Оскуола — ханнык баҕарар бөһүөлэк сырдыктан сырдык килбэйэр киинэ, үүнэр сүһүөх ыччат сырдыкка, үрдүккэ тардыһыытын саҕар кыһата. Мэӊэ-Хаӊалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгин С.Н.Михайлов аатынан орто оскуолата үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтиир. Оскуолабыт тэриллиэҕиттэн үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн, үөрэтэн таһаарда.
Быйылгы 2021-2022 үөрэх дьылыгар 25 иитиллээччи, 58 үөрэнээччи, 4 иитээччи, 19 учуутал үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьар. Быйылгы үөрэх дьылыгар Yөрэҕирии национальнай бырайыак чэрчитинэн биологияны, химияны, физиканы дириӊэтэн үөрэтэр естественнэй-научнай хайысхалаах «Точка Роста» кабинетттара арылыннылар.
Оскуола баайа – кини үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ буолар. Оҕолор, учууталлар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Yөрэнээччилэрбит спорт араас көрүӊнэригэр чемпион үрдүк аатын сүгэн, үрдүккэ, кэрэҕэ, үтүөҕэ талаһаллар.
Тапталлаах оскуолабыт истиэнэтигэр ылар үөрэхпит сырдык олоххо кынаттаатын. Yөрэтэр учууталларбыт, иитээччилэрбит үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буоллун!
Оскуолабыт историятын кэрдиис кэмнэрэ
1921-1922 үө.с. – «Хайахтаахха» Михайлов Николай Петрович (Кээйэ Ньукууһа) дьиэтигэр 2 группалаах оскуола аһыллар;
1923-1924 үө.с. – «Маарга» Тимофеев С.Н. (Чоппуу) дьиэтигэр 2 группалаах оскуола арыллар;
1925-1926 үө.с. – «Даркылаахха» 4 группалаах саӊа оскуола үлэҕэ киирэр;
1962 с. – Чыамайыкытааҕы ситэтэ суох аҕыс кылаастаах оскуола статуһун ылар;
1970 с. – аҕыс кылаастаах саӊа оскуола дьиэтэ үлэҕэ киирэр;
1997 с. – орто оскуола статуһа бэриллэр;
2003 с. – 112 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киирэр;
2007 с. – оскуола-саад статуһун ылар;
2008 с. – «ТОМ» программа киирэн, БКЭ оскуолаҕа туттарар буолбуттара.
2013-2014 үө.с. – Майатааҕы музыкальнай оскуола иһинэн художественнай кылаас аһыллан үлэлиир.
2016 с. – оскуолаҕа Чыамайыкыга үөрэхтээһини саҕалаабыт, оскуоланы астарбыт нэһилиэкпит биир чаҕылхай ыччатын Савва Николаевич Михайлов аата бэриллэр, оскуола «Өрөгөй ырыата» сүрэхтэнэр.
2016 с. – Химия, биология кабинетыгар РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Педагогическай үлэ ветерана Кириллина Татьяна Николаевна аата иӊэриллэр;
2018 с. – Улуустааҕы аан бастакы «Сельский педагог» күрэх ыытыллар;
2021 с. – «Точка Роста» проегынан биология/химия уонна физика кабинеттара киирдилэр.
Савва Николаевич Михайлов
(1904-1931)
Илин Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүт. Аан бастакынан оскуола аһыллыытын туруорсан, биһиги нэһилиэккэ үөрэҕирии сайдыытыгар улахан өҥөнү оҥорбут. Кини нэһилиэк бастакы үөрэхтээх ыччата, дойдутугар үөрэҕи сайыннарбыт киһи.
Дьокуускай педтехникумугар үөрэнэн учуутал идэтин ылбыт. 1921 сыл от ыйын 12 күнүгэр нэһилиэк бас-көс дьонун түмэн, Чыамайыкыга оскуола аһар туһунан уопсай мунньах тэрийбит. 1921 сыл күһүнүгэр «Хайахтаахха», С.Н.Михайлов аҕатын Михайлов Николай Петрович (Кээйэ Ньукууһа) дьиэтигэр 2 группалаах бастакы оскуола астарбыт.
1924 с. Алдаҥҥа Незаметнай бириискэҕэ «Союззолото» тэрилтэҕэ секретарынан, 1924-1925 сс. Томмот станциятыгар смотрителинэн, Дьокуускай – Амур суолун көрөр станция секретарынан үлэлээбит. 1925-1926 сс. Владивосток куорат промышленно-экономическай техникумугар үөрэнэр. 1927-1929 сс. Маралаах (Таҥха), Чыамайыкы оскуолаларыгар учууталынан үлэлиир. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарар, билэр. Киэҥ билиилээх, ыраас өйдөөх-санаалаах, сытыары сымнаҕас киһи эбит. 1920-1928 сс. тэриллибит «Саха омук» диэн культурнай-сырдатар обществоҕа чилиэнинэн киирэн үлэни ыыппыт.
1929 с. «Дьоппуоннар үспүйүөннэрэ» диэн сымыйа балыырга түбэһэн, 1931 с. олунньу 18 күнүгэр 27 саастааҕар ытан өлөрбүттэр. ССРС Верховнай Советын Президиумун ыйааҕынан (16.01.1989) 1989 с. ыам ыйын 17 күнүгэр буруйа суоҕа быһаарыллыбыт, үтүө аата чөлүгэр түһэриллибит.
