Алтынньы 6-9 күннэригэр Владивосток куоракка ыаллыы сытар Ливадия
бөһүөлэккэ спортивнай ориентированиеҕа бүтүн Арассыйатааҕы «Тихий океан»
күрэхтэһиигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун сборнайа («Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киинин
иитиллээччилэрэ) ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Манна спортивнай
ориентирование курдук эти-хааны эрэ буолбакка, тобуллаҕас өйү тургутар спорт
көрүҥүнэн үлүһүйэр 400 тахса оҕо кытынныыны ылбыт. Спортсменнар дойдубут
араас муннугуттан мустан, күөн көрсүбүттэр.
Сэтинньи 9 күнүгэр «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киинигэр «Эдэр турист»
куруһуок иитиллээччилэрин Павловскай орто оскуолатыттан: Егоров Толяны, Катаев
Айталы, Дьячковская Раданы, Брызгалова Василисаны, Брызгалова Розалинаны,
салайааччылара Оконешникова Наталья Николаевнаны, Табаҕа орто оскуолатыттан:
Аргунова Алинаны, Алексеев Павелы, Скрябин Сашаны, Владимиров Максимы,
Васильев Эрханы, Бурнашева Ульянаны, салайааччылара Александр Николаевиһы
кытта санаа атастаһыыта ыытылынна.
Эдэр, кэскиллээх спорстменнар, салайааччыларын салалталарынан бүттүүн
Арассыыйатааҕы күрэххэ кыттан кэлбиттэрин кэпсээтиллэр. Күрэхтэһии Владивосток
куоракка ыаллыы сытар Ливадия бөһүөлэккэ буолан ааспыт. Спортсменнар үс күн
устата таастаах хайалары дабайан, үрдүк оту-маһы уҥуордаан, араас уһуннаах
дистанцияны ааспыттарын кэпсээтилэр. Ким сыыдамнык наадалаах пуунугар тиийэн
бэлиэтэммит, биэтэккэ бастакынан тахсыбыт кыайыылаах буолбут. Биһиги
спортсменнарбыт ориентирование спорт көрүҥэр 1-кы, 2-с, 3-с разряды толорбуттар.
Күрэхтэһии түгэннэриттэн элбэх хаартыскалары, видеолары көрдүбүт. Биһиги медиа
киин иитиллээччилэрэ, оҕолору уонна салайааччылары кытта кэпсэттибит,
күрэхтэһии туһунан ыйытыктары ыйыттыбыт:
Бастатан туран, бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ ситиһиилээхтик
кыттан кэлбиккитинэн эҕэрдэлиибин. Эһиги бу күрэххэ республика араас
хамаандаларыттан хайдах таллыллан аастыгыт?
— Биһиги 4 кылаастан «Эдэр турист» диэн куруһуокка хас да сыл устата
дьаныардаах дьарыкпыт түмүгэ буолар. Биһиги салайааччыбыт Наталья
Николаевна туох баар сыратын ууран туран, өрөбүл буоллун, каникул буоллун
дьарыктыыр. Араас күрэхтэргэ кытыннаран, улууска, республикаҕа
бастыҥнар ахсааннарыгар киирэммит, бу Владивосток курдук улахан куоракка
кыттыыны ылан кэллибит.
Эһиги элбэх күрэхтэргэ кыттыбыт, кыайыы өрөгөйүн билбит
спортсменнар буолаҕыт. Атын, улахан куоракка ыыттыллар күрэх туох
уратылаах эбитий?
— Бары талыллан кэлбит оҕолор таһымнара быдан атын буолар. Хас биирдии
кыттааччы күүстээх бэлэмнээх, бары миэстэлэһэрдии, разряд толоро кэлбит
сыаллаахтар. Ону таһынан, айылҕата уратыта сыттаҕа. Ото-маһа олус
үрдүк буолан, киһи сүүрэригэр мэһэйдэри үөскэтэр. Аны биһиги күрэхтэрбит
наар мыраан үрдүгэр ыытыллар буоллахтарына, бу ыытыллыбыт күрэххэ
таастаах хайалары дабайар олус ыарахаттардаах этэ. Ол да буоллар
үчүгэйдик кыттан кэллибит, сыалбытын ситистибит диэн сананабыт.
