Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, @bichik.ru Инстаграм сирэйигэр биллиилээх IT-урбаанньыт Арсен Томскай “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтинэн “Ситиһиилээх урбаанньыты иитии: IT, киинэ, туризм, урбаан эйгэтэ” төрөппүттэргэ вебинар ыытылынна.
Бу быһа эфиргэ ХXI үйэҕэ инники күөҥҥэ тахсыбыт, биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэскилин түстүүр хайысхалар тустарынан бу эйгэлэргэ үлэлиир дьон сонун, сэргэх санааларын үллэһиннилэр. Оҕоҥ ситиһиилээх, булугас толкуйдаах, байылыат олохтоох киһи буолуон баҕараҕын? Оннук сатабылы оҕоҕо хайдах иҥэриэххэ сөбүй? Ол кистэлэҥэ туохха сытарый?
IT эйгэтигэр сахалартан бастакы урбаанньыт Арсен Томскай холобур туттар киһибит буолар. Кини кэнчээри ыччакка анаан, аан дойду таһымнаах «inDriver» уонна «Синет» хампаанньалары хайдах төрүттээбитин, баар кыһалҕалары быһааран сайдар суолга үктэммитин туһунан бэйэтин кинигэтигэр кэпсээбитэ.
Вебинарга IT эйгэтигэр тутаах идэлэр, сүрүн ирдэбил туһунан «inDriver» хампаанньа PR исписэлииһэ Туйаара Иванова кэпсээтэ.
– IT – билиҥҥи кэмҥэ олох бары эйгэтигэр туттуллар олус наадалаах, туһалаах хайысха. Ханнык баҕарар IT эйгэтигэр сүрүн идэлэринэн “программист” уонна “разработчик” буолаллар. Үчүгэй исписэлиис буолан тахсарга дьаныар, тулуур, биллэн турар, фундаментальнай бэлэм, холобур, математикаҕа, ирдэнэр. Көмпүүтэринэн дьиссипилиинэҕэ, программированиеҕа улахан болҕомто ууруллар. Хамнастаах, төлөнөр үлэ.
Тестировщик диэн олус интэриэһинэй идэ. Оонньуу, мобильнай сыһыарыы оҥоһулуннаҕына, тута бэрэбиэркэлээн оонньоон көрөллөр, туох сыыһа-халты баарын бэлиэтииллэр. Ол кэнниттэнбиирдэ бу оонньуу эбэтэр сыһыарыы биирдэ киэҥ эйгэҕэ тахсар. Онон тестировщиктартан элбэх тутулуктаах, эппиэтинэстээх үлэ.
Хас биирдии тэрилтэҕэ IT бэлэмнээһиҥҥэ тус уратыта уонна ирдэбилэ араас. Оҕо сылдьан үөрэппит билиитин кэлин ханна баҕарар туһанар, ханнык баҕарар бырагырааманан уонна систиэмэнэн үлэлиир исписэлииһи бэлэмниир соруктаахпыт. Көмпүүтэр уонна информационнай технология өрүү саҥардылла турар хайысха буолар. Биһиги тулабытыгар буолар уларыйыыны билэ-көрө олоробут. Онон ханнык баҕарар IT-исписэлиис өрүү үөрэнэргэ, саҥа технологияны ылынарга уонна инники сылдьарга бэлэм буолуохтаах.
Аныгы IT-технология күннээҕи олохпутугар күүскэ өтөн киирбит үйэтигэр дойдубут инники кэскилин ыччат тутуоҕа. Кинилэр «InDriver» курдук саҥа мобильнай сыһыарыыны, аан дойду үрдүнэн атыыланар көмпүүтэр оонньуутун айан таһааран, Сахабыт сирин албан аатын Россияҕа эрэ буолбакка, омук сиригэр эмиэ аатырдаллар. Талааннаах оҕолор Сахабыт сиригэр саҥа технологиялары сайыннаралларыгар баҕарабын. Омук тылын билиҥ, үөрэтиҥ, эрдэттэн сыаллаах, баҕа санаалаах буолуҥ!
Павел Ильин keskil14.ru