Сайдыы саҥа кэрчигэр үктэнэн, аны ватсабынан кэпсэтии үөскээбитэ эмиэ биир туспа үчүгэйдээх. Санаатыҥ да ханна барытыгар тиийэҕин уонна кими баҕарар кытта атах тэпсэ кэпсэтэҕин. Ол онтон быыкаатык быһа тардан иһитиннэриэҕи баҕарыллар.
3.02.2020.
Киһи буолуу туһунан – уон иккис көрүк
-Өксөкүлээхтэн саҕалаан киһи буолуу туһунан кэпсэтии кэҥээн барда. Дьэ аны, саха атын көрүктэрин салгыы билсибэппиэт ?
-Анемподист Софроновка тохтуох. Кини саха өйүн-санаатын ис ымпыгар — чымпыгар өтөн киирбит киһи буолар. Таһыттан саба быраҕыы буолбакка, норуот санаатын иһигэр сылдьыбыт уонна ону өрө тутууга үгүс дирбиэнэ-дарбаана суох үлэлээбит дьонтон биирдэрэ. Айымньытын ис хоһооно оннук.
-Ханнык айымньылары холобурдуоҥ этэй ?
-Чэ, ылан көрүөх, «Олох оонньуура» драманы. Киһини «игрушка жизни» диир кини, ХХ үйэ саҕаланыытыгар. Ити сахха киһи дьиҥ суолтата, анала улам түһэн иһэрэ, ол онтон өрүһүнэр суол көстүбэтэ этиллэр. Болтоһо тойугар ити ордук күүскэ бэриллэр.Итинник иэдээн сатыылаабытын дьоҥҥо аһаҕастык иһитиннэрээччи суос-соҕотох Баһымньы буолар. Кини тылын баһа «Дьааһык киэһэ!». «Киһи өллө, киһи өлөн эрэр» диэччи Баһымньы эрэ. Фридрих Ницше « Бог умер , Бог мертв» диэбитинии иһиллэр.
4.02.2020.
Киһи буолуу туһунан – уон үһүс көрүк
— Өксөкүлээх да Алампа да биирдик этэллэр буолбаат !
— Өксөкүлээх саха дьонун инники дьылҕатыгар долгуйбут буоллаҕына, Алампа бу айымньытыгар эрэ буолбакка, атын да суруйууларыгар киһи туһун саныыра бэрт үгүс. Киһи айылгыта уларыйан, төттөрү өттүгэр хайырҕастанан эрэр диир.
-ХХ үйэ саҕаланыытыгар киһи бүтүн уонна быстах оҥоһуулаах (искусственнай) олохтонон эрэрэ сороҕу дьиксиннэрдэҕэ, атыттары үөртэҕэ.
-Бүтүн оҥоһуулаах олоҕу оҥостуу уонна онон олоруу киһиэхэ, биллэн турар, наһаа ыарахан. Айылҕа ис өттүгэр бэйэ суолун булуу хас биирдиибитигэр ылбычча кыаллыбат. Бу иһин бэлэми үтүктэр, ону батыһан кыһалҕарбакка чэпчэкитик олоруу үгүскэ табыгастаах. Алампа итинтэн мунчаарара көстөр.
05.02.2020
— Ол мунчаарыыта Болтоҕой Уйбаан, Тэмэлдьигэн Миитэрэй кэбилэнэр кэптэригэр ордук күүскэ бэрилиннэҕэ.
— Сөпкө этэҕин. «Нууччатымсыйбыт», «Дьүһүн кубулуйумтуо» диэннэргэ ити ордук дьэҥкэтик бэриллэр.
-Ол эрээри бу наһаа кыра кээмэйдээх айымньылар дии. Эттээх соҕус эбитэ буоллар дуу.
— Айымньы дьиҥ күүһэ кээмэйигэр буолбакка, ис хоһоонугар сытар. Лев Толстой бэйэтин бөдөҥ айымньыларын «Анна Каренина», «Сэрии уонна эйэ» диэннэри сирэн турардаах.
Аһары уһун уонна сымсах диэн. Санааны кылгас гына таба этэр — сытыы өй бэлиэтэ. Толстой, ити өттүнэн, Чехов талаанын аһары биһирээбитэ.
06.02.2020
-« Бүдүрүйбүт көммөтүн» тула мөккүөр бөҕөтүн тардаллара эбээт. Киһи эрэ сыыһар, Сүөдэр хайаан көнүө суоҕай диэҥҥэ. Итиннэ эн сыһыаныҥ?
-Мин санаабар, бу айымньыга Алампа туруорар проблемата Сүөдэргэ буолбатах. «Киһи буолан төрүүбүн дуу, киһи буолаары дуу » диэҥҥэ сытар. Саха былыргы дилемматыгар. Ити икки аҥы тартарыы кыайан быһаарыллыбат буолбута этиллэр.
— ???
-Көр эрэ, Сэмэн оҕонньор 45 сааһыгар 30 саастаах Алаапыйаны кэргэн ылбыт. Олортон айымньы геройа Сүөдэр төрүүр. Бу төрөөн сыттаҕына Айыыһыт кэлэр, куту-сүрү иҥэрээри. Маныаха туран, Айыыһыты бастаан саха абааһыта буулуур. Салгыы нуучча абааһыта кыттыһан, оҕо киһи буолар кэскилин сарбыйаллар.
-Саха уонна нуучча абааһыта диэни быһаарыах эрэ.
-Бу түбэлтэҕэ Сүөдэр төрөппүттэрэ тугу удьуордаан сылдьаллара ыйыллар. Иккиэннэрин төрдүгэр Айыыһыты атарахсытыы баара көстөр. Чуолаан кинилэр хойутаан ыал буолуулара итинтэн төрүөттээх. Дэлэҕэ даҕаны, Сэмэн оҕонньор « күөгэйэр күнүм саҕана» диэ дуу. Эдэригэр наар көрү-нары, чэпчэкини бата сылдьыбыта өтө көстөр. Хаамаайы аҥардаах эбит. Бу өттүнэн ыллахха, Сүөдэр « бүдүрүйэн» төрөөбүт төрдө бэрт дириҥ.
07.02.2020
— Айыы үөрэҕэр Айыыһыт бастакы халлаан буолар төрүөтэ туохтаный ?
— Айыыһыт халлаана төрүүр-ууһуур олоҕу бэлиэтиир өйдөбүл. Киһи тыыныгар кут эбиллэн төрүөҕү тэнитэр-тарҕатар. Бу өттүнэн Айыыһыт халлаана бүппэт бүтүн олоҕу орто дойдуга олохсутуу бэлиэтэ буолар. Ити иһин саха киһитэ былыр Айыыһыкка бастакынан сүгүрүйэрэ.
-«Үтүө үгүс өйдөөх киһини Үрүҥ айыы үөскэтэн , үөрэҕи өбүгэ сахаҕа үөдүтэр буолла?.. » диэбитэ наһаа дьикти. 1924 сыллаахха Булуҥҥа сылдьан , Алампа итинник эппит эбээт !
-Үрүҥ Айыыны үрдүк өй курдук көрүү уонна өбүгэҕэ ити өйү үөрэх курдук үөдүтэр санаа чахчыта даҕаны бэрт дьикти. Өйдөөх дьон үөскээтэҕинэ өбүгэҕэ үөрэҕи үөдүтүө диир. Дьиктитэ итиннэ сытар. Хайаан бүгүҥҥү киһи түҥ үйэтээҕи дьоҥҥо үөрэҕи үөдүтүө диирэ өйдөммөт. Бастаан утаа оннук. Ол эрээри Үрүҥ Айыы үрдүк өй быһыытынан таһыччы улахан. Кини мэлдьи баар. Киниттэн айдарыылаах дьон өйө, ити өттүнэн, ханнык да бириэмэ кээмэйигэр хаайтарбат. Ити дьон өйө өбүгэ өйүгэр тиийэ дьайар диир. Өй хаһан да өлбөтө уонна ити өйтөн үөрэх үөдүйэрэ этиллэр. Өйдөөх дьон өйө ханна баҕарар өтөн киирэн атыҥҥа дьайар дьоҕура үөтүү, үөдүтүү дэнэр. Алампа санаабыт санаата итинник.
Ххх
-Алампа өй суолтатын өрө тутара уонна былыргыны кытта ситимниирэ бэрт элбэҕи кэрэһилиир ээ.
-Үрүҥ Айыыны уонна өйү биир тэҥ кэккэҕэ тутуу мээнэҕэ буолбатах. Бэйэтин бириэмэтигэр Плутарх өйү үтүөҕэ дьулуһуу быһыытынан сыаналыыра. Онон хайаатар даҕаны бары туһаайыыга өйү сайыннарар баҕалааҕа. Сүнньүнэн ыллахха, киһи харыһыктаах хара тыынын айылгыта чычырбас буолан, муҥутуур үтүөҕэ талаһар өйө кэмнээх-кээмэйдээх. Бу иһин, биллэн ааһар илэ дьиҥи үчүгэй өттүнэн арыйан, үөрэх оҥостуу өйү үрдэтэр диир, Алампа. Итини этэр — өбүгэҕэ үөрэҕи үөдүтүү диэн.
08.02.2020
-Өй күүһэ тугунан биллэрий ?
-Илэ суоҕу баардылаан көрөр дьоҕурунан. Оннук дьоҕурбут анаарыы дэнэр. Өй күүһэ итиннэ сытар. Көстүбэти арыйан, аһан биэрэргэ.
— Өй көстүбэти арыйар диэтиҥ. Киһи кыайан көрбөтө туох айылаах баарый?
-Киһи кыайан көрбөтө бэйэтигэр баар.
— Мин кыайан көрбөтүм бэйэбэр ???
— Хас биирдии бэйэбитигэр сылдьар. Ол – биһиги тыыммыт. Биһиги тыыммыт – баар баарын биллэрэр күүһэ. Бу — ис бүтэй хараҥа. Маны арыйааччыбыт өй буолар. Оттон өй диэн бүтүн олох чаҕыл сырдыга.
— Ол чаҕыл сырдыгым ханна, хаһан баар буолар?
-Киһи кытылга кэллэҕинэ уҥуоргу кытылы көрө сатыыр үгэстээх. Киһи санаа уһугар тиксэн санаа салгыытын арыйа сатаатаҕына, бүтүн олох сырдыга киһиэхэ итинник кылах гынар.
Ххх
09.02.2020
Ньургун : Анараа дойдуга сылдьар, онно үлэлии-хамныы сылдьар өбүгэлэрбитин эппит буолуон сөп дуо?
Дабыл: Ыйытыыҥ наһаа оруннаах уонна бэрт сэргэх. Итиннэ бэрт кылгастык этиим. Анараа (аллараа) дойду урукку кэм. Урукку кэм энерго-информационнай голографическай матрицатын таҥара диибит. Таҥара бэйэтигэр ис тутуллаах: аньыы, хара уонна үөр. Аньыы диэн сиэр-майгы хааччаҕа. Хара – харыһыктаах хара тыын. Үөр : сибиэн, дьай, абааһы.
Алампа анаарыытыгар кини иччинэн — бүгүҥҥү кэминэн сирэйдэнэр. Иччи – бүгүҥҥү кэмнээх энерго-информационнай голографическай матрица. Тыын сэттэ олоҕун, куту уонна сүрү илдьэ сылдьар. Бу өттүнэн өбүгэ тыынын сэттэ олоҕо, кута-сүрэ мэлдьи баар. Төлкө быһыытынан эргийэн кэлэ-бара турар.
Оттон айыы тыына кэлэр кэмнээҕи бүтүн олох матрицатын быһыытынан мэлдьи баар. Бу үөһэ этиллибит үс энерго-информационнай голографическай матрица туһунан туспа толкуйдуох, кэпсэтиэх тустаахпыт.
10.02.2020
-Алампа анаарыыта иччинэн сирэйдэммитэ диигин. Кини оччотугар ичээн эттээх буоллаҕа ?
— “Ытык хайалар дьылҕалара” “Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ”, “Харыйа”, “Сылбах тиит” о.д.а. бүтэй суруйуулара Алампа улахан анаардьытын туоһулуур көстүү.Кини санаа уҥуоргу кытылын арыйар олус ураты дьоҕурдаах эбит. Бу ураты дьоҕура кэлин сабыллыбыт.
— Туох диэн этэҕин, ити ?
— Манна холобур туттуом этэ, Зинаида Гиппиус суруйан хаалларбыт кэриэс санаатын :
С воцарением большевиков стал исчезать человек как единица.Не только исчез он с моего горизонта, из моих глаз;
он вообще начал уничтожаться, принципиально и фактически.
Алампа 1921 сыллааҕы хоһооно эмиэ биир итинник санааны этэр.
Аны
Киһи буолар кэскилбин
Ким кэлэн кэпсиэй?
Мин кимминий?..
Мин ханна хаайтардым?
Мин киһи этим…
Оттон хаайыыга барыан иннинэ, саас 1929 сыллаахха суруйуутугар бэйэтин ыар тууйуллуутун маннык сэгэтэн ааспыттаах.
