Арассыыйаҕа «Дьиэ кэргэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо саас», Амма Наахараҕа «Ийэ уонна оҕо» сыллара
Амма Наахара нэһилиэгэр тохсунньу 26 күнүгэр “Учуутал. Иитээччи. Герой ийэ” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэҕэ учуутал, иитээччи, уон оҕо иһирэх ийэтэ, Герой Ийэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Лаврентьевна Александрова олоҕун, үлэтин туһунан интэриэһинэй ыстатыйалар, ахтыылар, сэдэх хаартыскалар киирдилэр.
Кинигэ 5 түһүмэхтэн турар:
I. Ийэбит Мария Лаврентьевна Александрова олоҕун кэпсээнэ
II. Амма Наахара нэһилиэгин бастакы Герой ийэтэ
III. Олоххо кынаттаабыт Учуутал, Уһуйааччы, Иитээччи
IV. Ахтыылар
V. Сыһыарыылар
Бу кинигэни Мария Лаврентьевна оҕолоро Людмила Никаноровна, Марианна Никаноровна, сиэннэрэ Римма Михайловна, Виталий Федорович уонна салайааччылара Федор Никанорович Мартынов хомуйан оҥордула
«Түмэн» сынньалаҥ кииҥҥэ элбэх киһи мустубут: Мария Лаврентьевна оҕолоро, сиэннэрэ, ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо. Оҕолоро, сиэннэрэ музыкальнай номердары көрдөрдүлэр. Сүрдээх сэргэх тэрээһин буолла. Сыл аайы (30 сыл буолбут), ийэлэрин аатынан «Сыл бастыӊ үөрэнээччитэ» күрэххэ уонна кэлин өссө элбэх оҕолоох ийэҕэ бириэмийэ туттараллар.
Маннык кинигэ тахсара олус наадалаах дии саныыбын. Дьон хайдах үлэлээбиттэрин туһунан элбэҕи билэбит, кинилэр курдук буоларга талаһабыт.
Алина Мартынова, XI кылаас
«Аартык» медиакиин эдкора,
Амма Наахара, Амма