Учууталларбыт бэлиэтээн эппиттэрин курдук, П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыгар хайа да сыллааҕар элбэх устудьуон практикатын барда.
III чиэппэр саҕаланыытыгар биһиги оскуолабытыгар бэйэтин практикатын Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын III куурсун устудьуона Александр Собакин саҕалаабыта. Кини оскуолаҕа эрэ буолбакка, Д.М. Васильев аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр эмиэ практикаланна. Үгүс тымныы күннэр тураннар, төрүт култуура уруогун уонна фольклор куруһуогун дьарыктарын сороҕун интернет ситимин нөҥүө ыытта. Устудьуону оскуолабыт «Күөрэгэй» фольклорнай куруһуогун салайааччыта Лена Егоровна Яковлева сүбэлээн-амалаан илдьэ сырытта.
Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан практикатын түмүктүүр икки чаастан турар дьоро киэһэни ыытта. Бастакы чааһыгар «Муҥха сиэрэ-туома» диэн инсценировканы, иккис чааһыгар нэһилиэк талааннаах дьоно кыттыылаах кэнсиэри туруорда.
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан биир сүрүн аһылыктара балык этэ. Муҥха – саха норуотун үтүө үгэһэ, элбэх дьону түмэ тардар балыктааһын биир улахан көрүҥэ. Инсценировкаҕа саха дьоно хайдах муҥхалаан балык ылалларын сиэрин-туомун толору арыйан көрдөрдүлэр. Нэһилиэкпит аҕам саастаахтара кыттыыны ылан күүс-көмө буоллулар.
Иккис чааһыгар ылбаҕай ырыалаах «Күбэйэ» эбээлэр ансаамбыллара, «Тускулаана» үҥкүү ансаамбыла, биирдиилээн толорооччулар, Олоҥхо күрэхтэрин, ыһыахтарын кыайыылааҕа Анатолий Христофоров, оҕо саадын коллектива, ону таһынан оскуола «Күөрэгэй» фольклорнай бөлөх улахан кыргыттарын толоруулара киирдилэр.
Икки чаастаах тэрээһин кэнниттэн Александр Собакины уонна кини салайааччытын Лена Егоровнаны Яковлеваны көрсөммүн кэпсэттим.
– Лена Егоровна, үтүө киэһэнэн! Бүгүҥҥү тэрээһин туһунан сырдата түһүҥ эрэ.
– Айта, үтүө киэһэнэн! Ийэ тыл, Сурук-бичик күнүгэр аналлаах үчүгэй баҕайы киэһэ буолан ааста. Александр Собакин туруоруутун олус сэҥээрдибит. Кыттааччыта да элбэх, көрөөччүтэ да сааланы толору олордулар. Олуһун диэн үөрдүбүт, сэргэхсийдибит. Саша оҕолору кытта биир тылы була охсон, хас биирдии дьарыгын ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаан ыытар, сүрдээх эппиэтинэстээх, элэккэй, киэҥ көрүүлээх. Инникитин үөрэҕэр үрдүк ситиһиилэри, саха төрүт култууратын өрө тута сылдьарыгар баҕарабыт.
– Махтал, Лена Егоровна!
— Үтүө киэһэнэн, Александр Иванович, бэйэҕитин билиһиннэриэххит дуо?
– Үтүө киэһэнэн! Мин Александр Собакин диэммин, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын III куурсун устудьуона буолабын.
– Биһиги Мырылабытын хантан билэҥҥит кэлбиккитий?
– Мырыланы оҕо эрдэхпиттэн билэбин, аҕам төрөөбүт дойдута. Кинини кытта сүбэлэһэн, бу кэлэн үөрэҕим практикатын аастым.
– Мырыла дьонун-сэргэтин хайдах ылынныҥ?
– Мырыла дьоно-сэргэтэ күүс-көмө, биир сомоҕо буолан, түмүктүүр киэһэбэр үчүгэй баҕайытык кыттыбыттарыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Аҕам дойдута буолан, Мырыланы олус чугастык ылынным. Дьонун-сэргэтин сөбүлээтим. Аҕам дойдута күүс-уох биэрдэ.
– Александр Иванович, маннык сэргэх киэһэни бэлэхтээбиккитигэр махтанабын, үөрэххэр ситиһиилэри, өрө дабайыыны баҕарабын!
Айта ПОПОВА, IX кылаас, Мырыла, Чурапчы.