В.Г.Короленко аатынан Амма 1 №дээх оскуолатыгар (дириэктор Ларионов Н.А.) саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн тэрээһин быһа эфиргэ, куйаар ситимин нөҥүө ааста.
Тэрээниҥҥэ элбэх киһи кытынна, санаа атастастылар. Уруккуну- билиҥҥини торумнаан, ситиһиини, кыһалҕаны быһаарыстыбыт. Тыа сирин олохтооҕор сиргэ сыһыан, оҕону дьиэҕэ-уокка чугаһатан хаһаайынныы иитии — олох ирдэбилэ. Билиҥҥи саха оҕото, ыччата уопсай дьиэҕэ олорон, киин сирдэргэ талаһан, тыа олоҕун, кыһалҕатын билбэттэр да диэтэххэ киһи соһуйбат. Бу маннык бириэмэҕэ оҕо хаһан баҕар бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар, сахалыы куттаах иитиллэн тахсалларыгар, саха ыалын дьиэтин тэлгэһитигэр хаһаайынныы сыһыаҥҥа, үлэ булан атаҕар турарыгар биһиги оскуолабыт иитэ-үөрэтэр хайысхата көмөлөөх буолар. 1999 с. саҕалаан, дуальнай үөрэх ситимэ саҕаланан, күн бүгүҥҥэ диэри оҕону идэ ыларга үөрэтэбит .
Бу үөрэҕи аан бастакынан өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги оскуолабыт саҕалаабыта. Оччолорго директорбыт Слепцов Василий Иннокентьевич уонна улууспут аҕа баһылыга Наумов Дмитрий Федосеевич өйөөн, үбүлээн, бу оскуолаҕа идэ ылан тахсар үөрэх хайысхата кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэр. Дуальнай үөрэхтээһин , инновационной проектар научнай салайааччыта ХИФУ пед институтун «Технология» кафедратын доцена, пед наука кандидата Романов Николай Николаевич буолар. Онтон бу уһаайба салайааччытынан кинигэ ааптара, эбии үөрэхтээһин маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына , СӨ үөрэхтэҥҥэ дуальнай үөрэх ситимин сайыннарыыга СӨ Президенин гранын хаһаайына, «Тыа сирин оскуолата» өрөспүүбүлүкэтээҕи 6 педагогическэй ярмарка «Сир хаһаайына» номинацияҕа «Офсет» гранын илиитигэр ылбыт, үлэ-сынньалаҥ лааҕырын үлэлэтэн, «Сир эдэр хаһаайыннара» улуустааҕы 10-с сүлүөккэ кыттан, улуус баһылыга А.Е.Артемьев гранын ылары ситиспит, 31 сыл биһиги оскуолабытыгар үлэлээн кэлбит, технология учууталларын методическэй холбоһугун 20 сыл салайааччытынан күн бүгүн үлэлии сылдьар, «Байылыат» уһаайба салайааччыта Сибирякова Мария Семеновна буолар.Бастаан үлэ маннык көрүҥэр үөрэтии-уһуйуу баара:
- Атах таҥаһын улларыы,
- Түүлээҕи тигии,
- Ас астааһын,
- Таҥас тигии,
- Баттах кырыйыы,
- Маһынан уһаныы,
- Көмүс оҥоһугу оҥоруу
- Массыынаны ыытар суоппар,
- Этэрбэһи тигии.
Оҕолор бу үөрэх түмүгүнэн свидельство ылан, салгыы үөрэнэллэригэр, олоххо эргиччи бэлэмнээх буолалларыгар көмө-тирэх ылаллар.
Билиҥҥи үп-харчы кырыымчык бириэмэтигэр бу үөрэхтэн 4 үөрэх эрэ хаалан, оҕолору үөрэтэбит, кэскиллээх дьыаланы салгыыбыт: повар, продавец, тракторист уонна суоппар. Свидетельство ылан оҕолор устудьуоннуу кэмнэригэр, холобур, быстах бириэмэҕэ кафеҕа, рестораҥҥа үлэлээн, трактористаан, таксилаан, биир эмиэ үчүгэй хардыыны оҥороллор. Бүтэрбит оҕолор оскуолаларыгар махталлара муҥура суох.
«Салгыы маннык үөрэх тохтообокко, урукку 9 үөрэх көрүҥэ барыта киирдэҕинэ, билиҥҥи үйэҕэ оҕолорбутугар көмө-тирэх буолуо, тыа сирэ бигэ тирэхтээх, сатабыллаах ыччаты иитиэ этэ. Уһаайбабыт үлэтин оҕолорбутун маҥнай үлэнэн иитэр сыаллаах саҕалаабыппыт. Улуус баһылыгынан үлэлээбит Дмитрий Наумов өйөбүлүнэн сибиинньэни, козаны, куһу, хонуу куруппааскытын (перепелкатын), кууруссаны иитэ, оҕуруот аһын олордо сылдьыбыппыт. Элбэх оҕо сайыҥҥы лааҕырга үс сезонунан үлэлээбитэ. Дьиэ үлэтигэр сыһыаран кыргыттарбытын кытта кээнчэ, үтүлүк, этэрбэс тигэрбит, улларарбыт. Социальнай көмүскэл салалтатын начаалынньыга Аиза Алексеевна Чемезова утары баран, кэпсэтии ыытаммыт «Сахабулт» тэрилтэтиттэн күндү түүлээҕи ыламмыт көмөҕө наадыйар ыалларга аны кырса, саһыл бэргэһэлэри тигэн биэрэрбит. Кэнники сылларга оҕолорбутугар повар, атыылааччы сибидиэтэлистибэтин туттаран саҕалаатыбыт. Билигин оҕону идэҕэ туһаайыыга улахан болҕомто ууруллар буолла, улахан таһымнаах араас күрэхтэһиилэр даҕаны элбээтилэр. Инники өттүгэр оскуолабыт аттыгар икки мэндиэмэннээх таас мастарыскыайы туттаран эбии атын да идэлэри киллэрэн биэрэр баҕалаахпыт»,- диэн баҕа санаатын үллэстэр кинигэ ааптара Мария Семёновна Сибирякова.
Ааптар: Туйаара Никифорова, педагог- библиотекарь.