Ил Дархан Саҥа дьыллааҕы Харыйатыгар кыттыылааҕын бииргэ үөрэнэр кыыһым Алексия Михайлованы кытта кэпсэтэн, тугу интэриэһиргиирин, үөрэх таһынан эбии дьарыгын туһунан ыйыталастым.
— Оскуолаҕа үөрэнэр уруоктарбыттан саамай сөбүлүүрүм нуучча тыла уонна биология буолар.
Итинник санааҕа тиийэрбэр улахан оруолу оонньообуттара миигин нуучча тылыгар үөрэппит учууталларым Каролина Гаврильевна, Люция Сергеевна, Анна Аркадьевна. Кинилэр миэхэ оскуолаҕа киириэхпиттэн нуучча тылыгар тапталы иҥэрэн, сөбүлээн үөрэнэн, быйыл олимпиадаҕа улууска иккис миэстэ буолбутум.
Өссө биир сөбүлүүр уруогум — биология. Тоҕо диэтэр, бу наука мин интэриэһиргиир ыйытыыларбар эппиэттиир. Бэйэм уруккуттан кыыллары, киһи хайдах оҥоһуулааҕын билэ сатааччыбын. Кыра сылдьан эбэбин кытта «Вопросы и ответы» диэн кинигэни сөбүлээн ааҕарым, телевизорга Animal Planet диэн ханаалы көрөрүм, онно эмиэ кыыллар, үүнээйилэр тустарынан кэпсээччилэр. Махталбын биологияҕа үөрэппит уонна билигин үөрэтэр учууталларбар Оксана Фёдоровнаҕа уонна Елена Ивановнаҕа этиэм этэ. Бэйэлэрин уруоктарын сөбүлээн үчүгэйдик үөрэтэллэр, ол иһин бу предмет туһунан өссө элбэҕи билиэххин баҕараҕын.
Былырыын ХИФУ-га кэтэхтэн эбии дьарыктаммытым, Zoom ханаалынан үөрэппиттэрэ. Үүнээйи экстрагынан мыыла онорбуппут, реферат суруйбуппут. Ону оҥоро сылдьан элбэҕи билбитим бэйэбэр туһалаах дии саныыбын.
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?
— Бириэмэм олус элбэх буолбатах эрээри, аҕыйах эбии дьарыктаахпын. Бастатан туран, туустаах тиэстэнэн, туойунан, папье-машенан оҥоһуктары оҥоробун. Быйыл куонкуруска миэстэлэспит үлэлэрим: туустаах тиэстэнэн оҥоһуллубут Саха сирин кэрэ сибэккитэ сардаана уонна папье-машенан дьөһөгөй оҕото. Билигин биир улахан үлэни уһуннук-киэҥник оҥоро сылдьабын.
Сороҕор ырыа истэ-истэ уруһуйдуубун. Остуоруйаттан уонна мифтэртэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн.
Өссө биир кыра дьарыгым хоһоон суруйуута. Быйыл «Мотуруоса сиэнэбин» диэн норуодунай поэт Семен Руфов хоһоонун нууччалыы тылбаастаан өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолорго үһүс миэстэ буоллум. Рифмалаах хоһоону суруйарбын сөбүлүүбүн.
Соторутааҕыттан ыла акустическай гитараҕа оонньуурга бэйэм үөрэнэ сылдьабын. Биир сайыҥҥы ситиһиим эко-экспедицияны кытта сибээстээх. «КүнЭко» диэн оҕолору экология хайысхатынан интэриэһиргэтэр, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэр лааҕыр. Онно гидробиологияҕа дьарыктанан, уу киһи олоҕор хайдахтаах улахан оруолу оонньуурун, иһэр уубут сир үрдүнэн төһө аҕыйаҕын, хайдах уу ырааһын микробентоһунан билиэххэ сөбүн билбитим. Ол да буоллар онтон биир эрэ хайысханы талыахха сөп этэ. Ол иһин энтомологияны талбытым. Лыахтары, үрүмэччилэри сөбүлээн көрөөччүбүн, онно кинилэри эрэ үөрэтиэм дии санаабытым. Онтон энтомологтар төһө элбэх араас үөн баар да, оннук элбэх хайысхалаах эбиттэр диэни билбитим. Холобур, ким эрэ лыахтары эрэ үөрэтэр, ким эрэ аһыыкалары, ким эрэ хомурдуостары о.д.а. Учууталбыт биһиэхэ прямокрылайдар диэн этэрээт туох уратылаахтарын көрдөрбүтэ, коллекцияҕа экспонаты хайдах сөпкө угарга, үөннэргэ хапкаан уурарга үөрэппитэ. Ол темаҕа бүтэрбитигэр презентация оҥорбуппут. Мин темам «Инструменты энтомолога» диэн этэ. Ханнык инструмены ханна уонна ханнык үөҥҥэ туттуохха сөбүй диэн кэпсээммин бөлөхпөр бастакы миэстэ буолбутум. Полевой экспедиция интэриэһинэй баҕайы этэ.
Элбэх кэпсээннээх, өрүү билэр-көрөр баҕалаах Алексияҕа инникитин ситиһиилэри, элбэх доҕоттору баҕара хаалабыт.
Илона Руфова,
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолатын 9 кыл. үөрэнээччитэ, «Эрчим» эдкорпост.