Миигин
Тоҕо ыллаппаккын?
Ыллыым ээ, ыллыым…
Аргыый-аргыый,
Аччыгыйдык, айаҕым иһигэр
Ыллыым ээ, ыллыым !
Ххх
— “Миигин тоҕо ыллаппаккын?” хоһоону кэргэнигэр анаабатаҕа дуо? Инньэ диэччилэр дии.
— Киһи тас уонна ис кэрэтэ диэни көрдөрөргө туттуллар ньыма. Онуоха киһи тас уобараһа дьахтар мөссүөнүнэн бэриллэр. Таһыттан көрдөххө киһи кэрэтэ эрээри, иһэ эриэннээх буолан тахсар. Алампа итинэн киһи ис айылгыта улаханнык айгыраабытын туоһулуур.
— Бу хоһоон эмиэ да монолог, эмиэ да диалог аҥардаах буолбатаах ?
— Анемподист Софронов поэзиятыгар икки киһи кэпсэтиитэ аҕыйаҕа суох: «Аанньал уонна абааһы» «Уоллаах киһи кэпсэтиитэ», «Дьол икки сор икки», «Икки киһи кэпсэтиитэ» , «Ытык хайалар кэпсэтиилэрэ». Оттон үөһэ ыйыллар “Миигин тоҕо ыллаппаккын?” диэҥҥэ икки киһиттэн биирэ кэпсэтиигэ кыттыбат. Ол аата киһини киһигэ холуйбат буолуу ойууланар. Алампа 1929 сыллаахха туох да буруйа суоҕар хаайыыга түбэспит кутурҕана итинник ойууланар.
11.02.2020
— Алампа анаарыыны туохтан саҕалыыр быһыылааҕый ?
— Кини поэзиятыгар икки киһи кэпсэтиитэ — анаарыы биир көстүүтэ. Итиниэхэ киһи бэйэтин санаатыгар саарбахтааһына, мунаарыыта анаарыы саҕаланыыта буолар. Холобурун ыллахха, 1923 сыллааҕы «Уоллаах киһи кэпсэтиитигэр» уол киһи кыһалҕаҕа кыһарыйтаран аҕа саастаахтан сүбэлэтэ кэлэр. Онуоха аҕам саастааҕа тута эппиэттиир оннугар хардары ыйыта тоһуйар. Кэлэр кэскил туһа диэн тугу тэриммиккиний диэн. Инньэ гынан эдэр киһиэхэ санаа кытылын бэйэтигэр көрдөтөр. Көтүмэх өйдөбүллэри уларытарга күһэйэр. Онон Алампа маннык диалогтара диспут курдук майгыннаахтар. Бу диалогтар сыаллара-соруктара санааны сайыннарыы көрүҥэ буолар.
Ххх
12.02.2020
— Анемподист Софронов айымньыларыгар айыы уонна таҥара суолтата хайдаҕый ?
— Маныаха хоһооннорун уонна драмаларын киэнэ диэннэри араарар сөп этэ. Хоһоонноругар ааптар бэйэтин өйдөбүлэ, оттон драмаларыгар геройдарын киэнэ атылыы буолуохтарын сөп.
1914 сыллааҕы «Аанньал уонна абааһы» хоһооҥҥо таҥараһыт үрдүк күүһү бэйэтигэр ыҥырар муҥутуур ааттала «Айыы таҥара» дэнэр. Иисус Христоһу бэйэҕэ чугаһатарга туттуллар «Бог мой, боже мой» диэһин туруору сахатыйбыт быһыыта. Норуокка баар оччотооҕу рефлективнай өйдөбүл буолар.
Айыы таҥара – Боже мой сахаҕа сакральнай буолбатаҕын өссө биир туоһута абааһы, аньыы, хара диэнниин тэҥҥэ сыбаан саҥарыы буолар. Ытык өйдөбүлгэ итинник гыныллыбат.
— Ол аата поэт сыыспыт диэри гынаҕын !?
— Бэйэтин кэминээҕи үгэстийбит өйдөбүлү туттуу хаһан баҕарар баар. Холобур, ХХ үйэ иккис аҥарыгар бигэтийбит « туругурдун социализм », « уруй-айхал коммунизмҥа » курдук – Айыы таҥара диэһин. Нууччалыы эттэххэ, воззвание буолар. Ыҥырыы тыл.
— Иисус Христоһу итинник ыҥырар буоллахтара…
— Христианствоҕа, ордук православияҕа өлүү культун өрө туппут религияҕа, өлбүттэри ыҥыран ыларга туттуллар тыл – Бог мой, боже мой диэһин.Итини этэн баран, туһааннаах уобараһы өйгөр көрөҕүн биитэр ойууламмыт таҥара күлүгэр үнэҕин.
Ххх
— Айыы таҥараны Алампа туох суолталаабытын субу диэн быһаарар уустук буолуо.
— Биллэн турар, итэҕэл тылын ылбычча тойоннообоккун. Итэҕэл тылын туттуу хаһан баҕарар үс төгүллээх. Бастакыта, баар тылы хайдах баарынан саҥарыы-иҥэрии уонна суруйуу. Дьон үксэ иһигэр иҥэ-тоҥо сатаабакка, этитиилээх өйдөбүлү наар түбэһиэх тыл ыаһаҕа оҥостор үгэстээх. Айыы таҥара диэһин оннуктан биирдэстэрэ. Иккиһэ , итэҕэл өйдөбүлэ тылынан уус-уран айымньыга кыбыллыыта.. Итиниэхэ тыл ыаһаҕа да дьиҥ өйдөбүлэ да хабыллыан сөп. Үсүһүнэн, тылы итэҕэл өйүн-санаатын тиһигэ курдук анаарыы.
— « Аанньал уонна абааһы » ити үстэн хайатыгар чугаһый?
— Бу айымньыны итэҕэл өйүн-санаатын анаарыы курдук көрөбүн. Тоҕо диэтэххэ, бастаан утаа Айыы таҥара диэн өйдөбүлү тыл ыаһаҕар туруорар. Оттон салгыы сурук бэлиэтинэн Күн – Таҥара, Айыы – Таҥара диэн араартаан итэҕэл өйүн-санаатын тиһигэ оҥорор. Бу кини итэҕэл сорох каноннарын арааран өйдүүрүн туоһулуур. Чуолаан. ордук Айыы – Таҥара канону дьиҥ религиознай суолтатыгар туруоруута бэрт элбэҕи этэр.
Айымньы бүтүүтүгэр аанньал (христианскай « иччи » ) Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо өрө көтөн
тахсара аһары дьикти.Манан тугу эппитэй диэҕи баҕарыллар.
Ххх
— Санаа кытылыгар кэллэххэ анаарыы саҕаланар диигин. Санаа кытылыгар кэлэргэ туох күһэйиэн сөбүй?
— Бастаан санааҕа абылатаҕын. Өр абылаттахха сүһүрэҕин. Аһары сүһүрдэххэ ыалдьаҕын Ыарыйдахха ити төрдүн, төрүөтүн көрдүүгүн. Оттон көрдүүр буоллахха кытылы, уһугу хайаатар да булаҕын.
— Религиознай философ Павел Флоренскай «Философия культа» үлэтигэр анаарыыны киһи эрэ барыта кыайбат диир ээ.
— Инньэ диирин таһынан, анаарыллыбыт анаарыыны киһи эрэ барыта өйдөөбөт диир. Түбэһиэх үтүктэн саҥарааччы элбэҕин, итини сэргэ ити анаарыыга сыстан бэйэтин итэҕэлгэ бигэргэтэ сатааччы аҕыйаҕа суоҕун бэлиэтиир.
— «Аанньал уонна абааһы» анаарыы быһыытынан өссө биир дьээбэлээх ээ. Көрүөх эрэ ону. Абааһыны маннык ойуулуурун :э
Сэтинньи ый сэттэ эргэтин курдук
Иирэр хараҕынан эргиччи көрдө … – диирин.
Итини дьэ туох диигин ?
— Сэтинньитээҕи революция буолуон үс сыл иннинэ Алампа ынырыктаахай хаан тохтуутун итинник көрүүлэниитэ чахчы да дьулаан. Киһи өйүгэр кыайан баппат.
Ххх
14.02.2020
— Инникини итинник өтө көрүү хайаатар да туох эрэ төрүөттээҕэ чахчы.
— Сөпкө этэҕин. «Аанньал уонна абааһы» суруллубут бириэмэтэ 1914 сыл бэс ыйын 20 күнэ. Бу кэнниттэн от ыйын 28 чыыһылатыгар аан дойду бастакы сэриитэ саҕаланыа дии. Маннык улахан дьалхаан буолуоҕа эрдэ сибикилэнэр үгэстээх. Оннукка анаардьыт киһи нэһилиэнньэ ортотугар хараҥа өй-санаа уһуктуутун, сиэр-майгы айгыраан эрэрин эрдэ таба көрөр айылгылаах. Маассабай араҥаҕа итинник «хараҥа күлүк» көптөҕүнэ үтүөнү күүппэккин. Ону таба көрөн өйдөөччү аҕыйах.
