Нам улууһун Бөтүҥ оскуолатыгар историк учуутал Егор Михайлович Софронов салалтатынан “Искатель” куруһуок үлэлиир. Быйыл сайын Бөтүҥ уонна Нам гимназиятын (салайааччы А.Р.Попов) эдэр археологтара Гуманитарнай чинчийии институтун испэсэлиистэрин Елена Соловьеваны уонна Денис Петрову кытта экспедицияҕа сылдьан, IX үйэтээҕи Кулун Атах култууратын артефактарын буллулар.
Бөтүҥ оҕолоро «Искатель» куруһуокка дьарыктанан, сайынын археологическай хаһыыларга сылдьаллар. Егор Михайлович бэлиэтииринэн, атын улуустарга тэҥнээтэххэ, Нам сирэ, археология өттүнэн, ситэ үөрэтиллэ илик.
2015 сылтан, 4 сыл устата, 20 пааматынньык арыллан, чинчийиллэн турар. Саамай элбэх Бөтүҥҥэ баара биллэр. Маны таһынан – Нам Нэлэгэригэр, Хомустаахха, Хамаҕаттаҕа. 2018 с. Бөтүҥ Хара Уу сиригэр эрдэтээҥи тимир үйэ артефактара көстүбүттэрэ.
Бөтүҥ пааматынньыктара ордук ураты суолталаахтар. Ол курдук, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Матта нэһилиэгэр булуллубут Кулун Атах култуурата ХIV үйэтинээҕи диэнинэн биллэр. Онтон Бөтүҥ хаһыылара IХ үйэтинээҕи буолан таҕыстылар! Бу ураты суолталаах арыйыы дакаастаннаҕына, киһи-аймах историятын чопчулааһыҥҥа биир улахан уларыйыы тахсыа.
Маннык хаһыыларга сүнньүнэн туой иһит үлтүркэйин, куйах чааһын булаллар эбит. Туой иһиттэр оһуордарынан ханнык үйэтээҕи буоларын быһаараллар.
Хаһыыны хайдах оҥороллоруй? Хаһыы сайын эрэ буолар. Сир үксүн кыбыс-кытаанах, бэл, асфальт курдук буолар. Ону уунан илитэ-илитэ, сэрэнэн-сэрэнэн тарбаан хаһыллар. 4 х 4 кээмэйдээх, 20 см.дириҥнээх аҕыс квадраты хаһыахха наада.
Чопчу манан былыргы үйэҕэ дьон олоро сылдьыбыттара диэн хайдах быһааралларый? Оннук сиргэ, сороҕор бааһынаҕа кырыс тиэриллибитигэр керамика үлтүркэйэ көстө сытыан эбэтэр өтөх сирин омооно биллиэн сөп. Дьон былыр-былыргыттан үксүн өрүс кытыытынааҕы үрдүк сиргэ олохсуйара. Ону археолог: “Бу манан олоро сылдьыахтарын син”,- диэн бэлиэтии үөрүйэхтээх буолан, тута билэр. Төһөнөн былыргы үйэ түбэһэр, оччонон үчүгэй. Неолит, таас үйэтэ түбэстэҕинэ, археологка, этэргэ дылы, дьол тосхойор.
Егор Михайлович, үлэлээбитин тухары, элбэх оҕону археологияҕа уһуйда. Егор Афанасьев, Алеша Марков, Слава Березин хаһыыга сылдьаллара, “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэргэ ситиһиилээхтик кытталлара, билигин геология хайысхатын талан, устудьуоннуу сылдьаллар.
“Соругум историктары иитии буолбатах, төрөөбүт дойдутун таптыыр, историятын интэриэһиргиир дьону, краеведтары уһуйан таһаарыы”- диир учуутал. Быйыл куруһуогар V-VI кылаас оҕолорун ылан, саҥаттан үөрэтээри-уһуйаары сылдьар.
X кылаас үөрэнээччитэ Айаал Местников Хара Уулаахтааҕы хаһыыга сылдьан, ол түмүгүнэн эмиэ НПК-ҕа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кыттыбыта:
— Мин саамай улахан баҕа санаам – тимир быһах эбэтэр саабыла. Биһиги хаһыыларга үксүн керамиканы, туой иһит үлтүркэйин эрэ булабыт. Тимири булуу – улахан ситиһии. Ол эрээри тимири былыр мээнэ бырахпаттара, сыа-сым курдук тутан, эргэрбити уулларан, саҥаттан туһаҕа таһаараллара.
…Археология былыргы историяны, кыратык да буоллар, «таарыйар» кыаҕы биэрэринэн умсугутуулаах. Археолог сири-дойдуну кэрийэр, аныгы дьон билбэттэрин арыйар. ХХI үйэҕэ чинчийии саҥа ньымалара үөдүйэн, археология саҥа кэрдиискэ таҕыста. Онон билигин киһи-аймах сайдыытын кэрдиис кэмин, историятын быһаарыыга саҥаттан саҥа арыйыы тахсара сабаҕаланар.
Ааптар: Таисия Алексеева