Айар куттаахтар — биир түһүлгэҕэ
Соторутааҕыта Аммаҕа Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан Айымньы киинигэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, “Бэлэм буол” хаһыат (билиҥҥи “Кэскил”) сэрии кэнниттэн тахсыбыта 60 сылыгар, Россияҕа Тыйаатыр, СӨ Сомоҕолоһуу сылларыгар аналлаах форум улуус талааннаах, дьоҕурдаах оҕолорун түмтэ.
Үлэ хас да хайысханан, тус-туспа түһүлгэнэн барда. “Чаҕылыс” уран тарбахтаах ааҕааччылара эргэ хаһыаттарынан бииртэн биир ураты оҥоһуктары аҕалан быыстапкалаатылар.
Айар куттаах Амма оҕолоро суруйар-бичийэр дьоҕурдаахтарын көрдөрдүлэр. Бастыҥ суруйуулар “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга бэчээттэниэхтэрэ.
Уус-уран театрализованнай дьүһүйүү түһүлгэтигэр оҕолор саха, нуучча классиктарын айымньыларын сыанаҕа туруордулар. Бары ох курдук оҥостон кэлбиттэр.
Сытыы бөрүөлээх эдэр кэрэспэдьиэннэр үлэлэрин оскуола хаһыаттарын куонкуруһугар сыаналаатыбыт.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар, эрэдээксийэ эрэллээх доҕотторо “Саха” НКИХ ыытааччыта Георгий Белоусов, Саха тыйаатырын артыыһа Александра Софронеева-Сивцева маастар-кылаастарын кыралыын-улаханныын бары кэрэхсээтилэр. Арааһа, сылдьыбыттар хойукка диэри кэрэ кэпсээн оҥостуохтара.
Ити курдук, сорохтор иккилии, оннооҕор үстүү хайысхаҕа кытыннылар, этэргэ дылы, “хас да куобаҕы биирдэ ыттылар”.
Кыттааччылар бары туоһу суруктары туттулар, кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланнылар. Оҕолор, салайааччылар өттүк харалаах, илии тутуурдаах, үөрүү үктэллээх тарҕастылар.
Киин дириэктэрэ Иванна Ивановна Шестаковаҕа, тэрээһин силигэ ситэригэр, үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар сүүрбүт-көппүт үлэһиттэргэ, чуолаан “Амма кэскилэ” ыччат түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, тэрийээччи-педагог Зоя Валерьевна Пахомоваҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Хаһыат арааһа манна баар!
Алтан орто оскуолатын “Умсулҕан” хаһыата I миэстэ буолла. Салайааччы – Раиса Исаковна НИКИФОРОВА.
Хаһыат 30-40 ахсаанынан тахсар, сонуна сойбокко, тута тарҕанар, атыыланар. Ис хоһооно баай, матырыйаала барыта орун-оннугар. Ааҕааччыларын саастарынан арааралларын, балаһаларын наардыылларын биһирээтибит. Аны суруналыыстыка жанрдарын, ньымаларын хото туһаналлар эбит. Онон ситиһиилэрэ үгүс.
Сатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Кулуһун” хаһыаттаахтар, “Кустук” диэн биэриилээхтэр. Аны үйэ сайдан, YouTube-ка видеороликтары бэлэмнээн таһаараллар. Хаһыаттара дьэрэкээн, тутула – тып-тап курдук. Кинилэр бу сырыыга иккистээтилэр.
Өнньүөс үөрэнээччилэрэ (“Аартык”) хаһыат арааһын айан таһаараллар, куонкуруска үһүс миэстэҕэ тигистилэр. Оннооҕор эркин хаһыаттарын бэлэмнииллэр. “Аартык” сороҕор тематическай буолуон сөп.
Оҕолор маладьыастар! Оскуола историятын тиһэр дьоһун үлэлэрэ үтүө түмүктээх буоллун!
Айыына КСЕНОФОНТОВА.
Амма.