Аҕалар күннэригэр
Аҕам үтүө үлэһит
Дьоҥҥо куруук сүбэһит,
Аҕабытын таптыыбыт,
Аҕам курдук буолуоҕум!
Аҕалар күннэригэр I-V кылаас аҕаларыгар күрэхтэһии буолла. Араас түһүмэхтэринэн киирсэн, сүрдээх тыҥааһыннаах, долгутуулаах күрэх буолан ааста. Ол курдук, күрэх интеллектуальнай ыйытыыга хоруйдааһынтан саҕаламмыта.
Хамаанданан баскетбол күрэҕэ бэрт сүүрүүлээх-көтүүлээх этэ. Онтон аҕалар скакалкалаан өрө көппүттэрэ. Салгыы аҕалар оҕолорун таҥаһын булан таҥыннарыыга бэрт көхтөөхтүк кыттыбыттара. Онтон мээчик былдьаһыыта оҕолорго, аҕаларга бэрт сытыытык буолбута. Түмүккэ, ох саанан ытыы бэрт долгутуулаахтык ааспыта.
Ол түмүгэр, Геннадий Геннадиевич Готовцев кыыһа Евалыын “Муҥутууур кыайыылаах” буоллулар. Иккис бириистээх миэстэҕэ Филипп Васильевич Захаров уола Витялыын тигистилэр. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Николай Викторович Старков уола Арианныын таҕыстылар.
Оҕолоргутун өйөөн, кэлэн кыттыбыккытыгар, оҕолоргутугар холобур буолбуккутугар аҕаларбытыгар махтал бастыҥа!
Давид Канаев, Н.О. Кривошапкин аатынан
Өймөкөөн орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru