Ыам ыйын 23 күнүгэр биһиги кылааһынан Дьокуускай куоракка сынньанан кэллибит. Аан бастаан биһигини Мамонт музейыгар сырытыннарбыттара. Онно мамонт уҥуоҕун, тииһин, үрүҥ тигр чуучулатын, тоҥмут тэрбийэҕи көрбүппүт. Мин бу иннинэ маннык музейга сылдьа илик этим, ол иһин олус интэриэһиргээбитим.
Ол кэннэ квест оонньууга тиийбиппит. Икки хамаандаҕа арахсан баран, бары хараҥа хоско киирбиппит, араас кодтары көрдүү, сорудахтары толоро, таабырыннары таайа сырыттахпытына, биһигини куттаабыттара. Биһиги онно икки квесты ааспыппыт.
Эбиэппитигэр «Застава» диэн рестораҥҥа тиийбиппит. Салат, компот, тефтеллээх хортуоппуй пюретын сиэбиппит.
Салгыы «Гравитация» батутнай кииҥҥэ айаннаабыппыт. Бары ыстаҥалаан, сымнаҕас мээчиктэргэ сытан, канатка хатаастан, күлэн-үөрэн бириэмэбит биллибэккэ ааспыта.
Түмүккэ Атласовтар уһаайбаларыгар тиийбиппит. Сахалыы балаҕаннарга киирэн, норуоппут историятын, уратытын туһунан хаһаайка кэпсээниттэн истибиппит, бу кэмҥэ саха телевидениета биэрии уста сылдьарыгар түбэһэн, сотору кэминэн биэриигэ биһиги көстөн ааһыахтаахпыт.
Маннык турга сылдьан кэлэн олус диэн астынным. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар олорор оҕолор Дьокуускай куоракка кэлэн сынньаныҥ!
Стас ГРОМОВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
7 кылааһын үөрэнээччитэ.