Дойдутугар үтүөтэ:
- 17 саастаах педтехникум студена Чыамайыкыга оскуоланы астарыыга аҕатынаан бастакынан тыл көтөхпүттэрэ, дьону түмэ тардыбыттара. От ыйын 12 күнүгэр 1921 сыллаахха Савва нэһилиэнньэ мунньаҕынан үрдүкү салалталарга оскуола астарарга көрдөспүтэ, Семенов Николай Давыдовиһы кэпсэтэн учууталлата таһаарбыта.
- Аҕатын кыстык дьиэтин оскуолаҕа бэрдэрбит.
- 1923с. Оскуола астарыытыгар боломуочунай. Атырдьах ыйын 3 күнүгэр Наркомпроска сайабылыанньа түһэрбиттэрэ. Ити туруорсуу түмүгүнэн «Маарга» үөрэх дьыла 1923 сыллаахха алтынньы ыйтан саҕаламмыт. Савва Николаевич Дьокуускай уокурук үөрэҕин салаатын кытта пособиеларынан, учебниктарынан хааччыйарга дуогабар түһэрсибитэ.
- Оскуолаҕа учууталлыыр. Федоров Дмитрий Николаевичтыын оскуолаҕа 7-с кылааһы аһан оҕолору үөрэппиттэрэ.
Тапталлаах оскуолабыт 10 уратыта
- 1927 с. кэргэннии учууталлар Василий Иннокентьевич уонна Анна Ивановна Новгородовтар сааскы каникулга Дьокуускай куоракка 35 оҕону экскурсияҕа киллэрэн, республика салайааччыларын П.А.Ойуунускайы, М.К.Аммосовы кытта көрүһүннэрбиттэр.
- Биһиги оскуолабытыгар үөрэммиттэр:
- 1947-1959 сс. Саха АССР үбүн миниистиринэн, 1967-1978 сс. Социальнай харалта миниистиринэн үлэлээбит Кононов Василий Иванович;
- П.А.Ойуунускай «Туйаарыма Куо» олоҥхо драматын Саха театрыгар Туйаарыма Куо оруолун аан бастаан толорбут Новгородова Александра Федотовна;
- 1996 с. Атлантаҕа Олимпийскай ооньууларга кыттыбыт, тустууга международнай кылаастаах спорт маастара Фёдоров Артур Дмитриевич;
- Алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ 1993 сылтан предметинэн, тус-туспа учууталларга үөрэнэ сылдьаллар.
- Оскуолабытыгар мас тардыһыыга Саха сирин маастара, Россия чемпиона, Сэмэнэптэр педагогическай династияларын салҕааччы Кириллина Елена Афанасьевна алын кылааска учууталынан үлэлиир.
- Yөрэнээччилэрбит араас көрүӊнээх республиканскай олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттан үөрдэллэр. 2013с. 10 кылаас үөрэнээччитэ Дьячковскай Илья Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэриттэн аан бастакынан Бүтүн Россиятааҕы физкультура олимпиадатыгар (сал. Куприянова О.П.) Саранск куоракка ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэж.
- Оскуолабыт өрөгөй ырыатын автора — Саха Республикатын Үөрэҕириитин туйгуна, Ноевтар педагогическай династияларын салҕааччы, алын кылаас учуутала Алексеева Татьяна Романовна.
- Үөрэнээччилэрбит республиканскай таһымнаах күрэхтэргэ: ох сааҕа (тренер Куприянов Е.Е.), мас тардыһыытыгар (тренер Горохов Е.Н.), волейболга (тренер Куприянова О.П.), тустууга (тренердэр Иванов А.И., Явловский А.А.) араас сылларга чемпионнууллар.
Эбии үөрэхтээһин салаатыгар, кэрэ эйгэҕэ: «Фольклор» куруһуогун иитиллээччилэрэ (сал. Архипова Д.А.), «Yрүйэчээн» үҥкүү бөлөҕүн оҕолоро (сал. Прокопьева З.Н.), «Вокал» куруһуогун ырыаһыттара (сал. Брызгалова Д.П.) араас сылларга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытыннылар, Лауреат аатын ылаллар.
- 2019 с. оскуолабытыгар Японияттан сылдьар тустуу тренерэ, олимпийскай чемпион Ёнэмицу Тацухиро ыалдьыттаабыта.
- Оскуолабыт 1996 сыллаахха орто оскуола статуһун ылыаҕыттан, 2 кыһыл көмүс (Николаева Виктория, 2013с., Анисимова Сааскылаана, 2014с.), 1 үрүҥ көмүс (Захарова Саргылаана, 2002с.,) медалистардаах.
- Михайлов Н.П.(Кээйэ Ньукууһун) дьиэтэ, бастакы үөрэхпит кыһата, билигин даҕаны чөл туруктаах, чэгиэн көстүүлээх нэһилиэк иһигэр турара биһигини олус үөрдэр уонна сөхтөрөр.
Бэлэмнээтилэр Чыамайыкы орто оскуолатын «Проба пера» эдэр кэрэспэндиэннэрэ.
Instagram: @proba_pera_chemoiki.