Мин эрдэ Улахан Ааҥҥа үөрэммитим, билигин интэринээккэ олоробун. Интэринээт олоҕо дьиэ олоҕуттан олус атын, ураты дии санаатым. Манна сүрүн ирдэбилинэн бэрээдэги тутуһуу буолар, оҕолору кытта эйэлээх, иллээх буолуохтааххын.
Интэринээккэ, уопсайа, 32 оҕо олорор. Бу оҕолор араас улуустартан сылдьаллар: Сунтаарт, Алдан, Анаабыр, Булуҥ, Өймөкөөн. Элбэх оҕо Хаҥалас нэһилиэктэриттэн кэлэн үөрэнэ сылдьаллар: Кыһыл Үрүйэ, Чкалов, Улахан Аан, Булгунньахтаах, Дьөппөн.
Мин үс ый олорбут кэммэр үс улахан тэрээһин буолан ааста. Аан бастакы тэрээһин тренинг этэ. Бу күн биһиэхэ психологтар кэлэн оонньуу ыыппыттара. Тэрээһин барыбытыгар олус туһалаах, тоҕо диэтэххэ араас майгылаах оҕолор бииргэ олорон алтыһалларыгар, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннаһалларыгар көмө буолар.
Онтон «Билсиһии киэһэтэ» олус инэриэһинэйдик ааспыта. Биһиги, оҕолор, үс хамаандаҕа арахсан, оонньуу толкуйдаабыппыт, бырайыак оҥорбуппут уонна ону көмүскээбиппит, билсиһиннэрбиппит. Бу тэрээһиҥҥэ бэйэбит санаабытын эппиппит, араас оонньуу бөҕөтүн оонньообуппут, ыллаан-туойан киэһэни олус сэргэхтик атаарбыппыт. Интэринээппит үлэһиттэрэ үс хамаандаҕа биирдии минньигэс торду ууммуттарын бары үөрэ көрсүбүттэрэ. Бу ыытыллыбыт билсиһии киэһэтэ мин саамай сөбүлээбит, умнуллубат тэрээһиним буолбута.
Үһүс тэрээһининэн ийэ күнүгэр аналлаах быыстапка. Бу күн үс хамаанда ийэ күнүгэр аналлаах уруһуйдарын уруһуйдаабыттара, хоһооннору суруйбуттара. Олус үчүгэй быыстапка буолан ааспыта.
Бу тэрээһиннэр кэнниттэн мин маннык санааҕа кэллим. Интэринээт олоҕо быдан атын эбит, оҕолору кытары бииргэ кэпсэтэн, алтыһан олорор олус үчүгэй. Интэринээппит иитээччилэрэ, үлэһиттэрэ олус кыһаллан, биһиэхэ усулуобуйа тэрийэллэр, истиҥник сыһыаннаһаллар. Өссө да маннык сэргэх, интэриэһинэй, туһалаах тэрээһиннэр буолуохтара диэммин эрэнэбин. Бу курдук мин Покровскай интэринээтигэр үөрэ-көтө олоробун.
Аман Еремеев,
И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх оскуолатын
8 «В» кылааһын үөрэнээччитэ, эдкор.