Харыйа
Бу
Харыйа-
Тыа харабынайа,
Турар хойуу лабаатынан барыйа
Хараҕы үөрдэр биир кэм күөх,
Киһи көрө үөрүөх!
Өргөс төбөҕүнэн халлааны суруйа,
Аттыгынан ааспыты сытыы иннэҕинэн хаарыйа,
Айан тииҥин туорааҕынан күндүлүү,
Күҥҥэ күлүмүрдүү
Үүммүккүн үтүө харыйа!
Айылҕа хагдарыйбат киэргэлэ эн буолан,
Модун умнаскынан буортан тайанан
Сииктээх сиртэн силис тардан,
Силигилии сиппиккин
Халыҥ тайҕам
Мааны маһа,
Харыйам!
Маннык харыйа куормалаах хоһоон норуот бэйээтэ Тобуруокап суруйбута уонна Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар олорбут “алаас бэйээтэ”, кэрэспэдьиэн, “Чэчир” түмсүү чилиэнэ Руслан Михайлович Кривошапкиҥҥа баар. Кини оҕо сааһа Ороһуга ааспыта, Нам оскуолатыгар Бүөтүр Тобуруокапка үөрэммитэ. Ийэ тылга тапталы иҥэрбит, тылы имитэр-хомутар ньымаҕа үөрэппит учуутала кини.
Руслан Михайлович Харбалаахха учууталлыы кэлиэҕиттэн хоһоонноро “Коммунизм сардаҥата” (“Үөһээ Бүлүү”) хаһыатыгар бэчээттэммиттэрэ. Тыа олоҕун сырдатар араас ыстатыйалара, уочаркалара тахсыталыыллара. Онтон хаһыакка өр сылларга редакцияҕа үлэлээбитэ. Уйан сүрэҕиттэн саҕыллан тахсыбыт тыллардаах үгүс хоһооннорун билигин ырыа гынан ыллыыллар.
Харбалаахха аҕалыы-уол Руслан уонна Александр Кривошапкиннарга аналлаах сылын аайы “Хаар бырааһынньыга” ыытыллар. Бу күн Руслан Михайлович, уола Александр айбыт лиричэскэй хоһоонноро ааҕыллаллар, харбалаахтар таптаан ыллыыр ырыалара “Хаар” ылланар. Ити үөһэ ахтыллыбыт хоһоон “Харыйа” ааҕыллыбытын кэннэ нэһилиэкпит харыйата араас уотунан күлүмүрдээн тыгар. Тэрээһин хайа саҕаланыаҕыттан Руслан Михайлович оҕолоро, сиэннэрэ спонсордыыллар, сиэннэрэ эһэлэрин хоһоонун ааҕаллар. Онон кинилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин.
Руслан Михайлович Кривошапкин хоһооннорун кинигэ гынан СӨ култууратын туйгуна Копыленко Светлана Даниловна, кэлин Михаил Капитонович Котоконов, Иван Калинич Лазарев “Дьылҕам маҥан ата” (2006 с.) диэн ааттаан күн сирин көрдөрбүттэрэ. Бу кинигэҕэ аан тылы норуот бэйээтэ, редакцияҕа бииргэ үлэлээбит Семен Титович Руфов суруйбута. Руслан Михайлович хоһоонноругар “Дьиҥнээх поэт олорон ааспыт эбит” диэн үрдүк сыанабылы филологическай наука доктора, профессор Н.Н.Тобуруокап биэрбитэ.
Евдокия Павловна Семенова, И.Н. Барахов аатынан
СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.