Бу күннэргэ биһиги активистар сүлүөттэригэр А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатыгар баран кыттыыны ылан кэллибит. Уопсайа үс оскуола кэлбит: Хадаар, Чакыр, Чурапчы орто оскуолата. Хас биирдии оскуолаттан 10-лыы активист оҕолору аҕалбыттар.
Сүлүөккэ кыттыыбыт визиткаҕа бэлэмнэнииттэн, атын оскуолаттан кэлбит оҕолору кытта билсиһииттэн саҕаламмыта.
Бастакы түһүмэх – визитка уонна бэйэ-бэйэни эҕэрдэлээһин. Хайахсыт активистара сахалыы ырыанан аныгы үҥкүүнү үҥкүүлээтилэр уонна бэйэлэрин дуоһунастарын туһунан кылгастык кэпсээтилэр. Чурапчы орто оскуолата сахалыы, нууччалыы тренд үнкүүлэри көрдөрдүлэр, хамаандаларын аатын, девиһин туһунан кэпсээтилэр. Хамаандалара “Сулус” диэн. Чакыр оскуолатын активстара флешмоб үҥкүүлээтилэр. Биһиги оскуолабыт эмиэ бэйэбитин билиһиннэрдибит.
Иккис түһүмэх – квест-оонньуу. Хамаандаларынан сылдьан сорудахтаах онньуулары аастылар. Биһиги Чурапчы орто оскуолатын Чурапчы улууһун историятын туһунан оонньуутун сөбүлээтибит.
Үһүс түһүмэх – “Дьылабыай оонньуу”. Бу сырыыга атын-атын хамаандаларга араҕыстылар. Уопсайа 4 хамаанда баара. Оҕолор викторина, Саха өрөспүүблүкэтин историятын туһунан тиэмэлээх билиэттэри тардан, бырайыак оҥорон көмсүкээтилэр.
Төрдүс түһүмэх – дискотека. Активтар бэйэ-бэйэлэрин кытта билсиһэн оонньоотулар, үҥкүүлээтилэр.
Сүлүөт кыттыылаахтара бэйэлэрэ сөбүлүү көрбүт хамаандаларыгар сэмэй бэлэхтэрин туттардылар, кылгастык тыл эттилэр. Биһиги Чакыр орто оскуолатын активистарын хамаандатыгар сэмэй бэлэх биэрбиккитигэр махталбытын тиэрдэбит.
Бу курдук бэйэбит саастыы оҕолорбутун кытта сынньанан, кэпсэтэн, санаа атастаһан, Хайахсыт орто оскуолатыгар сырыттыбыт. Хайахсыт активистарыгар наһаа үчүгэй тэрээһини, куонкурустары ыыппыттарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас
Видео ааптара Иванна НИКОЛАЕВА, IX кылаас
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы