Инбэлиит уонна доруобуйатынан хааччахтаах эдэр ыччат ортотугар идэ маастарыстыбатыгар «Абилимпикс» чемпионат “Медицинский и социальный уход” түһүмэҕэр Дьокуускайдааҕы медицина кэллиэһиттэн Туйаара-Умсулгаана Иванова, Николай Алексеев кытталлар, экспертэринэн преподавателлэр Ульяна Федорова, Евдокия Иванова үлэлииллэр.
Туйаара-Умсулгаана Иванова, 1 куурус устудьуона:
— Биһиги 4 модуль сорудахтарын толоруохтаахпыт. Бастакыта, холобур, авария кэмигэр киһи хаана эйиэхэ ыһылыннаҕына, хайдах гыныахтаахпытын кэпсиэхтээхпит. Онно 70 % испииринэн соттуохтааххын, мыылаланан суунуохтааххын. Иккискэ: ыарыһаҕы көрүү-харайыы, холобур, ыарыһаҕы кириэһилэттэн ороҥҥо сытыарыы. Үһүс модульга ыарыһах киһини кытта кэпсэтэн, кини туругун быһааран, сүбэ-ама биэрии, холобур, тугу аһыыр көҥүллэнэр-көҥүллэммэт. Төрдүһүнэн, бастакы көмөнү оҥоруу, холобур, ыарыһах бронхиальнай астмата эмискэ көптөҕүнэ, сиэстэрэ ханнык эми биэрэрин, тугу гыныахтааҕын туһунан кэпсиэхтээхпит.
Тоҕо медик идэтин таллым? Дьиҥэ, мин үрдүк үөрэхтээх экономист буолабын. Ол эрээри бу бүөрбүнэн инбэлиит буолбутум кэннэ, медицина өттүгэр көһөргө сананным. Медик киһи араас соһуччу буолар түбэлтэҕэ түргэнник быһаарыыны ылар булугас өйдөөх-толкуйдаах, дьону кытта биир тылы булар майгылаах буолуохтаах. Куттаммаппын дуо? Суох, куттаммаппын.
Николай Алексеев, 2 куурус устудьуона:
— Медицина кэллиэһигэр үөрэнэрбин сөбүлүүбүн, ыарырҕаппаппын. Оскуола кэнниттэн тута киирбитим. Сөбүлүүр учууталбынан “Сестринское дело” үөрэтэр Татьяна Петровна буолар.
Ханна үлэлиэхпиний? Стационарга үлэлиэм дии саныыбын, процедурнайга укуол биэриэм. Медбрат, медсиэстэрэ үлэтэ ыарахан. Туох баар үлэ биһиэхэ сүктэриллэр. Онон эппиэтинэс улахан.
Ульяна Федорова, “Медицинский и социальный уход” компетенцияҕа сүрүн эксперт:
— Инбэлиит уонна доруобуйатынан хааччахтаах эдэр ыччат ортотугар «Абилимпикс» чемпионат биһиги кэллиэспитигэр иккис төгүлүн ыытыллар. Биһиги компетенциябытыгар эксперинэн биһиги кэллиэспититтэн Фаина Филиппова, Ульяна Константинова, Алдантан Ольга Мыльникова, Нина Иванова, Жатайтан Ксения Голикова уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатыттан тутулуга суох эксперинэн Лена Васильева үлэлээтибит. Кыттааччылар 4 модуль сорудаҕын сөпкө толороллорун, ыарыһах туругун таба быһааралларын, бэйэлэрин харыстанар процедураны билэллэрин, медицинскэй этиканы тутуһалларын, көмө оҥоруу алгоритмын бэрээдэгинэн оҥороллорун кэтээн көрөбүт.
Биһиги устудьуоннарбыт үчүгэй көрдөрүүлээхтэриттэн үөрэбит. Бу конкурс призердара үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр 5 баал эбиллэр. Аныгы оҕолор салгыы бары быраас үөрэҕэр барар баҕалаахтар. Уруккуларга тэҥнээтэххэ, истигэннэр, арыгы-табах диэнинэн үлүһүйбэттэр, бэрээдэктээхтэр.
Евдокия Иванова, медицинскэй кэллиэс дириэктэрин солбуйааччы:
— Быйыл “Абилимпикс” куонкуруска “Прикладная эстетика” компетенция эбии киирдэ. “Медицинский и социальный уход”, “Лабораторный медицинский анализ” былырыыҥҥыттан бааллар. Бу чемпионат кыттыылаахтара инбэлиит уонна доруобуйаларынан хааччахтаах буолалларын быһыытынан, сорудахтара арыый чэпчэкилэр, ол эрээри син биир ирдэбилэ улахан. Биһиги устудьуоннар үчүгэй испэсэлиис буолан тахсалларын ирдиэхтээхпит.
Кэллиэспитигэр киирэргэ куонкурус, үгэс курдук, үрдүк. Аттестат орто баалынан ылабыт. Быйыл үөрэххэ ылыы уратытынан“Лечебное дело” (фельдшер үөрэҕэ), “Сестринское дело”, “Лабораторная диагностика” салааларга элбэх целевой миэстэ көрүллэр. “Стоматология” (тиис протеһын оҥорор техник үөрэҕэ), “Фармация” салаалар – төлөбүрдээхтэр. Абитуриеннары ыларбытыгар уйулгуларын (психика) бэрэбиэркэлиир тест ыытабыт. Тиис оҥорооччуларга уруһуйга куонкурус буолар.
Ааптар: Таисия Алексеева