Бүгүн Аан дойдуга арбуз күнэ бэлиэтэнэр. Арбуһу сиирбитин кыралыын-улаханныын бары да сөбүлүүбүт. Онтон эһиги биирдэ эмит «хотугулуу арбуз» туһунан истибиккит дуо?
Хоту сирин төрүт олохтоохторо эбээн норуота таба этиттэн, иһиттэн-үөлүттэн, хааныттан элбэх араас минньигэс аһылыгы астыыр. Биир оннук төрүт аһынан «чогуча» буолар. Бу бүлүүдэ сибиэһэйдии тута астанар. Таба иһин ыраастаан, сууйан-сотон баран, хаан түрүбүөгүн (сывороткатын) туустаан-тумалаан баран куталлар.
Онтон мөһөөччүк курдук баайан баран оргуйа турар итии ууга буһараллар.
Буспутун кэннэ сойута түһэн баран, дьэ, били арбуһу быһар курдук, кырбаан сииллэр. Олус «далдыка» (минньигэс) буолар эбит. Ону «хотугулуу арбуз» диэн олохтоохтор этэллэр эбит.
Бу туһунан биһиэхэ Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгин «Кочевник» родовой община салайааччыта Альберт Колесов билиһиннэрдэ уонна хаартыскалары көрдөрдө. Киниэхэ махталбытын биллэрэбит.
Анна СЛЕПЦОВА.