«Бастыҥ выпускник – университет киэн туттуута» М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бочуоттаах аата СР Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирковка иҥэрилиннэ.
Тохсунньу 25 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» культура киинигэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Россия устудьуоннарын күнүн онлайн киэбинэн бэлиэтээтэ. Саха сирин Парламенын аатыттан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Афанасьевна Григорьева преподавателлэри, устудьуоннары эҕэрдэлээтэ уонна үөрэхтэригэр бастыҥ уонна общественнай үлэҕэ көхтөөх устудьуоннарга – юридическай колледж 2 куурсун устудьуонугар Анастасия Алексееваҕа, физико-техническэй институт 4 куурсун устудьуонугар Александр Максимовка, естественнэй наукалар институттарын 2 куурсун устудьуона Ян Тарабукиҥҥа СР Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы махтал суруктарын туттарда. Бу күн үгэс быһыытынан университет бастыҥ выпускниктара ааттаннылар.
Александр Жирков орто оскуоланы бүтэрэн баран, оччотооҕу кэм “Оскуола—производство – үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыытынан салайтаран “Лена” совхозка үлэлээн, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан, ытык иэһин толорон баран Саха Государственнай университетыгар историко-филологическай факультет историческай салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Туйгуннук үөрэнэн кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьар лидер, устудьуоннар тутар этэрээттэрин салайар хамандыыр этэ. Хайа да түгэҥҥэ олоҥхо бухатыырыныы бэйэтэ туспа көрүүлээҕин, этэр этиилээҕин, тутуһар позициялааҕын кини устудьуоннуур кэмигэр, 1979 с. буолбут түбэлтэ туһунан билигин номоххо киирбит кэпсээнтэн да билэбит. Александр Николаевич Жирков — Георгий Прокопьевич Башарин элбэҕи эрэммит уонна кини эрэлин толору толорбут чаҕылхай үөрэнээччитэ. Кини университет, саха инникилээн иһэр өйдөөх-санаалаах дьонун кыһатыгар уһаарыллан-хатарыллан тахсыбыта. Аспирант, үөрэммит факультетын ССРС историятын кафедратын ассистена, ыстаарсай преподаватель, Саха сирин уонна Россия Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын историятын уонна культуратын кафедратын доцена – Александр Жирков үүнүүтүн кэрдииһин кэмнэрэ университеты кытта быстыспат ситимнээх.
Билигин Александр Николаевич Жирков – Россия политическай уонна общественнай деятелэ. РФ Федеральнай Мунньаҕа Госдума иһинэн Россия сокуону таһаарааччыларын Ассамблеятын чилиэнэ, “Дальний Восток и Забайкалье” Парламент Ассоциациятын чилиэнэ, “Эпосы народов мира” Аан дойдутаа5ы Ассоциация вице-президенэ, Аан дойдутаа5ы музейдар Сэбиэттэрин — ИКОМ чилиэнэ, СР Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо Национальнай тэрийэр комитетын Бэрэссэдээтэлэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ учуонай сэбиэтин чилиэнэ, СР агропрофилированнай оскуолалар Союзтарын Бэрэссэдээтэлэ, 2014 с. Бочуоттаах Президенэ, СР Ил Түмэн Государственнай Мунньах V ыҥырыытын Бэрэссэдээтэлэ. Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын 1981 с. бастыҥ выпускнига.
Александр Николаевиһы үөрэммит-үүммүт университетын бочуоттаах аата иҥэриллибитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна Эн – биһиги норуоппут киэн туттуута буолаҕын диэн этэн туран, үрдүк государственнай үлэҕэр, аан дойдутааҕы таһымнаах гуманитарнай бырайыактаргар үрдүк ситиһиилэри, бөҕө доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.