Былыттар ууннан оноһуллан, кыра хааппылалар холбоһон, улаатан халлаантан сиргэ түһэллэр. Маннык ардах үөскүүр эбит. Ардах олус да туһалаах: салгыны ыраастыыр, ол иһин тыынарга чэпчэки уонна үчүгэй буолар, от-мас үүнэригэр көмөлөһөр, кураантан быыһыыр. Ол курдук, ардах –айылҕаҕа уу эргиирин сүһүөҕэ. Бүгүн киһи элбэх научнай ньымаларынан ардах туһунан барытын билэр, хаһан, хайдах түһэрин билгэлиир.
Ол эрээри, былыр дьон биһиги курдук билиилэрэ суох буолан, ардах туһунан легенда, кэпсээн айар этилэр. Зевс, Варун, Тор уонна да атын ардах баһылыктарын туһунан кэпсииллэр.
Китай норуота ардах дьаһайааччытын туһунан номохтоохтор. Араҥас куйахтаах, халлаан күөх сэлэппэлээх Ю Ши диэн ааттаах таҥара былыкка туран араҥас иһиттэн сиргэ уу бырдаҥалатар эбит. Бу итэҕэйии өссө атын версиялаах: Чжи Сунцзы сүрдээх кураан бэриэмэтигэр баар буолбут. Онно Шэньнун император кини аптаах күүстээҕин билэн ардах аҕаларыгар бэрикээстээбит. Чжи Сунцзы глинанан оҥоһуллубут купсууну ууннан толорон биэрин диэн баран, чугастыы турар хайаттан мас лабаатын ылан, ууга умньаан баран сиргэ бырдаҥалаппыта. Бу кэнниттэн былыттар хомуллан, күүстээх ардах туһэн угут үөскээбитэ. Ол кэнниттэн кинини ардах дьаһайааччыта диэн ааттыыр буолбуттара.
Японияҕа ардаҕы дьаһайар Райдзин, этиҥ таҥарата. Кини быраатын Фудзинныын, тыал таҥаратын кытта айылҕа каткаклизмнарын туһунан эппиэттиир. Японецтар кинини олус ытыктыыллар. Райдзин ыыппыт этиҥнэрэ, чаҕылҕаннара былыргы итэҕэллэринэн, өлгөм үүнүү туһунан этэр.
Тлалок – ардах, этиҥ, тыа хаһаайыстыбатын, уот уонна сырдык соҕуруу өттүтүн таҥарата. Ацтектар итэҕэллэринэн Тлалок хайалар үрдүлэригэр ол эбэтэр Мексиканскай залив үрдүгэр турар дыбарыаска олорор. Дьиэтин иһинээҕи олбуор түөрт муннуктарыгар ардахтаах, курааннаах, үүнээйи ыарыылаах уонна дохсун самыырдаах улахан купсууннар тураллар. Оннук, араас айылҕа көстүүлэринэн салайар.
Вьетнамҥа ардаҕынан Тхан Мыа таҥара дьаһайар. Кини дракон көстүүтүнэн халлаан уонна сир икии ардынан сылдьар. Тхан Мыа өрүстэртэн, муоралартан ууну иһигэр тутан ханна эмит көтөн ууну ойуурдарга, алаастарга ыһар.
Ардах таҥарала барыларыгар атын-атын остуоруйалаахтар, ааттаахтар, бэйэлэрэ араастык ардаҕы үөскэтэллэр эбит. Бу туһунан элбэх кинигэлэргэ кэпсээннэри, интэриниэккэ ыстатыйалары булуохха сөп.
Диана Антонова