһэр туспа интэриэһинэй эбит. Оҕолор бары тус-туспа дьоннор, ол иһин хас биирдии оҕону кытары биир тыл булан үлэлэһэргэ үөрэнним. Баһаатай быһыытынан улахан уустуктары көрсүбэтим. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн бырааттарбын балтыларбын көрөн улааппыт буолан улаханнык ыарырҕаппатым. Самаай сүрүнэ диэн интэриэһинэй, сонун оонньуулаах буолуохха наада эбит дии санаатым.
Махтаныам этэ: тэрийээччилэргэ — сайыным биир улахан кэрчигин умнуллубат күннэри бэлэхтээбиттэригэр, баһаатай буолбуппар олус үөрэбин, спонсордарга — өйдөөн-өйөөн, көмө илиитин ууммуттарыгар, төрөппүттэргэ — оҕолорун баһаатайдарга эрэнэн туран сайыҥҥы оскуолабытыгар сырытыннарбыттарыгар, оҕолорго — күн аайы сайыҥҥы оскуолаҕа кэлэн, үөрүүнү-көтүүнү үллэстибиттэригэр, бэйэ-бэйэлэрин убаастаан эйэлээхтик сылдьыбыттарыгар.
Мин санаабар, баһаатай түргэн-тарҕан, эппиэтинэстээх, оҕолору кытары биир тылы булар, ханнык баҕар түбэлтэҕэ боппуруоһу быһааран, быһаарыныылаах буолуохтаах дии саныыбын.
Афоня Канаев:
— Я работаю вожатым не первый год и имею некий опыт в работе с детьми, но всё равно знал, что работа с детьми это сложный труд. Нужно найти подход к каждому ребёнку, поэтому было маленькое чувство страха, но в первый день. Когда я увидел детей весь страх прошёл ведь невозможно бояться этих маленьких людей приносящих большое счастье. Позже мы с детьми сплотились и я даже забыл, что работаю вожатым, ведь каждый раз проводя для них игры, мне тоже было весело. Я очень рад и горд что меня признали «Лучшим вожатым». Напоследок хочу сказать, что быть вожатым большая честь, но очень тяжелая работа. В последний день летней школы ты понимаешь что весь твой труд это не зря, потому что видишь благодарные улыбки невероятных детей.
Сахая Ефремова:
— Быйыл мин баһаатай идэтин бастакыбын холонон көрдүм. Бастаан саҕалыырбар, биллэн турар, ыарахан соҕус этэ, ол эрэн мин санаабар бэрт түргэнник ылынным уонна сөбүлээтим, тоҕо диэтэххэ кыра эрдэхпиттэн наар табаарыстарбын, балтыларбын, бырааттарбын кытары оонньуур уонна алтыһар этим, ол иһин оҕолору кытары сөптөөх подход булан (о.а. туох оонньуулары оонньоторго, кэпсэтиигэ хайдах, ханнык тиэмэни тардан оҕолору арыйан барыларын биир интэриэскэ мунньабын) диэн ыйытыктар, санаалар олус элбэх этэ, ол эрэн атын баһаатай табаарыстарым, Матрена Дмитриевна, «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ миэхэ улахан көмө, элбэх сүбэ-ама биэрбиттэригэр улахан махтал! Бу курдук, бу сайыным, бэс ыйын 14 күнүн баһаатайынан үлэлээн этэҥҥэ атаардым.
Сайаана Ефимова:
— Я работала вожатой в летней школе «Дворовый вожатый». В своей семье я являюсь старшим ребенком, поэтому работать с детьми мне дается легко. В первый день я волновалась, но увидев детей, как они пришли с улыбкой на лицах и с хорошим настроем я отложила все свои переживания и начала знакомиться с детьми и делать так, чтобы детям со мной было комфортно. Мы играли, проходили интересные квесты, делали своими руками поделки и просто разговаривали по душам. В день закрытия меня признали «Лучшим вожатым». Я очень обрадовалась. Хочу сказать, что после этой летней школы, я поняла что вожатый это не только человек проводящий игры, но и настоящий друг для детей.
Бу курдук оҕолорбут олус бэриниилээхтик, ис сүрэхтэн, кыһаллан үлэлээтилэр, учууталларын эрэлин түһэн биэрбэтилэр, чиэстээхтик эбээһинэстэрин толордулар, баһаатай үрдүк аатын көмүскээтилэр.
«Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ, Ытык-Күөл, Таатта улууһа.