Аҕа күнүгэр анаммыт тэрээһиҥҥэ оскуолабыт алын сүһүөх кылаастарын аҕалара кэлэн оҕолорун кытта оонньоон, күрэхтэһэн бардылар. Киирии тылы оскуолабыт дириэктэрэ А.С. Матвеев эттэ, эҕэрдэлээтэ.
Төрөппүттэр оҕолорун кытта барыта 8 станциянан сылдьан араас моhоллору туораатылар. «Ааҕыахха» станцияҕа саамай элбэх тылы 3 кылаас үөрэнээччитэ Андрей Макаров аҕатынаан Георгий Николаевичтыын аахтылар. 2 кылаастан Ларион Андреев аҕата Гаврил Андреевичтыын «Кольцеброс» станцияҕа саамай элбэх төгүрүгү сөпкө быраҕан инники түстүлэр. Бу кылаастан Егор аҕатынаан Дмитрий Гаврильевичтыын кубигы хомуйууга түргэн туттунуулаахтарын көрдөрдүлэр.
Суот курэҕэр 1 кылаас үөрэнээччитэ Эльза аҕатынаан Анатолий Леонидовичтыын тэҥнээхтэрин булбатылар. 3 кылаастан Максим аҕатынаан Егор Валерьевичтыын саамай сатабыллаах илиилээхтэрин «Умелые ручки» станцияҕа көрдөрдүлэр. Оҕо хараҕын баайан баран аҕа оҕотугар тылынан быһааран эһэ миискэни дуоскаҕа таҥаллара интэриэһинэйдик көһүннэ. Манна Юрий Александрович уолунаан Алешалыын (1 кылаас) ордук үчүгэйдик өйдөһөллөрүн көрдөрдүлэр. Онтон оҕотун ордук үчүгэйдик билэр аҕанан Семен Андреевич, 4 кылаас үөрэнээччитэ Семен Павлов аҕата, буолла.
Аҕаларга маннык боппуруостар : 1. Оҕоҕут атагын таҥаһын размера хаһый ? 2. Сөбүлүүр предметэ? 3. Төрөөбүт күнэ, ыйа, сыла? 4. Мүнүүтэҕэ хас тылы ааҕарый ? 5. Физкультура уруогун учууталын аата кимий? 6. Сөбүлүүр өҥө? 7. Сөбүлүүр аһа? 8. Сөбүлүүр дьарыга (хобби)? 9. Паартаҕа кимниин олороруй? 10. Улааттагына ханнык идэни баһылыан баҕарарый?
Хас биирдии аҕа анал аат хаһаайына буолла. Оҕолорго, аҕаларга кыайыы мэтээллэрин кэтэртилэр, күрэҕи ыытыспыт үөрэнээччилэргэ туоһу суруктары туттардылар. Түмүккэ оҕолор аҕаларын эҕэрдэлээн хоһоон аахтылар.
Оскуолабыт аҕаларын барыларын Аҕалар күннэринэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит!
А.П. Павлов аатынан Сунтаардааҕы 1-гы нүөмэрдээх оскуола медиа-киинэ.