Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Ил Дархана, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сенатора Егор Афанасьевич Борисов атырдьах ыйын 15 күнүгэр 70 сааһын туолар. Олоҕун бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн тураммын, чинчийбит үлэбин билиһиннэриэхпин баҕарабын.
АҔА ОРУОЛА
Егор Афанасьевич аҕата Афанасий Егорович Борисов Гоша 16 саастааҕар олохтон туораабыта. Кини үйэтин тухары «Сельхозтехника» тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Көмүс илиилээх киһи эбит. Механик, слесарь, сварщик идэлэрин баһылаабыт, мас ууһа, сорсуннаах булчут, отчут, масчыт бастыҥа. Аҕата улахан уолун Гошаны батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэппит. Кыра сааһыттан булка, балыкка, үлэҕэ барытыгар уһуйбут, тиэхиньикэҕэ сыһыарбыт. Онон Гоша 14 сааһыгар тимири көҥүл уһаарар, тимиргэ үчүгэйдик быһаарсар буолбут. Механизатор идэтин баһылаан, олоҕун суолун буларыгар, кыра эрдэҕиттэн чугас дьонун иннигэр эппиэтинэстээх буола улаатарыгар аҕатын иитиитэ бигэ тирэх буолбут.
АҔАНЫ СОЛБУЙБУТ УБАЙ
Гоша бииргэ төрөөбүттэригэр аҕаны солбуйбута. Ийэтин кытта дьиэ кэргэн бары кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн, бырааттарын, балтыларын атахтарыгар туруорсубута.
Кыратыттан эппиэтинэскэ иитиллэн, бүтүн норуотун салайар Аҕа баһылык буола үүнэн тахсыбыта.
Новосибирскай куоракка инженер-механик үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, механизатор идэтин баһылыыр. Үлэтин-хамнаһын төрөөбүт улууһугар механигынан саҕалаабыта.
Егор Афанасьевич бииргэ төрөөбүт балта Акулина Афанасьевна Ноева (Борисова): «Гоша барыбытыгар аҕабытын солбуйбута. Кини тыла куруутун суолталаах, быһаарыылаах буолара», – диэн ахтар.
Аҕаны солбуйбут убай Егор Афанасьевич иитиитинэн бииргэ төрөөбүт Борисовтар бары дьоһуннаах дьон буола үүнэн тахсыбыттар.
«НОРУОТУҤ САНААТЫНАН САЛАЙТАРАН ҮЛЭЛЭЭ»
Василий Семенович Яковлев-Далан оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ 20-тэн тахса сыл үлэлээбит: Чурапчы оройуонугар 14 сыл, Чурапчы орто оскуолатыгар 12 сыл.
Далан учуутал, педагог быһыытынан уратыта: идэҕэ туһаайар үлэни кыайа тутар; саха оҕотун сахалыы иитэр; үөрэтэр оҕолоро личность быһыытынан көҥүллүк сайдалларын өрө тутан үлэлээбит.
Е.А. Борисов киһи буолуутугар кылааһын салайааччыта В.С.Яковлев-Далан улахан сабыдыалы оҥорбут. Бастакынан, олоххо көрүүнү олохсуппут. Далан үөрэнээччилэрэ үрдүк култууралаах, баай дууһалаах, көҥүл личность буолан тахсалларын өрө тутан үлэлээбит. Иккиһинэн, аҕалыы кыһамньы. Учуутала Василий Семенович үөрэнээччитэ Гошаны оҕо сааһыгар өлөр өлүүттэн быыһаабыт. Үсүһүнэн, олох cуолун булларыы. Егор Афанасьевич учууталын сүбэтинэн Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар механизация факультетыгар үөрэнэ киирбит. Төрдүһүнэн, үтүө доҕор. Далан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үөрэнээччилэрин кытта истиҥник доҕордоспута, ситимин быспатаҕа. Бэсиһинэн, муударай сүбэһит.
Егор Афанасьевич Борисов учуутала В.С. Яковлев-Далан: «Норуотуҥ санаатынан салайтаран үлэлээ», – диэбит кэс тылынан салайтаран олорор, үлэлиир.
БОРИСОВТАР ДЬИЭ КЭРГЭН
Егор Афанасьевич олоҕун доҕоро Прасковья Петровналыын 45 сыл ыал буолан бииргэ олордулар. Икки кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Оҕолоро ытыктанар үлэһиттэр, дьоһун ыаллар.
Егор Афанасьевич төрөппүттэрэ, учууталлара ииппит үөрэхтэринэн, тус бэйэтин холобурунан оҕолорун көҥүл, үтүө санаалаах, үрдүк култууралаах, үлэһит дьон гына иитэн таһаарбыт.
Борисовтар дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, түптээх олох тосхолун маннык арааран көрөллөр: төрөппүт тус холобура улахан суолталаах; кэргэннии дьон тапталлара оҕоҕо көмүскэл; оҕону кыра эрдэҕиттэн этикети ылынар гына үөрэтиэххэ наада; оҕону личность быһыытынан көрүөхтээхпит; итии ас – ыал түптээх олоҕун мэктиэтэ; олоҕу интэриэһинэйдик олоруу тус бэйэҕиттэн тутулуктаах; күтүөккэ, кийииккэ үтүө сыһыан ыал тирэҕэ уонна эрэлэ буоларын өйдүөхтээххин.
Ити курдук биһиги чулуу дьоммут иитиллибит эйгэлэрин чинчийии биһиэхэ олохпутугар туһалаах уонна суолталаах. Мин Егор Афанасьевич Борисов оҕо сааһын, учууталын, дьиэ кэргэнин туһунан үөрэтэн, саҥаны билбитим инники олохпор туһалыа дии саныыбын.
Кэскилээнэ СИВЦЕВА, VIII «Б» кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата
Салайааччы С.И. Еремеева, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала