М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Аман Еремеев «Хаҥалас» хаһыат сыллата бастыҥ эдэр корреспонденнарын наҕараадалыыр күрэҕэр А.М. Яковлев аатынан бириэмийэ лауреата буолла.
Аман «Кэскил» уонна «Хаҥалас» хаһыаттарга сөбүлээн суруйар, хаартыскаҕа үгүс оскуола тэрээһиннэрин түһэрэр. Кини суруналыыстыка эйгэтигэр интэриэһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Мин 2022 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр бастакы заметкам keskil14.ru сайтыгар тахсыбыта. Онно «Пионер буолар үчүгэй да эбит!» диэн оскуолатааҕы тэрээһиҥҥэ кыттан, музейга сылдьан баран, санаабын үллэстэн суруйбутум. Мин сахалыы уонна нууччалыы суруйабын. Ордук оскуолабар уонна нэһилиэкпитигэр буолар тэрээһиннэри сырдатабын. Саамай сөбүлээбит матырыйаалым «Дьөһөгөй оҕото музей арылынна» диэн этэ. Мин бу күн музей арыллыытыгар сылдьыбытым, хаартыскаҕа түһэрбитим уонна Хаҥалас улууһун уонна Малдьаҕар 2-с нэһилиэгин баһылыктарын кытта кэпсэтэн, санааларын сурукка тиспитим. Мин уопсайа 33 матырыйаалы суруйдум. Быйыл 2023 сылга өссө элбэх сонуннаах суруйууларбын «Кэскилгэ» да, «Хаҥалас» хаһыакка да ыытыам дии саныыбын. Бу маннык суруйарым миэхэ эппиэтинэстээх буоларга, нэдиэлэбин, ыйбын былааннанарга, компьютерга сөпкө суруйарга, икки тылынан санаабын сатаан этэ үөрэнэргэ көмөлөһөр. Мин лауреат буолбуппуттан олус үөрдүм.
М.Е. Васильева 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ.