Ойууһут, тимир ууһа, бөлөһүөк, Духуобунас Академиятын чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Борис Федорович Неустроев—Мандар уус «Куйаары улаҕатынан, сири сиксигинэн” анаарыы ойууларын альбом кинигэтэ сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылынан 2020 сыллаахха тахсыбытын М.Н. Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай библиотекатын “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүүтэ куйаар ситиминэн билиһиннэрдэ. Маннык кинигэни оҥорор туһунан санааны доҕоругар Мандар ууска уус Н.И. Егоров-Баайаҕыын укпут. Кинигэ тылын нууччалыы В.С. Андросов, английскайдыы А.В. Никифорова тылбаастаабыттар. «Төлөн» ААТ (сал. П.Д. Рахлеев) кинигэ үбүлээһинигэр көмөлөспүт.
“Айыы тыла. Ойуу тыла” диэн киирии тылыгар Мандар уус саха дьоно түҥ былыргыттан ойуу тылынан уонна айыы тылынан тэҥҥэ сайдан, Улуу Олоҥхону айан, тулалыыр эйгэтин ойуу нөҥүө көрөн, бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын ойуулаан-бичийэн кэлбит омук буоларын туһунан суруйар. Билиҥҥи кэмҥэ саха омуга соҕотох айыы тылынан кэпсэтэр, өйдөһөр буолуута кэлтэй сайдыыны үөскэтэрин этэр. “Аныгы үөрэххэ оҕустаран, информацияны тутар, илдьэ сылдьар дьоҕурбутун сүтэрбиппит куһаҕан. Олоҥхоһут киһи өйдүүр-анаарар таһымыгар оҕолорбутун тиэрдэр туһугар кыһаллыы тирээтэ. Ыччаппытын иитэр, үөрэтэр, уһуйар үөрэхпитин, таһыммытын, ойуу тыла. айыы тыла диэн дириҥ өйдөбүллэри сүтэрэн эрэбит. Харах көрөрүн өйгө ойуулаан, оҥорон көрүү – биһиги күүспүт, уратыбыт”, – диир Мандар уус.
Анаарыы альбом-кинигэ тула кэпсэтиигэ СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков кытынна.
Бэйэтин тыл этиитигэр бастакы вице-спикер: “Уруулуу, чугас омуктар эпостарыгар саха олоҥхотун курдук куйаарынан эҥсэр айымньы сүрдээх сэдэх. Саха олоҥхото саха оһоҕун үөлэһинэн тута өндөл маҥан халлааҥҥа тахсар куйаар улаҕатынан эргийэр, сылдьар уратылаах айымньы. Билиҥҥи ай-ти технологиялар эйгэлэригэр куйаарга хотоойутук ситимнэһии олоҥхо баайдаах омук улаҕа өйүгэр биҺиги ыччаппыт кэтэҕэр олорсо сылдьар. Саха ыччата глобальнай эйгэҕэ түргэнник уһуллумтуо, түргэнник ылынар дьоҕурдаах. Онон саҥа технология үйэтигэр биһиги ыччаппыт кэскилэ улахан, хайа да омукка сабырыйтарбат, үтүрүйтэрбэт дьоҕурдаах. Ону мүччү туппакка кэмигэр уһуйуох, сайыннарыах кэриҥнээхпит”, – диэтэ.
Александр Николаевич оҕону кыра эрдэҕиттэн, оскуолаҕа, улахан да дьону ити эйгэҕэ тардарга Мандар уус кинигэтэ адьас кэмигэр тахсыбыт кэмнэммэт улахан суолталаах үлэ диэн бэлиэтээтэ. Манан сиэттэрэн Александр Николаевич Мандар уус үлэтин киэҥ эйгэҕэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсан хайа сатанарынан сиһилии кэпсиэх, билиһиннэриэх, өйдөтүөх тустааҕын туһунан эттэ. Бу соругу толорорго ордук Саха телевидениетэ табыгастааҕын ыйан туран Ил Түмэн вице-спикерэ этии киллэрдэ: «Оҕону Мандар хас биирдии ойуутун талан, тус бэйэтин кэпсэттэрэн, телевизор ханаалынан хас да сүһүөхтээх биэрии оҥоруохха баара. Киниттэн бэйэтиттэн ордук бу ойуулары быһаарар, кэпсиир ким да суох. Кэм баран иһэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ бу улахан кэрэхсэбиллээх үөрэҕи билиһиннэрии таһынан, Мандар кэпсээнинэн документальнай цикл оҥоһуллуута саха культуратын хатыламмат көстүүтэ – Мандар уус айар кыаҕын биир өрүтүн кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдии суола буолуо этэ”, – диэтэ кини. Альбом-кинигэ тула куйаар ситиминэн тэриллибит кэпсэтиини – үчүгэй тобулуунан аахта, салгыы салҕааһыннаах, үчүгэй түмүктээх буоларыгар баҕарда.
Бу күннэргэ бастакы вице-спикер «Саха» НКИХ салалтатыгар Мандар уус «Куйаары улаҕатынан, сири сиксигинэн” кинигэтинэн анал биэриилэр тиһиктэрин оҥорууга ылсарга этии киллэрэн официальнай суругу ыытта.
С. Васильев.