— Оттон ити норуот дьулуура буолбатаах ?
— Күүһүнэн өттөйүү, кырыктаныы курдук ньүдьү балай күүс маассабай психологияҕа өрө дагдайан таҕыстаҕына, хайаатар даҕаны муҥутуур былаастаныан баҕарааччы элбиир. Оччотугар сиэри-майгыны сирдьит гыммакка, политиканствоҕа охтуу саҕаланар.
Бу хоһооҥҥо ааптар аанньалы таҥараттан араарар уонна уһук бүтэһигэр Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо – сиэр-майгы ыраас, муҥутуур сырдык өттүгэр көтүтэр.
Ххх
15.02.2020
-Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо аанньалы көтүтүүтэ таҥараны айыыттан туспа араарыы курдук буоллаҕа.
-Бу ис дьиҥэ аһары дириҥ. Саха киһитэ былыр айыыны, иччини уонна таҥараны чопчу үс аҥы арааран өйдүүрэ. Маныаха кини илиҥҥи менталитекка олоҕуран толкуйдуура.
-Илиҥҥи уонна арҕааҥҥы көрүүлэр уратылаахтарын туһунан көннөрү истэбит эрэ. Ити төрдүн үчүгэйдик быһаара түспэккиэн.
— Маҥнай утаа Айыы итэҕэлигэр тохтуох. Айыы итэҕэлин былыргыта аан дойду өйүн-санаатын кээмэйинэн кэмнээтэххэ, илиҥҥи религияҕа быдан чугас. Бары религияҕа киһи «Мин кимминий?» «Мин хантан кэлбиппиний?» «Мин ханна барабыный?» диэн мунчаарар мунчаарыыта Айыы итэҕэлигэр эмиэ баар. Итиниэхэ, бастакынан, илиҥҥи өй өрүү Или-Эйэни тутан сомоҕолоһорго, айыыга — идеализмҥа, иччигэ — олох ис төрдүн көрүүгэ ордук хото охтор. Оннуктарга киирэр индуизм, джайнизм, буддизм уонна сикхизм.
Иккиһинэн, илиҥҥи өй тугу барытын тыыннааҕымсытан көрөр. Туох барыта иччилээх, туохха барытыгар Айыы тыына баар диэн өйдүүр. Киниэхэ онон тулата барыта ытык бэлиэ буолар.
Үсүһүнэн, илиҥҥи өйгө кыраман — кыраҕа баайыллыы, төлкө уонна олортон босхолонон дьабыҥҥа көтүү диэн өйдөбүллэрдээх. Айыы итэҕэлин былыргы өрүтэ оннук.
Төрдүһүнэн, киһи бэйэтин ис үөрүйэҕэ илиҥҥи религияҕа төрүт курдук тутуллар. Соҥнуу сатааһын суох. Киһи ис сайдыыта инники турар.
Ххх
— Илиҥҥи өй уратылааҕа чахчы. Аны арҕааҥҥыбытын истиэ этибит.
— Арҕааҥы өй дуализмҥа, оҥоһууга -материализмҥа, таҥараҕа — тас көстүүгэ (экстраверт) быдан тартарыылаах. Арҕааҥы религияҕа киирэр, иудаизм, христианства уонна ислам.
Ити биирэ.
Иккиһэ, арҕааҥы өй тулалыыр эйгэни тыыннааҕымсытар сыыһа. Иччи да Айыы да малга-салга баар буолуон табыллыбат диир. Онон тыын сирдээҕи уонна ытык олоҕо диэннэргэ быһаччы араарар.
Үсүһэ, арҕааҥҥы өй суос-соҕотох ытык тыын — дууһа олоҕунан олорууну ирдиир. Ити олоҕу таба олордоххуна махталы ылыаҥ, таппатаххына сору-муҥу кэтиэҥ диир.
Төрдүһэ, арҕааҥыга өй дууһаҕа бүтэйдии бас бэриниини, ону итэҕэйиини ордук сыаналыыр.
Бэсиһэ, арҕааҥы религиялар бэйэлэрин тус көрүктэрин эрэ билинэллэр. Туораны сыһыарбаттар да баардылаабаттар да. Илиҥҥи религияларга маннык суох.
— Эн санааҕар сахаҕа бу икки өйтөн билигин ханнык хото баһыйарый?
-Х1Х үйэ иккис аҥарыгар Сибииргэ барбыт религиознай реформаҕа сахаҕа баар илиҥҥи ( буддийскай) каноннары, постулаттары епископ Нил кэлэн уларыппыта. Бу түмүгэр Айыыны таҥараҕа, Үрүҥ Айыыны Аар тойоҥҥо кубулутуу барбыта. Быһатын эттэххэ, саха илиҥҥи менталитетын арҕааҥыга иэҕии саҕаламмыта. Маны түргэтэтэр туһугар православнай миссионердар илиҥҥи религияны үрэйэргэ шаманизмы саталлаахтык туһаммыттара. Илиҥҥи религиознай үөрэххэ шаманизмы утары туруорбуттара. Онон илиҥҥи религия үөрэҕэ — үрүҥ өй, идеальнай өй, айыы санаа сахаҕа быстыбыта. Хара итэҕэл – черное верование- шаманизм өргөйбүтэ.
Ххх
— «Аанньал уонна абааһы» икки өй-санаа мөккүөрүн курдук быһыылаах ээ.
-Анемподист Иванович бу айымньыга Үрүҥ Айыы Тойону бүтэһиккэ киллэрэр. Үрдүк идеал гына туруорар. Аанньал таҥараттан арахсар төрүөтэ ити. Аанньал уһук бүтэһиккэ саха үрдүк идеалыгар Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо көтөҕүллэр.
-Алампа улахан үөрэҕэ суох киһи эрээри толкуйа ураты. Бу туохтан буолуой ?
-Кини төрүөҕүттэн ыла 11 сааһыгар диэри үс ыалга иитиллибит. Аҕата үс кэргэнэ субуруччу өлөн, кыра уолу өлүүттэн куоттарбыт быһыыта үһү. Онон кыракый сааһыгар тыыннаах буолуу кыһатыгар лаппа миккиллибит. Биириттэн биэһигэр диэри хараҕа суох оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ оҕо буолан улааппыт. Инньэ гынан, норуот дьиҥ былыргы муудараһын этигэр-хааныгар лаппа иҥэриммит. Айыы, иччи диэннэри өйдөөбүт кистэлэҥэ ити. Биэс сааһын туолуор диэри оннук өйгө-санааҕа улааппыт. Оттон биэһиттэн уон бииригэр диэри таҥараһыт дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит. Манна кэлэн саалтыыр ааҕарга үөрэммит. Нууччалыы, сахалыы буккуйа-тэккийэ саҥарар дьоҥҥо түбэспитин тута өйдөөбүт буолуон сөп. Алампа бэйэтэ ахтарынан, ииппит ийэтиттэн биэстээҕэр арараары гыммыттарыгар ытабыл бөҕөтүн ытаабыт. Оҕо сүрэҕэ ыарыылаахтык ылыннаҕа. Кини букатын атын өйгө-санааҕа түбэһэн эрэрин оччолортон билэ улааппыт чинчилээх.
— Икки өй-санаа мөккүөрүн өйдүү улааттаҕа…
-Алампа түгэх өйүгэр кыра эрдэҕинээҕитэ күүскэ иҥмит буолан дэлэҕэ даҕаны «таспын кытардыахпын, таһырдьанан саҥарыахпын баҕарбаппын» биитэр « Ыллыым ээ, ыллыым… аргыый-аргыый, аччыгыйдык, айаҕым иһигэр» диэ дуу.
Ххх
— Таҥараны уонна Айыыны итэҕэйии туспатын араарарга Алампа өссө тугу гыммытай ?
-Киһи туһунан көрүгэр иччи, айыы суолтатын өрүү чорботор. Таҥараны итэҕэйии тас көстүү быһыытынан ойууланар. Айымньы геройдарын ис туругар дууһа суох. Өй-санаа, түллүүтүгэр ончу биллибэт. Таҥара диэһин тас дуй, тыл ыаһаҕа эрэ.
Ол туоһута «Таҥара кырыыһа » буолар.
-Ити пьеса сэбиэскэй кэмнээҕи агитка дии. Сэбиэскэй тутулу ылыммыт, таҥараны утарбыт быһыыта .
— Айымньы 1931 сыллаахха суруллубут. Дьиэ көскө сырыттаҕына. Манна таҥараһыт уонна таҥараһыта суохтар охсуһуулара саҕаламмыта ойууланар. Икки өттүттэн өлөрөрү-өһөрөрү кэрэйбэт, ытык өйдөбүллэри аанньа ахтыбат майгы арыллар. Алампаны ити олуһун дьиксиннэрэр. Ону кини «Оонньуур туһунан» сурукка этэр. «Манна алыс күлүү гыммыт дуу, үтүктүбүт дуу курдук ;(комически или сухой передачей чужих слов) тахсыбата буоллар үчүгэй буолуо этэ диэн баҕарабын».
-Ити аата бу пьесаны судургутук ылынар сатаммат диэтэҕэ.
-Монархия былааһа сууллуутунан дойдуга социальнай ыһыллыы-тоҕуллуу буолбута, иэдээн иэнигийбитэ. Гражданскай утары турсуу түмүгэр нэһилиэнньэҕэ өй-санаа, сиэр-майгы аһары сытыырхайбыта. Киһи киһини харыстаабат, киһи киһиэхэ хабыр сыһыана олохсуйар. Итинник маассабай социальнай хамсааһын туохха тиэрдиэҕин өйдөөччү быстар аҕыйаҕа.
Только некоторые склонные к размышлениям умы извлекли для себя пользу, а их моральный и интеллектуальный горизонты были в значительной степени расщирены через осознание подавляющей силы зла и того факта, что человечество может стать просто его инструментом » диэн Карл Густав Юнг этиитэ «Таҥара накааһыгар» быһаччы сыһыаннаах.
-1929 сыллаахха суруйбут «Сүбэ» хоһоонугар «Таҥараҕа саантаамаҥ, иччигэ эрэнимэҥ» диэбит тыллара хайдаҕый?
-Ити хаайыыга барыан аҕай иннинээҕи санаата :
Туохха да тойон –
Норуот, норуот !
Норуоттан тутуһуҥ,
Норуокка туһалааҥ.
Оттон дьиэ көскө ол санааны хос саҥалыы анаарар. Бу түмүгэр «Таҥара накааһа» суруллар.
Ххх
16.02.2020
-Санааны тиһиктээн илдьэ сылдьыы саха киһитин биир уратыта быһыылаах. Хос-хос саҥалыы сыаналааһын.
-Ити илиҥҥи культура, илиҥҥи менталитет көстүүтэ. «Ньоҕойдоһон туран» санаа уһугун билэ уонна өйдүү сатааһын, бэйэ кыаҕа төһө тиийэринэн. Итэҕэлгэ эмиэ биир оннук. С.Радхакришнан мээнэҕэ эппэтэҕэ:
Механическая вера , которая зависит от авторитета и желает принимать утешения религии, не утруждая себя тем , чтобы быть религиозной, отличается от религиозной веры, которая имеет свои корни в опыте.
— Религиознай итэҕэл көннөрү итэҕэлтэн туспа эбит дуу.
— Өй-санаа биир кэлим ситимнээх көрүгэ религиознай итэҕэл дэнэр. Халбаҥнаабат сиэрдээх-туомнаах, сиэрдээх-силиктээх, сиэрдээх-майгылаах. Анал сэһэннээх, тус номохтоох. Өссө туран маны үөрэтэр анал үөрэхтээх. Оттон көннөрү итэҕэл диэн бэлэми батыһыы, үтүктүү, бэйэ хайдах талбытынан тойоннооһуна ааттанар. Бу өттүнэн ыллахха, таҥара итэҕэлэ шаманизмы кытта православия дьүөрэлиитэ буолар.
-Айыыны уонна таҥараны итэҕэйии атылыытын Анемподист Иванович оннук дьэҥкэтик өйдөөбүтэ дуу.
-Киһи буолуу туһунан кини религиознай философиятыгар иччи, Үрүҥ Айыы, Үрүҥ Айыы Тойон инники суолтаҕа тураллар уонна быһаара сатыыр проблематын итилэргэ баайан анаарбыта. Онон кини Айыы өттүн тутуспута букатын саарбахтаммат…
ХХ үйэ саҕаланыытыттан өлүөр диэри киһи буолуу туһунан өйү-санааны ырыппыт, ырыҥалаабыт киһибит Анемподист Иванович Софронов — Алаас уола Алампа аатын саха киһитэ хаһан да умнуо суоҕа.
А.Павлов- Дабыл архыыбыттан.