«Кэскил» хаһыат бүгүҥҥү, ол эбэтэр алтынньы 12 күнүнээҕи нүөмэригэр, Сторителлинг лабораторията #Төрүччү диэн саҥа бырайыакка аналлаах балаһаҕа төрүччү үөрэҕэр сыһыаннаах тиэрминнэр тустарынан олус интэриэһинэй матырыйаал бэчээттэннэ. Бу генеалог учуонайдар, идэтийбит чинчийээччилэр, историктар, социальнай уонна аһымал бырайыактары тэрийээччилэр, бэйэлэрин төрүттэрин устуоруйатын билиэн баҕалаахтар, биир сүбэнэн үлэлиир былаһааккалара буолуоҕа.
Ону тэҥэ Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола IX кылааһын үөрэнээччитэ Наталья Посельская «Кытай тылын үөрэтэбит» рубрикатыгар кытай тылыгар туон хайдах курдук улахан суолтаны ыларын туһунан суруйда, видео оҥорон кэпсээтэ.
«Эркээйи эргиирэ» — сайдар эйгэ сэһэнэ, «Кэскил-аниме» куонкурус, Почта күнүгэр аналлаах балаһа, «Лето Якутии» куорат эйгэтин сиэдэрэй тутуунан тупсарар дьарыктаах киин үлэтин-хамнаһын, олоххо киириэхтээх бырайыактарын уо.д.а. матырыйааллары ааҕыҥ, сэргээҥ!
Уонна сөбүлүүр хаһыаккар сурутаргын умнума!
«Кэскил» хаһыакка 2022 сыл I аҥаарыгар сурутуу сыаната 6 ыйга:
I бөлөх – 606 солк. 60 харчы.
II бөлөх – 831 солк. 78 харчы.