Уһук Илин биир бөдөҥ, сайдыылаах Владивосток куорат тугун сэргии
көрдүгүт?
— Аан бастаан тиийээккин кытта, сииктээх салгына сөхтөрөр. Муора тулалаан
турар буолан, салгынын сиигэ сүрдээх. Биһиги тиийэрбитигэр сөтүө кэмэ
бүппүт этэ, ол да буоллар сорох оҕолор муораҕа сөтүөлээбиттэрэ. Саха
сирин оҕолоро тымныыга үөрэммит буоллахпыт. Куорат иккис уратыта –
сыырдаах, хайалаах сиргэ турар буолан, суоллара түһүү да тахсыы, кирилиэс
бөҕө, бэйэтэ туспа дьарык. Владивостокка киһи кэрэхсиир сирдэрэ элбэхтэр –
Нуучча арыытыгар баар дойдубут биир баараҕай океанариумугар
сырыттыбыт, онно барарга Кыһыл көмүс уонна Нуучча муосталары сэргии
көрдүбүт. Океанариумҥа араас элбэх балыктары кэрэхсээтибит, ордук
хатыыстары уонна скат балыктары.
Атын, улахан куоракка ыыттыллар күрэххэ туох мэһэйдэри көрүстүгүт?
— Улахан куоракка бастатан туран, күрэхтэһэр сири билбэппит мэһэйдэри
үөскэттэ. Күрэхтэһии буолар сиригэр тиийэн бараммыт, хайдах эрэ саллан
хаалбыппыт. Арай тыаҕа киирбиппит: отторо олус үрдүктэр, мастара
(дуб,ива уо.д.а.) олус атыттар. Хайаҕа сүүрэр, биһиги мырааннарбытын
дабайа сүүрэрбититтэн чыҥха атын эбит. Уонна атын улахан куорат
оҕолоругар тэҥнээтэххэ, эт-сиин өттүнэн сайдыыбыт кыратык мэһэйдэри
үөскэттэ буолуо дии саныыбын. Нуучча оҕолоро уҥуохтара үрдүктэр,
кэтиттэр. Онон, «психологическай барьер» да, үөскээбит буолуон сөп.
Инники былааҥҥыт туһунан биһиэхэ кыратык сырдатыаххыт дуо?
— Бастакытынан, улууспутугар спортивнай ориентированиены сайыннарар
баҕалаахпыт. Граҥҥа кыттаммыт, аныгы СПР уонна ЧИП систематын,
станциятын ылынан, карта оҥотторуохпутун баҕарабыт. Всероссийскай
турслет дойдубутугар тэрийэн ыытыахпытын баҕарабыт.
Эдэр, кэскиллээх спортсменнарбытыгар баҕарыа этибит: салгыы сайдан, өссө
тупсан, үрдүк чыпчааллары дабайаргытыгар. Ситиспиккитин мүччү туппакка
салҕыы сайыннараргытыгар, оскуолаҕыт, төрөөбүт улуускут аатын аны да
ааттата тураргытыгар баҕарабыт!
Тэрээһин иккис чааһыгар Саха сирин үөрэҕириигэ, физическэй култуураҕа
уонна спортка туйгуна, спортивнай ориентированиеҕа ССРС маастарыгар кандидат
Филиппов Иван Семенович «Туризм уонна ориентирование» үлэтин уопутун сырдатар
бэйэтин архыыбыттан быыстапка тэриллэн турбута оҕолор, педагогтар, ыалдьыттар
сэҥээриилэрин ылла, оҕолорго тургутук ыытылынна.
Адамова Николина, Петрова Сандаара, медиа-киин
иитиллээччилэрэ