Биһиги гимназиябытыгар “Республика гимназия” правительство оҕо хамсааһынын саҥа президенин Х “Б” кылаас үөрэнээччитин Дайаана Рожинаны уонна “Маарыкчаан кэскилэ” лидерэ 7 “А” кылаас үөрэнээччитэ Нелли Божедонованы кытта көрсөн кэпсэттибит. Бу сылга былааннарын, үлэлэрин-хамнастарын туһунан ыйыталастыбыт.
Дайаана Рожина: “Эрэлгитин түһэн биэриэм суоҕа”
Өйдөтөр-сырдатар үлэни күүскэ ыытыахпыт. Холобур, кыра кылаастарга оонньуу форматын туһаныахха сөп. Улахаттарга дебат, төгүрүк остуол көдьүүстээх буолуох курдук. Инникитин даҕаны туох эмит кыһалҕа таҕыстаҕына бэйэ-бэйэҕэ холобур буолан, бары бииргэ саба түһэн быһаарарга дьулуһуохпут этэ.
– Дайаана, эйигин “Республика Гимназия” президенэ буолбуккунан эҕэрдэлиибит! Бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Улахан махтал! Мин 10 ”Б” кылаас үөрэнэбин. Үҥкүүнэн, сүүрүүнэн дьарыктанабын. Былырыыҥҥыттан «Правительство гимназия» оҕо хамсааһыныгар киирбитим. Чурапчы нэһилиэгин волонтердарын кэккэтигэр баарбын.
– Бу дуоһунаска талыллыам диэн эрэллээх этиҥ дуо?
– Президент буолуом диэн эрэллээх этим. Тоҕо диэтэххэ, оҕолорум уонна чугас дьонум миигин олус өйүүр уонна миэхэкөмөлөһөр этилэр. Бэйэм күүспэр олох саарбахтаабатаҕым. Бу эппиэтинэстээх үлэ буоларын өйдүүбүн. Эһиги эрэлгитин түһэн биэриэм суоҕа.
– Үлэҕин туохтан саҕалыыр былааннааххыный?
– «Правительство Гимназия» оҕо хамсааһынын саҥа састааба талылынна. Кандидат быһыытынан оҥорбут бырагыраамабын олоххо киллэрэр соруктаах былааннанан үлэлиибит.
– Эн санааҕар, гимназияҕа туох кыһалҕа баарый?
– Тирээн турар улахан кыһалҕа суох курдук эрээри, кэнники кэмҥэ бэрээдэк кыратык мөлтөөбүт курдук.
– Бу боппуруоһу быһаарарга тугу гыныахха сөбүй?
– Өйдөтөр-сырдатар үлэни күүскэ ыытыахпыт. Холобур, кыра кылаастарга оонньуу форматын туһаныахха сөп. Улахаттарга дебат, төгүрүк остуол көдьүүстээх буолуох курдук. Инникитин даҕаны туох эмит кыһалҕа таҕыстаҕына бэйэ-бэйэҕэ холобур буолан, бары бииргэ саба түһэн быһаарарга дьулуһуохпут этэ.
– Атын оскуола оҕолоругар гимназиябыт туһунан киэн тутта тугу кэпсиэххиний?
– Атын оскуола оҕолоругар оскуолам хайдах курдук үчүгэй, үтүө санаалаах оҕолордооҕун, учууталлардааҕын туһунан киэн тутта кэпсиэм этэ.
– Оҕолорго, учууталларга баҕа санааҥ.
– Оҕолорго үөрэхтэригэр, сөбүлүүр дьыалаларыгар, учууталларга үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын. Куруутун үөрэ-көтө сылдьыҥ!
Нелли Божедонова: “Сынньалаҥы кытта үлэни дьүөрэлиир былааннаахпын”
Гимназистар бары элбэх доҕоттордоохпут. Сорох оскуолаларга бэйэлэрин уонна параллельнай кылаастарын эрэ кытта кэпсэтэллэр, алтыһаллар. Оттон биһиэхэ “улахан, кыра” диэбэккэ, бары бэйэ-бэйэбитин кытта сатаан кэпсэтэбит, алтыһабыт, доҕордоһобут. Бу биһиги сүрүн уратыбыт.
– Нелли, “Маарыкчаан кэскилэ” лидерэ буолбуккунан эҕэрдэлиибит. Бэйэҥ тускунан кэпсээ?
– Бастатан туран, миигин лидеринэн талбыккытыгар истиҥник махтанабын. Мин VII “А” кылаас туйгун үөрэнээччитэбин. Оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьарбын сөбүлүүбүн. Сыалбын-сорукпун ситиһэргэ кыһаллабын. Дьиэ кэргэммэр улаханнарабын. Икки балтылаахпын, биир бырааттаахпын. Волейбол секциятыгар, ырыа куруһуогар сылдьабын
– Лидеринэн талыллыам диэн эрэнэр этин дуо?
– Дьиҥэ кыайыам диэн улахан эрэллээх этим. Гимназия иһинэн элбэх доҕоттордоохпун. Ол гынан баран биирдэ эмит долгуйан ылааччым “арай мин буолуом суоҕа” диэммин. Оннук түгэннэргэ бииргэ үөрэнэр доҕотторум “эн хайаан да буолаҕын” диэннэр эрэлим күүһүрбүтэ. Дебакка наһаа долгуйбутум эрээри ыйытыыларга хоруйдааммын, барыта этэҥҥэ ааспыта.
– Үлэҕин туохтан саҕалаан эрэҕиний?
– Аан бастаан кылааһым холобур буолар бастыҥ кылаастартан биирдэстэрэ буоларын курдук үлэлэһэ сатыаҕым. Ол кэннэ былааннарбын олоххо киллэрэргэ кыһаллыам.
– Туохха ордук болҕомто уурар былааннааххыный?
– Биһиги гимназиябытыгар элбэх талааннаах оҕолор бааллар. Кинилэр дьоҕурдарын, талааннарын сайыннарарга араас тэрээһиннэри ыытыахпын баҕарабын. Араас тематическай бырааһынньыктары сэргэ доруобуйа күннэрин. Холобур, Доруобуйа күнүгэр хас күн аайы дьуһуурунай кылаастар сынньалаҥ кэмигэр фойеҕа эбэтэр спорт саалатыгар сэрээккэ оҥоттороллор. Өссө киинэ киэһэлэрин, үҥкүү биэчэрдэрин тэрийиэхпин баҕарабын. Уопсайынан, сынньалаҥы кытта үлэни дьүөрэлиир былааннаахпын. Ону таһынан оҕолор тэрээһин тэрийиитигэр сонун идеяларын олоххо киллэрэр туһугар үлэлэһиэхпит.
– Нелли, эн санааҕар, биһиги гимназиябыт туох уратылааҕый?
– Гимназистар бары элбэх доҕоттордоохпут. Сорох оскуолаларга бэйэлэрин уонна параллельнай кылаастарын эрэ кытта кэпсэтэллэр, алтыһаллар. Оттон биһиэхэ “улахан, кыра” диэбэккэ, бары бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэбит, алтыһабыт, доҕордоһобут. Бу биһиги сүрүн уратыбыт.
– Оҕолорго, учууталларга баҕа санааҥ.
– Үчүгэй үөрэҕи, ситиһиилээх үлэни. Туохтан да аккаастаммакка барытыгар кыттыһан, көмөлөһөн иһиэххэ, бэйэ-бэйэбитин кытта эйэлээх буолуохха.
Сайаана СИДОРОВА, Инна ПЕРМЯКОВА, Х кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията