Саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйата саха дьонугар ытык сиринэн биллэр https://vk.com/wall-199463452_20550
Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Петрович Бубякин иһитиннэрбитинэн, Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар айаннаан иһэн суруйааччы төрөөбүт алааһыгар 1400 киһи тохтоон ааста. Ол иһигэр биһиги, “Кэскил” медиа оскуола юнкордара.
Эмис нэһилиэгин кырдьаҕас учуутала, В.М. Новиковы-Күннүк Уурастыырабы кытта элбэхтик алтыһан ааспыт нэһилиэк ытык олохтооҕо Алексей Ильич Гаврильев Саппыйа алаас туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
– Ордук сурук-бичиккэ сыстаҕас, суруйар үлэни сэргиир, бу эһиги курдук юнкор оҕолор Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйатыгар үктэннэхтэринэ, суруйар дьоҕурдара өссө сайдар. Оҕо суруйар үлэҕэ дьоҕура арылларыгар Күннүк Уурастыырап тыына, эйгэтэ көмөлөһөр.
Бу алааска сөбүлээн сылдьыбыт оҕолортон хоһоон, кэпсээн суруйан киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт дьон бааллар. Онон бу дойду айар куттаах, дьоҕурдаах оҕолорго өрүү ураты күүһү, элбэх санаалары уга турар.
Быйыл норуот поэта аатын сүгэр Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Күннүк Уурастыырап Тойон Дьаҕарыма бухатыыр туһунан олоҥхотун үрдүк таһымнаахтык көрдөрдүлэр. Онон Саппыйа айар талаан, дьоҕур арыллар дойдута, – диэн Алексей Ильич Гаврильев Саппыйа алаас кыаҕын-күүһүн туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Изольда Харлампьева видеота, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы