1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Сахабыт сирэ бэйэтин сайдыытын, бар дьоммут олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы сүрүн хайысхаларын быһаарынар кыахтаммыта. Бүгүн — Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбыннаһын күнэ.
Бу күн туһунан оскуола оҕолоро тугу билэллэрий? Өрөспүүбүлүкэбит биллэр дьонун, куораппыт саҥа бырайыактарын билэллэрэ буолуо дуо? Бу ыйытыктарга эппиэт көрдөөн, Дьокуускай куорат оҕолорун кытта кэпсэттибит.
Улахан кылааска үөрэнэр оҕолор тоҕо эрэ кыбыстан эппиэттээбэттэр, хаартыскаҕа түһэттэрбэттэр. Чэ буоллун, оччоҕо алын кылаастартан уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэриниин кэпсэтиэхпит диэн буолла.
Агнесса Потапова, 6 №-дээх оскуола I “Д” кылааһын үөрэнээччитэ:
—Мин быйыл оскуолаҕа саҥа киирдим. Үөрэнэрбин сөбүлээтим. Олус интэриэһинэй эбит, оҕолор элбэхтэр. Нууччалыы үөрэнэбит. Бүгүн бырааһынньык дуо? Мин билбэппин. Бастакы Президент ким буоларын оскуолабытыгар өссө кэпсии иликтэр. Билигин биһиги Президеммыт Айсен Николаев буоларын билэбин. Мин куораппытын сөбүлүүбүн, бары эйэлээхтик олоруоххайын, оччоҕо барыта үчүгэй буолуо.
Айсаар Никонов, Саха канадскай оскуола III “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
—Туох бырааһынньыга буоларый? Бүгүн үөрэнэбит, бырааһынньык буолар диэн эппэтэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэбит туһунан кэпсээтэххэ, Бастакы Президеммыт эмиэ Николаев диэн этэ. Аата Михаил Ефимович. Оттон билиҥҥи Президеммытын бары билэбит, Айсен Сергеевич Николаев.
Ленин болуоссатын бырайыагын көрбүтүм, наһаа кырасыабай, атын куорат курдук. Дьокуускайбыт өссө үчүгэй буоларын туһугар мин маннык этиилээхпин: Билигин сыана барыта үрдээн турар, онон куораппыт олохтоохторо бары сатаан баҕарбыттарын атыылаһалларын курдук, сыананы түһэриэххэ наада. Ол туһугар, Өрөспүүбүлүкэбит баһылыга урбаанньыттардыын үчүгэйдик кэпсэтиэн наада!
Аня Корякина, 27 №-дээх оскуола II “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
—Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнэ буолар, миэхэ кэпсээбиттэрэ. Ол гынан баран, син биир үөрэнэбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Президенэ Михаил Николаев диэн этэ, кини мин төрүөм иннинэ президеннээбитэ. Үчүгэй салайааччы этэ диэн бары махтана саныыллар. Оттон биһиги Президеммыт Айсен Николаев. Болуоссаппыт бырайыагын көрөн сөбүлээтим. Күн курдук буолар эбит дии. Хаһан оҥороллоро эбитэ буолла? Өссө куораппытыгар, оскуолаларга босхо илдьэр оптуобустар, бэлисипиэтинэн, ролигынан хатааһылыыр суол бааллара эбитэ буоллар бэрт буолуо этэ.
Максим Охлопков, Национальнай гимназия V “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
—Бүгүн бээтинсэ, үөрэх күнэ. Туох да бырааһынньык буолар диэн сэрэппэтэхтэрэ. Бастакы президеммыт аатын чопчу өйдөөбөппүн, ол гынан баран көрөн билэбин. Айсен Николаевы киһи барыта билэр ини. Киин болуоссаппытыгар саҥа бырайыак оҥорбуттарын ийэбиниин көрбүппүт. Ол иһин Ленин пааматынньыгын тула барыта сабыллан турар эбит. Куораппыт тупсан иһэриттэн үөрэбин. Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар суобастаахтык үлэлиэххэ, саҥа этиилэри киллэриэххэ наада.
Ааптар: Айаана Третьякова.