Арылхан Сыроватскай — Мүрү “Уолан” гимназиятын X кылааһын үөрэнээччитэ. Кини мас тардыһыынан үһүс сылын дьарыктанар. Спорду сэҥээрэр, үөрэҕэр үчүгэй, сайдам санаалаах, эйэҕэс майгылаах.
“Арылхан Сыроватский” диэн ааттаах YouTube ханааллаах, Instagram ситимигэр _s_ar_n.nw аккауҥҥа киирэн уол хайдах эрчиллэрин көрүөххүтүн сөп.
– Билигин үөрэх хайдаҕый? Уопсайынан, быйыл гимназияҕа үөрэх дьыла хайдах саҕаланна?
–Быйылгы үөрэх дьыла олус уратылаах. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии кылаас биир кылааска олорон үөрэнэбит, ханна да тахсыбакка, кими да көрсүбэккэ сылдьабыт. Онон саҥа үөрэх сыла олус хомолтолоохтук саҕаланна диэхпин баҕарабын.
– Ханнык биридимиэти ордороҕун, туохха дьоҕурдааххын?
– Мин историяны уонна обществоведениены сөбүлүүбүн. Кыра сааспыттан саҕалаан, историяны сэргиирим. Сэрии, араас кыргыһыы туһунан элбэх кинигэни аахпытым. Онтон арыый улаата түһэн баран обществоведениены кэрэхсээбитим.
– Быйыл туох ситиһии баарый?
– Үөрэх өттүгэр ситиһии баар. «Инникигэ хардыы» научнай кэмпириэнсийэҕэ кыттаммын улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна региоҥҥа бастыҥ миэстэни ылбытым. Улуустааҕы история олимпиадатыгар бастаабытым. Бу үөрэх сылыгар Саха сирин мас тардыһыы чемпионатыгар үһүстээбитим. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лөгөй мадьынылара” күрэххэ иккистээбитим. Оттон мас тардыһыы федерациятын кубогар Уус Алдан хамаандатын састаабыгар киирбитим, бастаабыппыт. Инникитин Саха сирин многоборьетын күрэҕэр кыттарга болҕомтобун уурабын. Мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ спордун маастара ааты ылары ситиһиэм.
– Спорт эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?
– Миигин спортка убайым уһуйбута. Кини мадьыны, Саха сирин спордун маастара. Кинини батыһаммын мин мас тардыһыынан эрчиллэн саҕалаабытым.
– Хайдах дьарыктанарын туһунан кэпсиэҥ дуо? Ханнык эрчиллиилэри оҥороргун уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Биһиги Иван Степанович Готовцев салалтатынан дьарыктанабыт. Онтон мас тардыһыыга саамай туһалаах дарыктаныы диэн становай тяга, блочнай тяга, чохчойуу, штанганы өрө анньыы, гиперэкстензия уонна ыстаныы уонна взрывной эрчиллиилэр.
Сана дьарыктанан эрэр уолаттарга сүбэлиэм этэ – наһаа улахан ыйааһынынан үлэлээмэн, кыраттан улаатыннарын ыйааһынын, үчүгэйдик разминкаланын, тоҕо диэтэххэ мас тардыһыыга эчэйииини сөп уонна тренергыт тылын наар истэ, толоро сылдьын.
Мас тардыһыыта ыарахан көрүҥ. Манна күрэхтэһэр киһи эргиччи бэлэмнээх буолуохтаах. Мээнэ киһи күрэхтэспэт. Тоҕо диэтэххэ, икки тэҥ киһи тардыстаҕына, олох тыыммат буолан хаалаллар, ыбылы тардыһан кэбиһэллэр. Онноҕор мэйииҥ эргийиэхчэ курдук буолаҕыҥ. Этэргэ дылы, хараҕыҥ уһуллан тахсаары гынар, ытыһыҥ ньылбы баран хаалар. Оннооҕор мадьынылар тэҥнээх киһигин кытта күүскэ, туох бааргынан тардыстаххына, кулгааҕын кытта күүрэр диэччилэр. Ол баар, дьэ оннук өйдөөн кэбиһиэххэ наада. Мөлтөөн биэрдин даҕаны, киһиҥ тардан ылар буоллаҕа дии. Ол иһин күүрэн олоруоххун наада.
– Дьарыккын видеоҕа устан инстаграм ситимигэр угар эбиккин дии. Ол туһунан сырдат эрэ.
— Икки сыл аннараа өттүгэр мин мас тардыһыынан уонна да атын национальнай көрүҥнэринэн инстаграм уонна Youtube эйгэтигэр тахсыбытым. Дьон көрөр, интэриэһиргиир. Мас тардыһыыта сайдыы саҥа, сонун кэрдииһигэр тахсан эрэр, дьон болҕомтото бу көрүҥҥэ баар.
– Оскуоланы, үөрэххин бүтэрдэххинэ, туох идэни талыаххын баҕараҕын?
– Мин тутуу өттүнэн инженер буолуохпун баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, бу сотору кэминэн муоста тутулуннаҕына, Саха сирэ олус күүскэ сайдыа уонна бу сайдыы кэмигэр тутуу исписсиэлистэрэ олус ирдэбиллээх буолуохтара.
– Иллэҥ кэмҥэр сөбүлүүр дьарыгын тугуй?
— Мин иллэҥ кэммэр кинигэ ааҕарбын уонна гитараҕа оонньуурбун сөбүлүүбүн. Ону таһынан, оҕо буоларым быһыытынан көмпүүтэр, төлөпүөн оонньууларын оонньуурбун ордоробун.
– Эн кими холобур оҥостоҕунуй? Тоҕо?
– Мин холобур оҥостор дьонум элбэх. Кинилэртэн мин саамай наадалааҕын, саамай үчүгэйин ыла сатыыбын. Холобур спорт өттүгэр: Егор Филиппов, Иван Белолюбскай, Пётр Старостин, Лионель Месси, эргиэн өттүгэр: Илон Маск, Стив Джобс, Роберт Кийосаки уонна миэхэ холобурдарынан буолаллар мин ийэм уонна аҕам. Бу дьон бары улаханы ситиспит дьонунан буолаллар, ол кинилэр ситиһиилэрин, майгыларын, ис санааларын мин бэйэбэр иҥэринэ сатыыбын.
Киһиэхэ саамай сүрүнэ – кини өйө-санаата, өйгүтүнэн-санааҕытынан сырдыкка тардыһыҥ, эрэллээх, күүстээх санаалаах буолуҥ.
Спордунан дьарыктаныҥ. Киһиэхэ олох биирдэ бэриллэр, онон интэриэһинэйдик, чаҕылхайдык, кэмсиммэт курдук олорорго кыһаныҥ.
Ааптар: Павел Ильин.