Сааскы каникул бастакы күнүгэр «Айыы кыһата» оскуола иһинэн «Үс Кыттааччы» (Уол, Аҕа, Учуутал) бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үгэс буолбут уол оҕону иитиигэ, өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарыгар уһуйуу биир бэртээхэй тэрээһинэ — Куйуур күнэ буолан ааста. Сиһилии бу туһунан aiyy.kyhata билиһиннэрэр.
Чаҕылхай күҥҥэ, сибиэһэй салгыҥҥа айылҕалыын алтыһан, уолаттарга өбүгэ төрүт дьарыгын куйууру үөрэтии күнэ табылынна диэххэ сөп. Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕыттан күндүлээтэ, Аҕа уолунаан бэртээхэй үлэни көрдөрдүлэр.
Куйуурга уол Аҕатынаан биир хамаанда буолан күрэс курдук ыытылынна. Ол курдук «Бастыҥ ойбон алларааччы», «Бастакы балык», «Саамай бөдөҥ балык», «Саамай элбэх балык» уонна «Бастыҥ куйуурдьут» диэн анал ааттар иҥэрилиннилэр.
Хас биирдии куйуур кыттыылааҕар Туоһу сурук туттарылынна. Куйуур тэрээһинигэр күүс-көмө буолбут көхтөөх аҕалар Махтал суругу илиилэригэр туттулар. Улаатан эрэр эр бэртэрэ, уолаттарбыт, дьиэлэригэр кыра да буоллар өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар. Дьон-сэргэ астыммыта, төрөппүттэр Махтал суруктара киһини үөрдэр.
Куйуур — норуот педагогикатын биир дьикти көстүүтэ буолар. Маннык тэрээһиннэри бары биир сомоҕо буолан ылсан, уол оҕону иитиигэ көхтөөхтүк кыттан иһиэҕиҥ!