Бу күннэргэ «Айыы Кыһата» оскуолаҕа эппиэттээх уонна былдьаһыктаах күннэр. Оскуола дьиэтэ дьэндэйэ тутуллан, аны саҥа миэбэли, наадалаах тэрили, тиэхиньикэни сааһылаан туруоруу, таҥыы үгэнэ. Сахалыы көстүүлээх, ураһа быһыылаах, айыы сирин оҕолоро үөрэниэхтээх дьоһун тутуулара—203-с кыбаартал киин бэлиэтэ, киэн туттуута.
«Соргу-дугуй» диэн суруктаах сиринэн «Айыы Кыһатыгар» киирэҕин. Дириэктэр Лидия Петровна Шамаева күн солото суох. Дириэктэр саҥа оскуолаҕа үлэ ыйыталаһа, оҕолорун суруйтара кэлэр дьону кытта болҕомтолоохтук, эйэҕэстик кэпсэтэр. Кэлбит эрэ ыалдьыт киэҥ уораҕайы сөҕө-махтайа көрөр.
Киэҥ уораҕайга
550 миэстэлээх оскуолаҕа 1200 оҕо 41 кылааска, ол иһигэр 8 нуучча кылааһыгар үөрэниэхтэрэ. Киирээти кытта «Махтал, Таптал, Эрэл» диэн суруллан турар оскуола сэһэнин арыйар күлүүс тылларга киһи хараҕа тута быраҕыллар. Оскуола бастакы мэндиэмэнигэр — Аал Луук мас. Үс мэндиэмэн тухары суотабай төлөпүөнү иитэр розеткалар ыйанан тураллар.
Сорох кылаастары көрөн аастыбыт. Химия, физика кэбиниэттэригэр уопуту, лаборатория үлэтин толорорго аналлаах тээбириннэри туруордахтарына, ааттаах буолсу. Технология хоһугар наадалаах маллара-саллара (иистэнэр, уһанар массыыналар) турдаҕына, чыҥха тупсуо.
Алын сүһүөх кылаастарга үөрэх таһынан ыытыллар эбии дьарыктарга аналлаах хос баар буолуо эбит. Муусука кэбиниэтигэр сабыс-саҥа пианино кэлбит.
Гардеробка үөрэнээччилэр таҥастарын саастарынан тус-туһунан сиргэ ыйыахтаахтар: кырачааннар, орто уонна улахан саастаахтар диэн. Медик хоһугар укуолу, быһыыны оҥоруохтара, стоматолог үлэлиэ.
Быыстапка саалатыгар оҕолор оҥоһуктара, чинчийэр үлэлэрэ туруон сөп. Араас быыстапка, көрсүһүү ыытылларыгар табыгастаах сир эбит. Оттон аактабай саалаҕа кэнсиэр эрэ буолбакка, киинэни эмиэ көрүөххэ сөп. Үҥкүү саалата диэн туспа.
— Быйылгыттан ыла биһиэхэ «Кут-сүр» түмсүү түһэ, саха итэҕэлин, үгэһин сүрүннээччи, дириҥник билээччи Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл үлэлиир буолла. Инньэ гынан, саха сиэрин-туомун, үгэһин иһиттэн үчүгэйдик билэр киһи биһиги оскуолабытыгар өйү-санааны сүрүннүүрэ үчүгэй,—диэн Лидия Петровна үөрүүтүн үллэстэр. Биир идэлээхпит үлэлиэхтээх сирин көрдүбүт. Манна Уйусхаананы кытта сиэри-туому ыыталларыгар ураһа быһыылаах саала силигэ ситтэҕинэ, киһи эрэ дуоһуйа үөрэниэх, үлэлиэх сирэ. Төгүрүччү олорон, үһүйээни, олоҥхону истэргэ, истиҥник, аһаҕастык кэпсэтэргэ, биитэр, оһуокайдаан барарга үчүгэй эйгэ төрүттэммит.
Кэриэйдэр—бастакы ыалдьыттар
— Атырдьах ыйын 17 күнүгэр манна Корея өрөспүүбүлүкэтин Хвачхон куоратыттан оҕо хорун кэлэктиибэ ыалдьыттаата,—диир Лидия Петровна. –Кырачаан ыалдьыттар үтүө санааларын салама баайан тистилэр, хабылык, хаамыска оонньоон сэргэхсийдилэр, оhуокайга киирэн саха өбүгэтин ырыалаах үҥкүүтүгэр кыттыстылар. Биhиги үтүө доҕорбут, дирижер, Муусука үрдүкү оскуолатын сүбэһитэ Но Тэ Чол көҕүлээбит тэрээhинигэр кыттыhан, үөрүүбүт үксээтэ, икки омук ыккардыгар хардарыта сибээспит кэҥээтэ, бөҕөргөөтө.
Икки сааһыттан ыраламмыппыт
Варвара Степанова, төрөппүт:
— Оҕолорбут үөрэниэхтээх саҥа оскуолатын көрөн, олус үөрдүбүт. Оҕом Алгыс икки сааһыттан «Айыы Кыһатыгар» үөрэнэ киирэрэ буоллар”,- диэн ыраламмыппыт. Сахалыы ойуулаах-дьарҕаалаах, оһуордаах-мандардаах саҥа оскуола тутуллан, үлэҕэ киирэн эрэриттэн наһаа үөрдүбүт! Төрүт култуураны үөрэтэргэ фольклорнай саала кытта баар эбит.
Оскуола мааны ис бараанын «Уран» дизайн устуудьуйата (сал.В. В. Яроев) сиэдэрэйдик киэргэппит. Оттон оскуола дьиэтин «Газэнергомонтаж» хампаанньа үбүлээн туппут. Киин куораппытыгар сахалыы куттаах-сүрдээх оскуола эбиллибитинэн, үлэҕэ киирэн эрэриттэн бары да үөрэбит.
Ааптар: Жанна Леонтьева.
Ааптар уонна ЯСИА хаартыскалара.